Главная / Библионовости / “Сахалыы дьыктаан” тэрээһин түмүгэ

“Сахалыы дьыктаан” тэрээһин түмүгэ

2026 сыл Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтигэр Культура сылынан биллэриллибитинэн, Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр анаан ыытыллар тэрээһиннэр чэрчилэринэн, олунньу 14 күнүгэр О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сахалыы дьыктаан” аахсыйа үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Бу тэрээһин Саха тылын харыстабылыгар, сайдыытыгар уонна кэнчээри ыччакка бэриллэригэр улахан суолталаах.

Дьыктааны суруйарга анаан Саха норуодунай суруйааччыта Дмитрий Кононович Сивцев – Суорун Омоллоон “Чүөчээски” кэпсээниттэн сэргэх быһа тардыы ылылынна. Бу тиэкис саха тылын баайын, кэрэтин уонна этигэн күүһүн толору арыйар.

Тэрээһиҥҥэ култуура эйгэтин үлэһиттэрэ эрэ буолбакка, саха тылын таптааччы, Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин олохтоохторо бары биир сомоҕо буолан көхтөөхтүк кытыннылар. Саха тылын чуолкайдык, этигэнник СӨ култууратын туйгуна, Николай Бойлохов аатынан оҕо искусство оскуолатын директора Анатолий Валериевич Иванов суруттарбыта, тэрээһин үрдүк таһымын өссө үрдэттэ.

Дьыктаан түмүгүнэн, саха тылын таба суруйууну баһылаабыт, сурук-бичик номоҕун тутуһар бастыҥ суруксуттарбыт чуолкайданнылар. Кинилэр дьыктааны суруйууга көхтөөхтүк кыттан, саха тылын сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрдилэр.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сахалыы дьыктаан” түмүгэ:

🥇 Бастыҥтан бастыҥ суруксуттар:

  • Иванова Сусанна Иннокентьевна
  • Иванова Наталья Николаевна
  • Акимова Александра Васильевна

🥈 Бастыҥ суруксуттар:

  • Ильина Ефросинья Петровна
  • Долгунова Капитолина Егоровна
  • Андреева Сардана Егоровна
  • Долгаева Екатерина Петровна
  • Шестакова Варвара Петровна
  • Миронова Вера Вильгельмовна
  • Данилова Анастасия Александровна

🥉 Үчүгэй суруксуттар:

  • Николаева Кэрэчээнэ Софроновна
  • Чиряева Уйгулаана Анатольевна
  • Константинова Анастасия Максимовна
  • Семенова Валентина Васильевна
  • Буртахова Евдокия Ивановна
  • Васильева Мария Степановна
  • Горохова Зинаида Максимовна
  • Степанова Розалия Петровна
  • Саввинова Галина Афанасьевна
  • Баппаҕай Уола Дьулусхаан Баппаҕай

Бары кыттыбыт дьоҥҥо-сэргэҕэ уонна кыайыылаахтарбытыгар истиҥник эҕэрдэлиибит!
Биһиги тылбыт – биһиги кэскилбит! Саха тыла үйэлэргэ умнуллубат үтүө үгэс буолан, кэнэҕэски ыччакка бэриллиэҕэ!

Төрөөбүт тылбыт өрүү чөлүнэн, кэрэтинэн дьиэрэйэ турдун! Уруй-айхал Сахабыт тылыгар!