Муус устар ый 7 күнэ Бүтүн Арассыыйатааҕы ийэ буоларга бэлэмнэнэр кэрэ аҥардар күннэрэ. Бу күн чэрчитинэн О.Д.Федорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа олус истиҥ көрсүһүү ыытылынна. Тэрээһиҥҥэ ийэ буолаары сылдьар кыргыттар уонна медицинэ коллеһын устудьуоннара сырыттылар. Кинилэргэ Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэмит балыыһа акушер-гинеколога, үрдүк категориялаах быраас, Российскай Федерация уонна Саха Республикатын доруобуйаларын туйгуна Антонина Алексеевна Аланаева, үрдүк категориялаах акушер-гинеколог быраас, Российскай Федерация уонна Саха Республикатын доруобуйаларын туйгуна, Арассыыйа бочуоттаах донора, «Россия ийэлэрэ» Бүтүн Россиятааҕы хамсааһын Үөһээ Бүлүүтээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ Людмила Тимофеевна Долгунова, «Толкуй» коммерческайа суох эбии үөрэҕэрии киинин салайааччыта, «Болҕомтолоох төрөппүт» оскуола бырайыагын көҕүлээччитэ Анна Ивановна Иванова ураты тэрээһин кыттыылаахтарыгар, ийэ буоларга бэлэмнэнэр хас биирдии кэрэ аҥардарга олус туһалаах иһитиннэриини оҥордулар. Маны тэҥэ, йога инструктора Ньургуйана Анатольевна Дмитриева сөптөөхтүк тыыныыга уонна доруобуйаҕа туһалаах хамсаныылары көрдөрдө.
Олус суолталаах көрсүһүүгэ кэлбит ийэ буолаары сылдьар кэрэ куоларга «Дневник питания мамы и малыша» диэн ааттаах баай ис хоһоонноох кинигэни бэлэх ууннулар.
Аан дойдуга саҥа киһини бэлэмниир ийэлэрбитигэр доруобуйаны, эһиги искитигэр тэбэр кырачаан оҕоҕут чэгиэн, дьоллоох буолан күн сирин көрдүн.





