Хас биирдии киһи күөх окко оройунан түһэригэр туох эмит талааннаах төрүүр. Олоххо элбэҕи ситиһэн, дьоҥҥор-сэргэҕэр туһалааҕы оҥорон, кэннигэр хаалар кэнчээри ыччаттарданан, дьиэ-уот туттан, үлэһит, сэмэй киһи диэн өйдөбүлү иҥэрэн бу орто дойдуттан күрэннэххинэ – эн дьоллоох киһи дэниэҥ. Бүгүн О.Д.Федорова аатынан киин библиотекаҕа дьон-сэргэ дириҥ сыанабылын, муҥура суох махталын ылбыт Саха АССР хапсаҕайга, көҥүл тустууга Үөһээ Бүлүүттэн бастакы ССРС спордун маастара, СӨ физкультураҕа уонна спортка туйгуна, СӨ үөрэхтээһиҥҥэ уонна культураҕа туйгуна, учууталлар Учууталлара, СӨ Бочуоттаах бэтэрээнэ, Үөһээ Бүлүү улууһун, сэлиэнньэтин уонна Ороһу, Боотулуу, Маҥаас, Нам нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо, тренер, оһуохай этээччи, тойуксут, хоһоонньут Николай Павлович Корякин – Уран Ньукулайы ахтан-санаан ааһар ытык иэстээхпит. Кини төрөөбүтэ 85 сылыгар аналлаах «Ыра санаам ырыа буоллун…» диэн ааттаах дьиэтээҕи библиотекатыгар мунньубут кинигэлэринэн быыстапка арылынна. Бу быыстапкаҕа кини мунньубут кинигэлэрэ, хаартыскаҕа түһэриилэрэ турдулар.
Сэдэх быыстапка Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын социальнай хайысхаҕа уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр солбуйааччы Анна Михайловна Уларова эҕэрдэ тылынан арылынна.
Николай Павлович үөрэх, култуура уонна успуорт эйгэтигэр үгүс дьоннуун алтыһан үлэлээбитэ. Кинини кытта алтыспыт дьоно-сэргэтэ, аймахтара, бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрэ уонна тэрилтэ салайааччылара кэлэн үтүө тылынан ахтан-санаан ыллылар.
Дьоҥҥо-сэргэҕэ, оҕотуттан саҕалаан аҕам саастаах дьоҥҥо тиийэ истиҥ-иһирэх майгылаах, куруук күлэ-үөрэ сылдьар, эдэр ыччаттарга үтүө сүбэһит, куруук сүбэлиир-амалыыр кэрэ киһи этэ. Николай Павлович улууспут олохтоохторугар умнуллубат сырдык өйдөбүл буолан хаалыаҕа, хас биирдии ойон тахсар күҥҥэ эрэллээхтик, чиҥник үктэнэрбитигэр кэрэ киһибит сырдык мөссүөнүн өрүү өйдүү-саныы сылдьыахпыт.






