Ааҕааччыларга
“Поэт тыл сындалан сыратын
Билбэт буолуо”, – диэн этимэҥ.
“Муза кыыһар сарыал кынатын
Өлүү оҕо тапта!” – диэмэҥ.
Поэт буолар дьоллоох ыранан
Үйэбин, олохпун ыытыам,
Өлбөт-сүппэт кэрэ тылланан
Мин да туналыйа сырдыам.
1942 сыл.
ДААДАРГА
Григорий Поскачин
Килбиэннээх ыллыкка
Киллэрсэн биэрбиккэр,
Сандаарар сырдыкка
Салайсан испиккэр –
Тэбиэлиир сүрэхтэн,
Тэтимнээх сүһүөхтэн –
Эйиэхэ, бэйиэккэ,
Эрчимнээх эҕэрдэ.
Поскачин Г. Айылҕа уһуктуута: [хоһооннор] /хомуйан оҥордо В. Т. Сивцев.- Якутск, 1994.- С. 18.
Поэт Федор Григорьевич Винокуров-Даадар родился 19 Февраля 1911 г. в 3-м Баягантайском наслеге Таттинского улуса (ныне Томпонского).
Детство поэта прошло в тихой местности, расположенной на зарастающей травой речушке Даадар. С молоком матери мальчик впитал любовь к родному краю, его березовым рощам. Название родной речки впоследствии стало его псевдонимом.
По воспоминаниям друзей, свои первые стихи Федор написал, будучи еще школьником. В своих стихах он вдохновенно воспевал родную речку, редкой красоты озеро Кюндэ, могучий полноводный Алдан. После окончания в 1928 г. 7-классной Крест-Хальджайской школы работал в наслежном Совете письмоводителем. Позже окончил Якут¬ский сельскохозяйственный техникум.
В 1930 г. в газете «Эдэр бассабыык» было напечатано стихотворение Ф. Винокурова о молодежи. С этих пор начинается вхождение молодого поэта в мир якутской литературы. В 1935 г. вышел первый сборник стихов Даадара «Первые шаги». Его стихи печатались на страницах журнала “Кыһыл ыллык”, газет «Кыым», «Эдэр бассабыык», «Бэлэм буол».
В 1931 г., когда Ф. Винокуров работал ответственным секретарем газеты “Кыым”, правительство ЯАССР командировало его в г. Вилюйск для сбора материалов о Гражданской войне. Здесь он становится преподавателем якутского языка и литературы педагогического техникума им. Н. Г. Чернышевского. Именно в Вилюйске прошли молодые, самые счастливые годы Федора Винокурова-Даадара. Здесь, в Вилюйске, писалось ему легко, радостно и он создал свои лучшие стихи. В 1933 г. по приглашению Народного комиссариата просвещения ЯАССР становится преподавателем до¬рожно-строительного техникума. Затем работал в Якутском педрабфаке, учителем в Таттинском районе.
В 1935 г. по представлению Платона Ойунского Ф. Г. Винокурова назначают ответственным секретарем Союза писателей. На этой работе он показал себя старательным и инициативным работником. В эти годы близко познакомился и подружился с Платоном Ойунским и Анемподистом Софроновым, зачинателями якутской литературы.
Наступили суровые 1937-1939 годы. Многие талантливые писатели, известные ученые, советские и партийные работники пали жертвами повальных репрессий. Тяжелая участь преследований не обошла стороной и талантливого молодого поэта, надежду якутской поэзии. Как только разнеслась весть об аресте Платона Ойунского, Даадара сняли с работы, пытались обвинить в измене родине.
До 1941 г. Даадар работал преподавателем якутского языка и литературы в Якутском педтехникуме, заведующим начальной школы в Кобяйском районе. С августа 1941 года до самой смерти в 1949 г. он работал учителем в школах Горного района.
