
Бүгүн О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа Үөһээ Бүлүү сылгыһыттарын үлэтин сырдатыыга уонна үйэтитиигэ туһуламмыт сүбэ-мунньах буолан ааста. Инникитин кинигэ-альбом тахсыытын былааннаатылар. Мунньахха Намтан Попов Сергей Юрьевич, Тамалакаантан Готовцев Петр Давидович, Боотулууттан Дмитриев Данил Васильевич, Үөдүгэйтэн Буртахов Олег Николаевич, «Белый конь» ассоциация директора Яна Сергеевна, Тарасов Иван Николаевич, библиотека кыраайы үөрэтэр салаатын үлэһиттэрэ кыттыыны ыллылар.