Балаҕан ыйын 8 күнэ – Арассыыйа норуоттарын тылларын күнэ!
Бу ытык күн чэрчитинэн, төрөөбүт тылбытын үйэтитэр, кини кэрэтин, күүһүн көрдөрөр соруктаах “Арассыыйа – норуот дьиэтэ” Бүтүн Арассыыйатааҕы дьыктаан О.Д. Федорова аатынан киин библиотекаҕа ыытылынна. Бу тэрээһин норуот тылын баайын-дуолун көрдөрөргө, суруйар дьоҕуру сайыннарарга уонна эдэр ыччаты төрөөбүт тылыгар кэрэхсэбили үөскэтэргэ аналлаах.
Дьыктаан тиэкиһин ааптара – Дагестан уонна элбэх омуктаах сэбиэскэй литэрэтиирэ уһулуччулаах авар бэйиэтэ Расул Гамзатов буолар. Кини хомоҕой тыла, дириҥ ис хоһоонноох тиэкиһэ кыттааччылар дууһаларын таарыйда.
Тэрээһиҥҥэ биир дойдулаахтарбыт көхтөөхтүк кытыннылар. Оҕоттон аҕа саастаахха тиийэ, бары кэлэн төрөөбүт тылбытынан суруйбуттара олус хайҕалаах уонна ытык суолталаах. Ол курдук, бүгүӈӈү дьыктаан саамай кырачаан суруйааччыта аҕыс саастаах Алдана Тобохова, онтон саамай аҕа саастаахпыт бибилэтиэкэ эрэллээх ааҕааччыта Баппаҕай Уола Дьулусхаан Баппаҕай.
Дьыктааны икки саалынан тоҕуоруһа олорон суруйдулар. Ол курдук, дьыктааны суруйтардылар М.А. Алексеев республикатааҕы лицей-интернат саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин туйгуна Маргарита Николаевна Анисимова уонна библиотекарь Мария Александровна Адамова.
Бу дьыктаан кыттааччыларга төрөөбүт тылларын өссө дириҥник үөрэтэргэ улахан көмө буолла.
Тэрээһин түмүгүнэн хас биирдии кыттааччыга туоһу сурук туттарылынна.
О.Д. Федорова аатынан киин библиотека маннык дьоһуннаах тэрээһиннэри ыытан, саха култууратын, тылын сайдыытыгар улахан кылааты киллэрэр.
Төрөөбүт тылбыт өрүү тыыннаах буоллун, үйэлэргэ умнуллубатын!