В марте 1949 г. из-за тяжелой болезни был вынужден уйти с работы. Мечтал вернуться в родной Крест-Хальджай подышать родным воздухом и подлечиться, но этой мечте не суждено было сбыться. 12 июня 1949 г. жизнь Ф. Винокурова оборвалась в г. Якутске. Ему было всего 38 лет…
Даадар — автор эпических поэм «Победивший смерть», «Великое зарево». В этих произведениях он показал жизнь якутского народа, воспел родной край. Его лучшие стихи «Мин ыллыам» (Я спою»), «Ол хонуктар суохтар» («Нет более тех дней»), «Кэрэтиэн хотугу сирим» («Прекрасен мой северный край») и другие вошли в «Антологию якутской поэзии», изданную в 1968 г.
Много стихов он написал для детей, также пробовал свои силы в прозе и драматургии. К 70-летию поэта благодаря фольклористу П. Н. Попову, а также помощи земляка, критика Г.С.Сыромятникова и поэта С. И. Тарасова, ученика Даадара, был издан сборник произведений Ф. Винокурова-Даадара “Ыра санаа кыната («Крылья мечты») Якутским книжным издательством.
Томпонский улус (район): история, культура, фольклор.- Якутск: Бичик, 2007.- С. 209-210.- (Улусы Республики Саха (Якутия).
Федор Григорьевич Винокуров-Даадар
Томпоҕо Даадар (ол аата бүүчээн) диэн ааттаах кылыгырас уулаах кыра үрэх баар. Бу үрэх аатынан ааттаммыт, бэйэтин кэмигэр балачча биллибит, П. А. Ойуунускай төрүттээбит Суруйааччыларын союһугар эппиэттиир секретарынан үлэлии сылдьыбыт Федор Григорьевич Винокуров Саха сиригэр саҕаламмыт саҥа үйэ бары тэрээһиннэригэр эдэр киһи быһыытынан эрчимнээхтик кыттыбыта – улуус исполкомугар үлэлээбитэ, тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрбитэ, “Кыым” хаһыат эппиэттиир сөкретарынан, учууталынан, Ойуунускай убайыгар итэҕэллээх киһи буолан, Суруйааччылар союзтарын тэрийсибитэ, эппиэттиир секретарынан үлэлээбитэ. Бүлүүгэ уонна Горнайга литературнай куруһуок аһан, айар ыччаты көҕүлээбитэ. Ити улуустартан биллэр-көстөр суруйааччылар тахсыбыттара. Ол эрээри сымыйанан балыллыы ыар тыынын, репрессияны, эмиэ билбитэ. Ол да буоллар, хоһоонноруттан көрдөххө, санаата тостубакка, айа-тута сылдьыбыта киэҥ көҕүстээҕин, үүнэр-сайдар кыахтааҕын туоһулуур. Бастакы кинигэтэ “Маҥнайгы хардыы” 1934 с. тахсыбыта. Ити сыл кини ССРС Суруйааччылар союһун чилиэнинэн ылыллыбыта.
Даадар сырдык аатын, айымньытын тириэрдэргэ фольклорист, юрист П. Н. Попов-Ачыкы Бүөтүр өр сыл туруулаһан, 1981 с. поэт Савва Тарасовтыын “Ыра санаа кыната” диэн кинигэтин киирии тыллаан күн сирин көрдөрбүттэрэ.
Даадар поэт литератураҕа биир бастакынан төрөөбүт өрүһүн Алданы хоһуйбут киһи буолар.
Н. Е. Винокуров-Урсун,
Россия Суруйааччыларын союһун чилиэнэ, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ.
Винокуров Ф. Г.-Даадар. Мин ыллыам: хоһооннор /Н. Е. Винокуров-Урсун хомуйан оҥордо, бэчээккэ бэлэмнээтэ.- Дьокуускай: Бичик, 2006.- С. 3-4.
