Главная / Библионовости / Сэтинньи 25 күнүгэр О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо дьыктаанын суруйдулар

Сэтинньи 25 күнүгэр О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо дьыктаанын суруйдулар

Акция, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар, Олоҥхо декадатын чэрчитигэр киирэр тэрээһин буолар.

ДЬЫКТААН БАЛАҺЫАННЬАТА:
Олоҥхо дьыктаанын ыытыы сыала-соруга нэһилиэнньэ киэҥ араҥатыгар ананар:

  • олоҥхо тылын-өһүн иҥэринии;
  • олоҥхо тылын билиини чиҥэтии;
  • олоҥхо туһунан билиини кэҥэтии;
  • төрөөбүт тылынан таба суруйар таһымы үрдэтии;
  • сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарыы..

Дьыктааны сааһыттан, идэтиттэн уонна үөрэҕиттэн тутулуга суох баҕалаах барыта суруйар.М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо научнай-чинчийэр института улахан дьоҥҥо 200–250 тыллаах дьыктаан тиэкиһин, онтон үөрэнээччилэргэ тургутук-дьыктааны – СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ бэлэмнээтилэр. Үөрэнээччилэр 5-7, 8-11 кылаастарынан икки бөлөҕүнэн толороллор. Оскуола оҕолоругар дьыктаан тургутук быһыытынан СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин Олоҥхо сайтыгар анал платформаҕа сэтинньи 24-28 күннэригэр онлайн ыытыллар (https://olonkho.nlrs.ru/).
Ахсынньы 5 күнүгэр, СӨ судаарыстыбаннай циркэтигэр, Олоҥхо декадатын түмүктүүр үөрүүлээх чааһыгар, элбэх кыттааччылаах улуустар уонна оскуолалар Добун суругунан наҕараадаланаллар.
Дьыктаан түмүгэ ахсынньы 5 күнүгэр СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин сайтыгар тахсар

Үөһээ Бүлүү киин модельнай библиотекатыгар Олоҥхо дьыктаанын суруйтарда СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, методист-учуутал, биһиги эрэллээх ааҕааччыбыт, көмөлөһөөччү-волонтёрбут Наталья Васильевна Чуручанова.
Дьыктааны суруйтарыан иннинэ Наталья Васильевна олоҥхоттон быһа тардыыны иһитиннэрдэ.

Дьыктааҥҥа сурук бэлиэтэ көрүллүбэт, тылы таба суруйуу хоһоон да, кэпсээн да халыыптарынан суруллар.
Кыттыыны ыллылар нэһилиэк олохтоохторо уонна Үөһээ Бүлүү техникумун устудьуоннара. Туйгун сыанаҕа суруйдулар:

  1. Азаров Радомир Альбертович
  2. ⁠Андреева Вера Афанасьевна
  3. ⁠Буртахова Евдокия Ивановна
  4. ⁠Васильева Мария Прокопьевна
  5. ⁠Долгаева Екатерина Петровна
  6. ⁠Долгунова Капиталина Егоровна
  7. ⁠Дярикова Люлия Юрьевна
  8. ⁠Егорова Галина Алексеевна
  9. ⁠Иванова Сусанна Иннокентьевна
  10. ⁠Константинова Анастасия Максимовна
  11. ⁠Корякина Лияна Сергеевна
  12. ⁠Михайлова Моника Александровна
  13. ⁠Николаева Кэрэчээнэ Софроновна
  14. ⁠Саввинова Уруйдаана Юрьевна
  15. ⁠Семёнов Михаил Гаврильевич
  16. ⁠Семёнова Кристина Афанасьевна
  17. ⁠Сүдү Дойду уола Дьулусхаан Баппаҕай