Главная / Библионовости / “БУОЙУН БӨҔӨС НИКИТА КОНСТАНТИНОВИЧ ДОКТОРОВ – БЫЧЫРДААН” саҥа дьоһун кинигэ сүрэхтэниитэ 

“БУОЙУН БӨҔӨС НИКИТА КОНСТАНТИНОВИЧ ДОКТОРОВ – БЫЧЫРДААН” саҥа дьоһун кинигэ сүрэхтэниитэ 


Сэтинньи 19 күнүгэр О.Д. Федорова аатынан Киин модельнай библиотекаҕа “БУОЙУН БӨҔӨС НИКИТА КОНСТАНТИНОВИЧ ДОКТОРОВ – БЫЧЫРДААН” саҥа дьоһун кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. 

Никита Константинович Докторов – Бычырдаан Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Саха АССР  спордун бочуоттаах маастара, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Балаҕаннаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, 20-с үйэ спорка лауреата, улуу хапсаҕайдьыт, Аҕа дойду Улуу сэриитин бастакы степеннээх, “Кыһыл сулус” уордьаннар, “Германияны кыайыы”, “За оборону Москвы”, “Тыылга килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээллэр кавалера, сахалартан бастакынан снайпер нуорматын толорбут (Ворошиловский стрелок), СӨ Үрдүкү Сэбиэтин, СӨ Президеннэрин уо.д.а. грамоталарынан наҕараадаламмыт сүдү киһибит буолар. 

Кинигэҕэ Никита Константинович олоҕун туһунан чугас аймахтарын, билэр дьоннорун ахтыылара киирдилэр. Кинигэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар, хомуйан оҥордо Наталья Никитична Докторова, Никита Константинович кыыһа. 

Кинигэ сүрэхтэниитин иилээн ыытта улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иван Егорович Чычахов, тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар Экономикаҕа уонна үпкэ улуус баһылыгын солбуйааччы Марфа Викторовна Игнатьева, Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыга Степан Иванович Дмитриев, Нам нэһилиэгин баһылыга Александр Иннокентьевич Кардашевский, Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин дьаһалтатын аппаратын салайааччыта Василий Тихонович Петров, улууска спорт управлениетын кэллэктиибэ уонна спорду сэҥээрээччилэр. 

Тэрээһиҥҥэ библиотека архыыбыттан Никита Константинович интервьютун быһа тардыытын көрдүлэр,  куйаар ситиминэн Дьокуускай куораттан быһа холбоннулар, үтүө тылынан ахтан-санаан, саһарбыт хаартыскалары, араас кэмнээҕи хаһыат ыстатыйаларын, кинигэлэри көрөн, уруккуну-хойуккуну сэһэргэһэн, саҥа тахсыбыт кинигэни тутан астынан тарҕастылар. 

Үбүлүөйдээх сылбытыгар бу кинигэ бэртээхэй бэлэх буолла.