Винокуров Ф. Г.-Даадар тыл этиилэрэ, суруктара
Саха сирин суруйааччыларын I-гы конференцияларыгар
Табаарыстар, Новиков В. М. саха поэзиятын туһунан дакылаата суруйааччылар айар литературнай долгуннаах суолга үктэнэллэригэр, Саха сиринээҕи советскай суруйааччылар айанныыр суолларын ыйааччылартан бу дакылаат биирдэстэрэ буоларын бэлиэтиэххэ сөп.
Табаарыстар, Саха сирэ ыраахтааҕы баар бириэмэтигэр үйэлэр усталарын тухары мууһунан-хаарынан бүрүллэн турбут, тымныы кыраай тайҕа эбит буоллаҕына, кини революция дьигиһийэр уот буурҕатын эрэ кэнниттэн дьоллоох олоҕун туппута, Октябрь эрэ кэнниттэн үөрэҕи, сырдыгы булбута.
Табаарыстар, революция уот кутаатын былдьаһыктаах гражданскай сэриитин бириэмэтигэр мууһунан, хаарынан бүрүллэн, муҥура суох сууланан сыппыт Саха сириттэн революционнай буурҕа тойуксутун хатан чуор куоластаах Саха автономиятын төрүттээбит П. А. Ойуунускайы ылбыппыт. Кини Октябрь кутталлаах уот биһилэҕиттэн буурҕаны туойа-ыллыы кэлбитэ. Кини эрэйдээх-муҥнаах ыарахан ынчык, сор олохтоох саха дьадаҥы норуотуттан көҥүл тыыны, баай кылааһын утары дорҕоонноох куолаһынан охсуспута, кини үлэһит норуот дьыалатын иннигэр батталлаах баайдыын саанан-саадаҕынан охсуспута.
Биһиги билэбит, кэнники бириэмэҕэ эмиэ дорҕоонноох куоластаахтар, чуор-хатан ырыалаахтар үөскээбиттэрин.
Уурастыырап «Коммунист Сэмэнэ» уонна «Партизан Хабырыыһа» саҥа үөскээбит поэмалар, Эллэй «Туругурдун көҥүл күөх саас» уонна «Кыһыл Армия музейыгар» диэн поэмалара үөскээбиттэрэ. Чиряев «Саһыл Сыһыы» диэн гражданскай сэрии остуоруйатыттан поэмата эмиэ улахан күндү бэлэх буолар. Мординов «Колонияттан коммунаҕа» диэн уонна Ефремов «Ини-бии» диэн драмалара Саха сиринээҕи үлэлээн иитиллээччи трудовой маассаҕа биллэр-көстөр айыылар буолаллар.
Биһиги суруйааччыларбыт охсуһуулаах, араллааннаах модун үйэҕэ төрөөбүттэрэ. Кинилэр үлэлэрэ, музыкалыы чуор куоластара, дорҕоонноох литературнай үлэлэрэ кэнэҕэски, этиэхтэн толору дьоллоох үйэҕэ биллэригэр, бу үлэлэр-хамнастар суруйааччылар үүнэр-сайдар бэлиэлэрэ диэхпин баҕарабын.
Табаарыстар, бу үүнүүнэн дуоһуйан хаалыы алҕас, татым санаа, бу айар күүстээх үлэни өссө күүһүрдүөххэ, күргүөмнүөххэ наада.
Биһиги сүрүн сыыһаларбыт:
- Биһиги эдэр суруйааччыларбыт олорбокко-билбэккэ сылдьан колхоһу, совхозу суруйаллар, онтон элбэх сыыһа-халты тахсар, суруйааччы колхоһу, совхоһу үчүгэйдик билиэхтээх. Кинилэр истэригэр булкуһуохтаах.
- Уопсайынан уруйдааһын элбэх, ону аччата түһэн, олох конкретнай суолларын, олох ситиһиитин-хотуутун, итэҕэһин-быһаҕаһын чахчыларын суруйуохха!
