
Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтигэр Култуура сыла, Үөһээ Бүлүү улууһугар Үөрэҕирии сыла үрдүк таһымҥа ыытыллаллар. Ону сэргэ, бу сылга О.Д. Федорова аатынан киин модельнай бибилэтиэкэ 90 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиибит. Бу үс дьоһуннаах даатаны түмэн, оҕо ааҕыытын сайдыытыгар, төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах, улуустааҕы III “Дорҕоонноохтук ааҕыы” күрэҕэ О.Д. Федорова аатынан киин модельнай бибилэтиэкэҕэ үөрүүлээхтик аастыбыт. Бу күрэх – төрөөбүт тылбыт күндүтүн өйдөтөр, оҕолорбутун сахалыы сайаҕастык саҥарарга, этигэр-хааныгар тылбыт кутун-сүрүн иҥэринэргэ көҕүлүүр сүдү суолталаах тэрээһин.
Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар күрэх кыттааччыларыгар ситиһиини баҕаран туран, эҕэрдэ тыллары этэ, муҥутуур талаанын көрдөрө кэллэ улууска ыытыллыбыт хомус күрэҕин муҥутуур кыайыылааҕа, Бүтүн Арассыыйатааҕы “Салют Победы” фестиваль кыайыылааҕа Валентин Петров. Кини хомуһун ыраас, күүстээх дорҕоонноро мустубут дьон дууһатын таарыйан, ытык тылбыт дириҥ суолтатын өссө күүһүртэ.
Хайа да омук төрөөбүт тылын билэр, таптыыр, сыаналыыр кэнчээри ыччаттаах буоллаҕына эрэ тыыннаах буолар, салгыы сайдар, барҕарар кыахтанар. Норуот олорбут олоҕо, өйө-санаата, сиэрэ-туома тылыгар иҥэн сылдьар. Оҕо күн сирин көрүөҕүттэн тыл эйгэтигэр иитилиннэҕинэ эрэ төрөөбүт омугун кутун-сүрүн этигэр-хааныгар иҥэринэр, Ийэ тылын, бэйэтин омугун харыстыыр, ытыктыыр киһи буола улаатар. Тыл – бүтүн норуот барҕа баайа, кэлэр кэскилэ. Сахалыы сайаҕастык саҥарар, иэйиибитин истиҥник этинэр Ийэ тылбыт үйэлэргэ сүппэккэ үүнэ сайда турарын туһугар бүгүн О.Д. Федорова аатынан киин модельнай бибилэтиэкэҕэ төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн чэрчитинэн үһүс төгүлүн ыытыллар Дорҕоонноохтук ааҕыы күрэҕэр 11 хамаанда күөн көрүстэ.
Бүгүҥҥү дьоро күҥҥэ эҕэрдэлии уонна күрэх кыттааччыларыгар алгыс тылларын анаата Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэҕин салалтатын солбуйааччыта Леонид Николаевич Огочонов. Кини эдэр ыччат төрөөбүт тылга тардыһыыта – улуус, өрөспүүбүлүкэ сайдыытын сүрүн олоҕо буоларын бэлиэтээтэ.
Күрэххэ улуус оскуолаларыттан 3-түү оҕолоох хамаандалар кэллилэр. Хас биирдии хамаандаҕа алын сүһүөх (1-4 кылаас), орто сүһүөх (5-8 кылаас) уонна үрдүкү сүһүөх (9-11 кылаас) кылаастарыттан биирдии оҕо киирдэ. Бу араас саастаах үөрэнээччилэри саха тылыгар тапталлара биир сомоҕоҕо түмтэ.
Күрэх икки түһүмэҕинэн ааста. Бастакы түһүмэххэ оҕолор саастарынан араас саалаларга күрэхтэстилэр:
- Алын сүһүөх үөрэнээччилэрэ – кыраайы үөрэтэр хоско курэхтэстилэр.
- Орто сүһүөх үөрэнээччилэрэ – ааҕар саалаҕа күрэхтэстилэр.
- Улахан сүһүөх үөрэнээччилэрэ – мультимедийнай саалаҕа.
Секциялар түмүктэринэн кыайыылаахтар ааттаннылар:
Алын сүһүөх: 1 миэстэ – Усов Арсен, Н. К. Седалищев аатынан Кэнтик орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ. 2 миэстэ – Михайлова Саргылана, Тамалакаан орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ. 3 миэстэ – Петрова Тася, Ю.Н. Прокопьев аатынан оҕо спортивнай оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ.
Орто сүһүөх: 1 миэстэ – Саввинова Сайынаара, Тамалаан орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ. 2 миэстэ – Андреев Алгыстаан, И.Н. Барахов аат. 1 N орто оскуола 8 кылааһын үөрэнээччитэ. 3 миэстэ – Федоров Эрсаан, Мэйик сүрүн оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ.
Улахан сүһүөх: 1 миэстэ – Алексеев Эрсан, Тамалакаан орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ. 2 миэстэ – Павлова Дина, Нам орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ. 3 миэстэ – Васильева Василиса, М.Т. Егоров аатынан 2N орто оскуола 10 кылааһын үөрэнээччитэ.
Секциялар түмүктэринэн, биэс бастыҥ хамаанда финалга тахсан, Дорҕоонноохтук ааҕыы күрэҕин сүрүн бирииһин иһин күөн көрүстүлэр. Бу хамаандалар: Үөһээ Бүлүүтээҕи М.Т. Егоров аатынан 2N орто оскуола, Кэнтик орто оскуолата, Нам орто оскуолата, Дүллүкү орто оскуолата, Тамалакаан орто оскуолата.
Хамаанданан финал түмүгэ:
1 миэстэ – Тамалакаан орто оскуолата.
2 миэстэ – Дүллүкү орто оскуолата.
3 миэстэ – Нам орто оскуолата.






