Главная / Библионовости / Үөһээ Бүлүү библиотекатыгар Арассыыйа күнүн көрсө эдэр патриоттар түмүстүлэр

Үөһээ Бүлүү библиотекатыгар Арассыыйа күнүн көрсө эдэр патриоттар түмүстүлэр

Библиотека – бу билии-көрүү ытык киинэ эрэ буолбакка, норуот духуобунай күүһүн мунньар сирэ.

Бүгүн, Арассыыйа күнүн көрсө, Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотекаҕа орто сүһүөх оҕолорго анаммыт дьоһуннаах библиотечнай уруок ыытылынна. Бу тэрээһиҥҥэ М. Т. Егоров аатынан №2 орто оскуола “Чэбдик” сайыҥҥы лааҕырыттан “Движение первых” (салайааччы Захаров Руслан Васильевич) уонна “Юнармия” (салайааччы Тимофеев Уйгулаан Николаевич) этэрээттэр көхтөөх кыттыыны ыллылар.

Библиотекардар оҕолорго Арассыыйа дойдутун төрүттэммит дьоһун историятын, судаарыстыбаннаһын кэрдиис кэмнэрин туһунан сэргэхтик кэпсээтилэр. Оҕолор Арассыыйа күнүн суолтатын, дойдубут улуутун-күүһүн толору өйдөөтүлэр. Кинилэр судаарыстыбаннай бэлиэлэр – былаах, дьаралык уонна гимн – туһунан билэн, кинилэр хас биирдии өҥнөрө уонна ойуулара туох дириҥ суолталаахтарын өйдөөтүлэр.

Оҕолор Модун Арассыыйаны кэпсиир, кини кэрэ айылҕатын, баай култууратын, элбэх омугун сомоҕотун көрдөрөр видеороликтары болҕойон көрдүлэр. Бу видео оҕолор сүрэхтэригэр төрөөбүт дойдуларынан киэн туттуу иэйиитин уһугуннарда, кинилэр Арассыыйа – киэҥ уонна күүстээх дойду буоларын өссө дириҥник билиннилэр.

Билии кэҥээбитин кэннэ, оҕолор хамаанданан арахсан, Арассыыйа историятыгар, географиятыгар, култууратыгар сыһыаннаах викторинаҕа оонньоотулар. Викторина оҕолор ылбыт билиилэрин чиҥэтэргэ, хамаанданан үлэлииргэ, түргэнник толкуйдуур дьоҕурдарын сайыннарарга көмөлөстө. Хас биирдии оҕо бэйэтин билиитин хаҥатан, күүстээх санаалаахтык кытынна, кыайыыга дьулуста.

Маннык тэрээһиннэр эдэр ыччаты дойдуларын таптыырга, кини историятын ытыктыырга, гражданскай позицияларын бөҕөргөтөргө улахан суолталаахтар. “Движение первых” уонна “Юнармия” хамсааһыннар эдэр көлүөнэҕэ патриотическай иитиини биэриигэ сүрүн оруолу ылаллар. Киин библиотека бу үтүө дьыалаҕа көхтөөхтүк кыттан, эдэр ыччаты дойдуларын кэскиллээх гражданиннарын гына иитиигэ күүстээх кылаатын киллэрэр.

Салгыы даҕаны маннык патриотическай хайысхалаах үлэлэр ыытыллыахтара диэн эрэнэбит, эдэр көлүөнэни Арассыыйа киэн туттар гражданиннарын иитиигэ киин библиотека улахан оруолу ылар.

Бүгүӈӈү тэрээһин оҕолорго умнуллубат түгэн буолан, кинилэр сүрэхтэригэр дойдуларыгар тапталы иҥэрдин!