- Литературнай үлэни көр-күлүү, күн-дьыл ыаһаҕын ыытыы курдук санаан суруйар табаарыстар бааллар. Литературнай үлэ бэрт ыарахан, бэрт эрэйдээх үлэ, кини иннигэр элбэх эрэйи, элбэх дьылы биэриэххэ. Ким литературнай үлэни көр-оонньуу курдук санааччылар хаһан да литератор буолуохтара cyoҕa, оннук оппортунистыы сыанамсыктары үнтү охсорго сөп буолла!
Табаарыстар! Мин эһигини ыҥырабын! Өйгүтүн, сүрэххитин литературнай үлэҕэ чахчылаахтык эрэ биэриҥ, оччоҕо эһиги литература охсуулаах киэҥ араҥатын, араллааннаах күүс долгунун силэйиэххит.
Эһиги литературнай үлэҕитигэр куруук кириитикэ баар буолуо, онтон куттаныахха, тумнуохха, кэннинэн чугуруйуохха сатаммат, куттаныы, толлуу литературнай үлэҕэ сыыһа, хата ордук оргуйуҥ! Онтон ордук уоҕуруҥ! Үөрэниҥ! (Ытыс тыаһа).
Суруйааччылар тт. Мординов Н. Е.-ка,
Заболоцкай Н. М.-ка, Новиков В. М.-ка, Кулачиков С. Р.-ка
Бүлүүттэн сурук
Табаарыстар! Пролетарскай литературабыт көнө суолунан баран истэҕин аайы, хаан өстөөхтөргө өлөр дириҥ иини хаһыа. Биһиги уус-уран тылбыт батталы буомбалыыр, биир сытыы орудиебыт буолуохтаах.
Мин 1932 с. сайын СКСК юбилейнай комиссияттан уонна суруйааччылар тэрилтэлэриттэн литературнай үлэҕэ Бүлүүгэ кэлбитим. Бүлүү Саха сирин биир дьиикэй батталлаах дойдута этэ. Баай Корякиттар, Бубякиттар суо-бараан муостарыттан үгүс хамначчыт дьадаҥы мас сүгэһэрдэнэн улуус, уокурук умнаһыттара буолбуттара.
Бүлүү куорат иһигэр үлэһит революциятын кэнниттэн социалистическай олох киэҥ дьуолкалаах суолугар үктэннэ. Баай урукку энньэ кулуттарын эдэр ыччата 100% үөрэхтэннилэр. Бүлүү оройуонун үлэһит маассата 21,3% холбоһуктаах хаһаайыстыбаҕа киирдэ. Бүлүү оройуонугар сыл аайы оскуолалар, балыыһалар ахсааннара элбээн иһэр. Бүлүү куоратыгар биир учуутал техникума, биир иккис концентр оскуолалаах. Ону кытта хас да кыра оскуолалар аһыллыбыттара. Куорат иһигэр хас да балыыһалар олохтоммуттара. Биһиги быйыл алтынньы ыйтан ыла Бүлүү куоратын иһигэр студеннар уонна оройуон үлэһиттэрин ортотугар художественнай литература куруһуогун аспыппыт. Куруһуокка 50-ча киһи чилиэнинэн киирбитэ, ол тас өттүнэн истиэн баҕарааччы эмиэ элбэх. Биһиги хас да төгүл уус-уран тыл туһунан куорат маассатыгар уонна радионан тыа кыраай муннуктарыгар дакылаат оҥортоотубут. Куруһуок чилиэттэрэ бэйэлэрэ суруйбут ырыаларын-хоһооннорун, кэпсээннэрин, очеркаларын радионан тыа кыраай муннуктарыгар уонна куорат үлэһит маассатыгар ааҕан биэрэллэр. Маасса уус-уран тылы олус сэргэҕэлиир. Маассаны кытта толору сибээстэһэр наадатыгар икки литературнай биэчэри тэрийдибит. Куруһуок 40 солк. бэчээккэ сурунна. Литературнай куруһуок үөрэҕэ ыйга үстэ буолар, онно литература суох буолан эрэйдэнэбит. «Кыым», «Эдэр бассабыык» хаһыаттарга суруллубут критикалары, ырыалары үөрэтэбит, ол тас өттүнэн чилиэттэр суруйбуттарын ырытабыт. Билигин литературнай чилиэттэр бэйэлэрэ суруйбут ырыаларыттан, кэпсээннэриттэн талан үчүгэйин Саха киин кинигэ бэчээттиир суутугар ыытар үлэни туруоруналлар. Уус-уран тыл айар идэтин ордук уоҕуран таптааччылар киһи сүрэҕиттэн-быарыттан тардыстан көрүөн курдук, хас суруйдахтарын аайы тупсаран, ордук дириҥэтэн, толору хартыынаны көрдөрөн иһэллэр. Литературнай куруһуок чилиэттэрэ хас туойар тойуктарын аайы кылаас өстөөхтөрүн утары охсуһуулары аһарга, олох кырдьыктаах кыайыытын ыллыырга бойобуой соругу туруоруналлар.
