Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр анаммыт Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сахалыы дьыктаан” киин библиотекаҕа ыытылынна.
Быйылгы, 2026 сыл, Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтигэр Култуура сылынан биллэриллибитэ. Бу бэлиэ сылга уонна Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр анаан, 2014 сылтан үгэскэ кубулуйбут “Сахалыы дьыктаан” аахсыйа быйыл 12-с төгүлүн үрдүк таһымҥа ыытылынна. Бу дьоһун тэрээһини Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбүрсүтүөт уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай библиотека бииргэ тэрийэн, Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн киэҥ далааһыннаахтык ыытыллар. Биһиги библиотекабыт бу акцияҕа сыл ахсын көхтөөх кыттыыны ылар.
Быйылгы дьыктаан тиэкиһэ Саха норуодунай суруйааччыта Дмитрий Кононович Сивцев – Суорун Омоллоон “Чүөчээски” кэпсээниттэн сэргэх быһа тардыы буолла. Тиэкиһи Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй университет саха тылын кафедратын үлэһиттэрэ бэлэмнээтилэр, саха тылын баайын уонна грамматикатын чуолкайдык көрдөрөр гына таллылар.
Быйылгы Култуура сылыгар сирдэтэн, дьыктааны култуура эйгэтин үлэһиттэрэ ураты болҕомтолоохтук суруйдулар. Ону сэргэ, бэйэлэрин саха тылын билиитин бэрэбиэркэлэниэн баҕарар Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин олохтоохторо киэҥ суолталаах аахсыйаҕа көхтөөхтүк кытыннылар. Дьыктаан кэмигэр дьон үксэ тылбыт кэрэтин, тылбыт уйгутун өссө дириҥник билэригэр үтүө кыах буолла.
Дьыктааны чуолкайдык уонна истээччигэ тиийимтиэ гына Анатолий Валериевич Иванов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Николай Бойлохов аатынан оҕо искусство оскуолатын директора, суруттарда. Кини саха тылыгар бэриниилээх сыһыана, чуолкай саҥата тэрээһин таһымын өссө үрдэттэ.
Бу тэрээһин төрөөбүт тылбыт кэскилэ үйэлэргэ салҕанарыгар, чөлүнэн хааларыгар уонна кэнчээри ыччаппыт өйүгэр-санаатыгар сахалыы тыын иҥэринэн улаатарыгар биир сүрүн тирэх уонна олук буолар.
Махталбыт бары кыттыбыт дьоҥҥо-сэргэҕэ тиийдин!




