Главная / Библионовости / «А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй нэһилиэстибэтэ уонна үүнэр көлүөнэ» конференция

«А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй нэһилиэстибэтэ уонна үүнэр көлүөнэ» конференция

Сэтинньи 14 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Оҥхой нэһилиэгэр Аһыкай Сайылыгар А.Е. Кулаковскай –Өксөкүлээх Өлөксөй, кулуба Кривогорницын С.А. тэрийбит ыһыаҕар  сэргэ туруорбута 120 сылын туолуутугар билим регионнааҕы конферецията ыытылынна. Конференция Олоҥхо декадатын иитинэн ыытылынна. Улуус киинигэр Олоҥхо дьиэтигэр култуура, үөрэх тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ, оҕолор, прикладной искусство маастардара уонна да атын интэриэстээх дьон хото муһуннулар.

Өксөкүлээххэ анаммыт научно-практическай конференцияҕа барыта 54 дакылаат ааҕылынна. Оскуола оҕолорун бастыҥ дакылааттарыгар ХИФУ ректора илии баттааһыннаах дипломнар туттарылыннылар.

О.Д.Федорова аатынан киин модельнай библиотека «А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй нэһилиэстибэтэ уонна үүнэр көлүөнэ» диэн конференция I олугун үлэтин тэрийэн ыытта. Барыта 16 дакылаатынан кытыннылар.

Секция үлэтин олус сатабыллаахтык М.К. Аммосов аатынан ХИФУ А.Е. Кулаковскай институтун научнай сотруднига, педагогическай наука кандидата Дарбасова Светлана Дмитриевна иилээн-саҕалаан ыытта. Хас биирдии дакылааты болҕойон  сүбэ-соргу анаан, истээччилэргэ да олус интэриэһинэй буолла. Кини салайыытынан буолбут секциябыт үлэтэ сарсыарда 11.00 чаастан киэһэ 17.00 чааска биир тыынынан ыытылынна.

Секция үлэтигэр Кулаковская Лариса Реасовна, А.Е. Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ, Россия уопсай үөрэхтээһинин туйгуна, норуот дипломата, «Европа ыһыаҕа» уонна «Санаа ситимэ» норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыактар ааптардара уонна салайааччылара, «Мэҥэ өйдөбүл» федеральнай партийнай бырайыак иһинэн «Духуобунай нэһилиэстибэ» хайысха салайааччыта кыттыыны ылла, истиҥ тылларын анаата.

Дакылааттар бары даҕаны олус кэрэхсэбиллээхтэр, истэн олорор дьон сэргээн иһиттилэр, сэҥээрдилэр. Ол курдук Абрахова Павла Валерьевна, Ю.Н. Прокопьев аатынан 3 № орто оскуола историяҕа  учуутала. «Өксөкүлээх Өлөксөй Баай Батаакабы кытары доҕордоһуулара», Семенова Евдокия  Павловна, Исидор Барахов аатынан судаарыстыбаннай түмэл специалиһа «Үөрэтээччи уонна Үөрэнээччи диэн таһым бастыҥ, уһулуччулаах холобурдара» А.Е. Кулаковскай уонна Исидор Барахов тус сыһыаннарын туһунан, Николаева Лина, Харбалаах оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Өксөкүлээх Өлөксөй «Василий Фомич Артамонов», «Түүллээх оҕонньор» хоһооннорун устуоруйатыттан, айымньылары ырытыытын, Степанов Сергей, Ороһу оскуолататын 8 кылаас үөрэнээччитэ, салайааччыта Осипова Сардаана Алексеевна Өксөкүлээх айымньыларыгар «Эт-сиин чаастара уонна бит-билгэ», Иванов Ян, Ксенофонтов Тимур Сургуулук орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччилэрэ «А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй тыл үөрэхтээҕэ, учуонай», Семенов Ярослав, Оҥхой оскуолатын 9 кылаас үөрэнээччитэ, салайааччыта Илларионова   Марина Гаврильевна «Өксөкүлээх Өлөксөй Аһыкай алааһыгар умнуллубат сырыыта», Отов Герман Егорович «Үс кут-Үс сэргэ» республиканскай түмсүү үлэтин туһунан, Тебенева Мария Семеновна, педагогическай үлэ ветерана  «Өксөкүлээх Өлөксөй сэрии туһунан толкуйа» диэн «Ойуун түүлэ» айымньытынан ырытыы оҥорбуттара сэҥээриини ылла.

Туспа тутан Тимофеев Анатолий Спиридонович,  «Өксөкүлээх тэрээһиннэригэр айылҕа дьиктилэрэ», Таркаев Анатолий Саввич, Өксөкүлээх сэргэлэрин чөлүгэр түһэриигэ үлэлээбит, Таркай уус династиятын утумнааччы  кэпсээннэрин сөҕө иһиттилэр. Нам модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ Уруйдаана Юрьевна Саввинова «Кривогорницын диэн кимий?» диэн чинчийбит үлэтин кинигэнэн таһаарарыгар этии оҥоһулунна. Аһыкай кулубата Семен Александрович Кривогорницын 1905 с. ыспыт ыһыаҕар ыҥырыылаах ыалдьыт А.Е.Кулаковскай кэлэн Үс сэргэни туруорбута, быйыл 2025 сылга, 120 сылын туолла.