Бу дойдуга литературнай куруһуок үлэтин норуот бэркэ сэргэҕэлиир. Литературнай куруһуок бэрт улахан итэҕэстээх: бэйэтин иһигэр биллиилээх киһи cyoҕa уонна сөптөөх үөрэнэр литература суоҕа. Советскай литература уус-уран боруонун сэрииһиттэриттэн, эһигиттэн, бу адьас сурукпунан көрдөһөбүн: Бүлүү литературнай куруһуогун кытта быстыбат кытаанах сибээһи тутуһан, кинилэр үөскээн, төрүттэнэн эрэр үлэлэрин ыйан-кэрдэн, киниэхэ быстыспат салалтаны биэрэргитигэр.
Төлөннөөх эрэли кытта Суруйааччылар союзтарын чилиэнэ
ДААДАР.
Бүлүүтээҕи литературнай куруһуок 1932-33 сс. үлэтиттэн
Бүлүү Саха АССР биир улахан политическай-хаһаайыстыбаннай суолталаах оройуона буолар. Өктөөп иннинэ кини саамай хараҥа, культурата суох муннук этэ. Билигин Ленин культурнай революцията Бүлүүгэ күн-түүн аайы күөдүйэр.
Бүлүүгэ билигин хас да иккис концентр, хас да маҥнайгы сүһүөх оскуолалардаах. Бүлүүгэ биир учуутал техникума баар. Мин техникум студеннарын уонна аҕыйах оройуон үлэһиттэрин ортотугар 1932—33 сылларга литературнай куруһуогу астым. 40-ча киһи куруһуокка киирбит, 20-чэ киһи бу куруһуок иһигэр сылдьан биир ырыа сборнигын оҥордулар. Куруһуок чилиэттэрэ Николаев-Бамба, Ааныстыырап, Поскачин, Дмитриев А., Дмитриев С., Михайлов Н. буоланнар суруйар дьоҕурга дьиҥ сүрэхтэриттэн тардыстан баҕараллар, кинилэр дьиҥ эрэллээхтик социалистическай олох тойуксуттара буолуохпут диэн тылларын биэрэллэр, күүстэрэ тиийэринэн үөрэнэллэр, суруйаллар.
Бүлүү техникумугар, атын да оскуолаларыгар урут уус-уран литература туһунан хаһан даҕаны, туох даҕаны үлэ барбатах эбит. Куруһуок быйыл эрэ аһылынна, ол гынан баран сорох өттүнэн син ситиһиилэрдээх: 10-ча оҕо ырыа-хоһоон сборнигын оҥордулар, ити тас өттүнэн оройуоннай «Колхоз суола» диэн бэчээтинэн хаһыакка 14 литературнай сирэй таһаардылар. Литературнай куруһуок чилиэттэрэ кэлэр дьыл ордук күүстээхтик, ордук кыһамньылаахтык идэлэнэн иһэр суолларын кэҥэтиэхтэрэ диэн эрэниэххэ сөптөөх.
