Главная / Библионовости / Ааҕар балаҕаҥҥа сомоҕолоһуу сырдык сулуһа тыкта

Ааҕар балаҕаҥҥа сомоҕолоһуу сырдык сулуһа тыкта

Муус устар ый – айылҕа иһийэн туран уһуктар, сир ийэ сылаас тыынынан дууһаны уруйдуур кэрэ кэмэ. Дьэ, бу кэмҥэ Үөһээ Бүлүү киин библиотеката бэйэтин аанын киэҥник аһан, ааҕааччыларын өй-санаа, култуура уонна доҕордоһуу түһүлгэтигэр ыҥырда.

Муус устар 17 күнүгэр бүтүн Арассыыйа үрдүнэн бэлиэтэнэр “Библионочь” аахсыйа 15 төгүлүн “Арассыыйа күүһэ — норуоттар сомоҕолоһууларыгар” диэн девиһинэн ыытылынна.

Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын экономикаҕа уонна үпкэ солбуйааччыта Марфа Викторовна Игнатьева, улуус култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга департаменын специалиһа Варвара Петровна Шестакова кэлбит ыалдьыттары, ааҕааччылары кэтэһиилээх “Библионочь” акция аһыллыбытынан эҕэрдэлээтилэр, ыҥырыылаах ыалдьыттарга махтаннылар.

Быйылгы тэрээһин Арассыыйа норуоттарын сомоҕолоһуутугар анаммыта чахчы да кэрэхсэбиллээх буолла. Библиотека хас биирдии хоһо – туспа дойду, туспа култуура аартыга буолан аһылынна. Араас омук мааны астарын сыта-сымара дууһаны кытыгылаан, ыалдьыттары доҕордоһуу биир ситимигэр түмтэ. Сахабыт сыалаах этэ, нууччабыт сылаас билиниитэ, атын да омуктар дьикти бүлүүдэлэрэ – бу барыта «Биһиги биирбит, биһиги сомоҕобут» диэн иһирэх тылынан саҥарда.

Маастар-кылаастарга дьон тарбаҕын таба тутан, тугу эрэ саҥаны, кэрэни айарга үөрэннэ. Кэлбит ыалдьыттар айар куттара манна уһугунна, саҥа билиигэ дьулуурдара күүһүрдэ.

Сылын аайы ыытыллар дьон-сэргэ сөбүлүүр библионочь тэрээһинин нэһилиэкпит дьоно өйүүллэр, биһирииллэр. Ол курдук быйыл дьикти дьарыктаах коллекционердар кэлэн көхтөөхтүк кытыннылар. Араас омук куукулаларын, магниттарын, ручкаларын Уйгулаана Чиряева, Галина Саввинова, Розалия Степанова баай коллекцияларын туруордулар. Олус сиэдэрэй оҥоһуулаах, дьэрэкээн таҥастаах куукулалары кэлбит дьон сэҥээриитин ыллылар.

Салгыы аахсыйа кыттыылаахтара тематическай фотозоналарга хаартыскаҕа түһэн, араас норуоттар оонньууларыгар, күрэхтэригэр кыттан сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ. Маны тэҥэ араас хайысхалаах атыы-эргиэн дьаарбаҥката тэрилиннэ. Онон кэлбит ыалдьыттар дьиэлэригэр илии тутурдаах, өттүк харалаах бардылар.

Киэһэ саамай үрдүк чыпчаала ырыа-тойук, иэйиилээх үҥкүү буолла. Тойук дорҕооно библиотека үрдүк истиэнэлэрин уҥуордаан, муус устар ыраас салгыныгар көтөн таҕыста. Бу киһи-кутун сүрүн үөһэ көтөҕөр, санаатын ыраастыыр, инникигэ эрэли угар күүстээх дьүрүскэн буолла.

Сылга биирдэ ыытыллар ураты тэрээһин ситимин быспакка, сылтан сыл сайдан, таһымын үрдэтэн иһэрэ кэлбит ыалдьыттары сөхтөрдө.

Библиотека – бу норуот өйүн-санаатын, култууратын түмэр ытык сир. 15 сыллаах үбүлүөйдээх «Библионочь» Үөһээ Бүлүү олохтоохторугар дьиҥнээх дууһа сынньалаҥын, сомоҕолоһуу тыынын биэрдэ. Ким кинигэни таптыыр, кини норуотун таптыыр.