Бүгүн, олунньу 12 күнүгэр, Саха норуотун сайдыытыгар сүдү кылааты киллэрбит, биллиилээх сэбиэскэй судаарыстыбаннай диэйэтэл Исидор Никифорович Барахов төрөөбүтэ 128 сылын бэлиэтиир кэрэ-бэлиэ күн! Бу үрдүк суолталаах түгэҥҥэ анаан, кини сырдык аатын үйэтитэр “УМНУЛЛУБАТ ААТ: Барахов Исидор Никифорович” диэн саҥа кинигэ дьоро сүрэхтэниитэ буолла.
Бу дьоһуннаах кинигэҕэ Исидор Никифорович Барахов Саха норуотун дьылҕата ыйааһыҥҥа турар, уустук кэмигэр ылыммыт соргулаах, кыайыылаах быһаарыныыларын, кылгас да буоллар, дьоһуннаах олоҕун сүрүн түгэннэрин толору арыйар. Кинигэ ааптара, СӨ култууратын туйгуна, Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Светлана Даниловна Копыленко, Исидор Никифорович олоҕун суолун, үлэтин, кини саха норуотун иннигэр оҥорбут үтүөлэрин дириҥник чинчийэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ тириэрдэр соруктаах суруйбут.
Кинигэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар, Дьокуускай куоракка 520 экземплярдаах тираж тахсан, биир дойдулаахтарбыт уонна историяны сэҥээрээччилэр илиилэригэр тигинээн тиийдэ.
Кинигэ сүрэхтэниитин үөрүүлээх тэрээһинин СӨ култууратын туйгуна, И.Н. Барахов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын музейын сүрүннүүр үлэһитэ Семенова Евдокия Павловна ыытта.
Кинигэ тахсыбытынан эҕэрдэлээн биһирэбил тыл эттилэр:
- Үөһээ Бүлүү улууһун муниципальнай оройуон баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Анна Михайловна Уларова;
- Харбалаах нэһилиэгин баһылыга Константин Данилович Платонов.
Тэрээһин түмүгэр, кэлбит ыалдьыттары долгутан, Анна Петровна Иванова толорбут “Барахов” диэн ырыата барыбытын сүһүөхпүтүгэр туруорда, сүргэбитин көтөхтө.
Бу кинигэ – Исидор Никифорович Барахов аатын үйэтитэр сүдү кылаат буолан, кэнэҕэски ыччакка бэриллиэҕэ!