Мин бу куруһуогу аспытым, төһө күүһүм-күдэҕим тиэрдэринэн куруһуогу үөрэппитим, бу куруһуогу кытта кэлэр дьыл сибээстэһэн, эдэр суруйааччыларга бастыҥ көмөнү, кытаанах толору салалтаны биэрэллэригэр саха суруйааччыларын Эллэйи, Заболоцкайы, Амма Аччыгыйын, Уурастыырабы, Күндэни, Бээрийэкээнэби. Чиряевы, Прохоровы, Чаҕылҕаны, Ойуунускайы ыҥырабын уонна Бүлүүтээҕи эдэр суруйааччы т. Кустуктуурап «Колхоз суола» хаһыат редактора куруһуок чилиэттэрин үөрэтиэ, кинилэргэ сырдык суолу аһарга кыһаныа диэн эрэнэбин. ССРС суруйааччыларын тэрийэр бюрота мантан инньэ литературнай куруһуоктарга саҥа программаны, салалтаны биэриэхтээх.
С. ДААДАР.
Матырыйааллары бэчээккэ бэлэмнээтэ пенсионер-учуутал И. В. Харитонов.
“Хотугу сулус” сурунаал, 1989 сыл, 3-с нүөмэрэ, 90-92-с сирэйдэр.
***
1932-1933 уонна 1933-1934 үөрэх дьылларыгар Бүлүү педтехникумугар саха тылын учууталынан Федор Григорьевич Винокуров-Даадар үлэлээбитэ. Кини маҥнай биһигини үөрэтэригэр 21 саастаах эдэр киһи этэ. Даадар кэлээтин, үөрэх дьыла саҕаланаатын, литературнай куруһуогун тэрийбитэ. Кэлин ол куруһуокка аҥардас педтехникум эрэ үөрэнээччилэрэ сылдьыбат этилэр. Сэттэ кылаастаах оскуола үөрэнээччилэриттэн уонна биирдиилээн-иккилээн тэрилтэ үлэһиттэрэ эмиэ сылдьаллара. Оччоҕо оскуолаларга атын куруһуоктар суох этилэр. Ол иһин да буолуо, Даадар куруһуогар элбэх ыччат кыттара. Кэлин суруйааччы буолбут Никифор Кирикович Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап куруһуок биир саамай актыыбынай кыттааччыта этэ. Федор Григорьевич салалтатынан биһиги бары да хоһоон, инсценировка суруйа сатыырбыт. Олору куруһуок занятиеларыгар ыытарбыт. Олохтоох радионан биэрии эмиэ ыытыллара.
Даадар куруһуога аҥардас литературнай эрэ буолбатаҕа. Туох да омуна суох куорат оччотооҕу уус-уран самодеятельноһын куруһуок толору бэйэтин илиитигэр ылбыта. Ол кэмнээҕи самодеятельноска билиҥҥи курдук араас нүөмэрдээх концерт суох буолара. Ол оннугар мэлдьи кулуупка спектакль оонньууллара. Хас бырааһынньык аайы биһиги куруһуокпут кулуупка постановка туруорара. Ойуунускай, Күндэ, Бэс Дьарааһын, Чиряев пьесаларын оонньуурбут. Онуоха барытыгар биһиги үгүс бириэмэбит барара. Даадар бэйэтэ гражданскай сэрии тиэмэтигэр пьесаны суруйа сылдьара. Ону эмиэ кулуупка көрдөрбүппүт.
Федор Григорьевич биллэ-көстө айар үлэнэн дьарыктанара, үгүстүк хоһооннору суруйара. Ол өттүнэн куруһуок чилиэннэригэр эмиэ сабыдыаллыыра.
