Бүгүн, сэтинньи 10 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын дьиэтигэр өркөн өйдөөх, киэн билиилээх улуус салайааччылара «Дапсы дьыктаанын» суруйдулар.
Санатар буоллахха О.Д. Федорова аатынан киин модельнай бибилэтиэкэ тэрийиитинэн 2022 сылтан улуус үрдүнэн “Дапсы дьыктаана” сыл ахсын ыытыллар.
Дьыктааны уопсайа 38 киһи суруйбутуттан 17-тэ туйгун сыанаҕа суруйда.
Эһиил Дапсы 90 сааһын туолар үбүлүөйдээх сылыгар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллара күүтүллэр.
Саха буолан сандаарыах, киһи буолан килбэйиэх!