Кини ыччаты бэйэтин тула сатаан ыга тардар дьоҕурдаах учуутал, мэлдьи эйигин үөрэ-көтө көрсөр эйэҕэс киһи этэ. Кини куруһуок чилиэннэрин хоһооннорун мунньан Дьокуускайга “Кыайыы кыымнара” диэн хомуурунньугу таһаартарбыта. Дьүөгэ Ааныстыырап маҥнайгы кэпсээнэ онно бэчээттэммитэ.
Александр Николаевич Николаев,
Бүлүү педтехникумун 1935 с. выпускнига.
Ыам ыйын 8 к., 1972 с. Үөһээ Бүлүү.
Сылаас уйа, сырдык кыһа = Кузница педагогических кадров: 85 лет Вилюйскому педагогическому колледжу им. Н. Г. Чернышевского.- Якутск: Бичик, 2008.- С. 87.
***
Үөһээ Бүлүү улууһун бастакы поэта, литературнай кириитик Григорий Илларионович Поскачин Бүлүүтээҕи учуутал техникумугар үөрэнэр сылларыгар Ф. Г. Винокуров-Даадар салайар куораттааҕы литературнай куруһуокка дьарыктаммыта. Ол куруһуоктан кэлин суруйааччы Дьүөгэ Ааныстыырап, поэт, тылбаасчыт Александр Николаев, журналист Спиридон Дмитриев уонна кини иитиллэн тахсыбыттара. 1933 сыллаахха Саха государственнай издательствота «Кыайыы кыымнара» диэн ити куруһуок чилиэннэрин айымньыларын туспа кинигэнэн бэчээттээн таһаарбыта. Онно 12 автор айымньыта киирбитэ. Григорий Поскачин «Ударник комсомол», «Ыллыам» диэн икки хоһоонунан кыттыбыта.
Федосеев И. Е., Эдэригэр да тэмтэриппиттэр…. [суруйааччы, критик Григорий Поскачин төрөөбүтэ 100 сылыгар] //Чолбон. .- 2014.- N 3.– С. 82.
***
Григорий Поскачин суруйааччылартан ордук Ф. Г. Винокуров-Даадары, И. Д. Винокуров-Чаҕылҕаны, И. Е. Слепцов-Иван Арбитаны кытары чугастык билсибиттэрэ, доҕордоспуттара биллэр. Хомойуох иһин, доҕордуулартан хайалара да уһун олоҕу олорбокко, эдэр саастарыгар олохтон туораабыттар. Даадардаах Иван Арбита репрессия сиэртибэтэ буоланнар, Даадар – 1949 с., оттон Иван Арбита Г. Поскачины кытта үс ый эрэ быысаһан, эмиэ 1943 с. от ыйыгар ИДьНК лааҕырыгар өлбүт.
Григорий Илларионович Поскачин. Иэйэн этиэн эрэммит эдэр бэйээт Киргиэлэй…: фотоальбом /[хомуйан оҥордо А. В. Золотарева; библиографическай ыйынньыгы оҥордо Г. А. Егорова].- Дьокуускай: Дани-Алмас, 2014.- С. 16.

Н. К. Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап

И. Е. Слепцов-Иван Арбита

Даадар. Маҥнайгы хардыы : (1932-1933 с. с.) : [хоһооннор] . - Дьокуускай : Судаарыстыба Саха сиринээҕи бэчээттиир суута, 1934. - 58, [1] с.

Даадар. Ыра санаа кыната : Хоһооннор, поэма / бэчээккэ бэлэмнээтилэр П.Н.Попов, Л.Ф.Винокуров. - Якутскай : Кинигэ изд-вота, 1980. - 72 с.

Даадар. Мин ыллыам : [хоһооннор] / [хомуйан оҥордо Н. Е. Винокуров-Урсун].- Дьокуускай : Бичик, 2006. - 63 с.