Главная / Библионовости / Ааҕар дьиэҕэ – Аҕам саастаахтарга аналлаах сылаас түгэн

Ааҕар дьиэҕэ – Аҕам саастаахтарга аналлаах сылаас түгэн

Алтынньы 1 күнэ – Аан дойду үрдүнэн аҕам саастаахтар күннэрэ бэлиэтэнэр. Бу кэрэ-бэлиэ декада чэрчитинэн, бүгүн киин бибилэтиэкэҕэ аҕам саастаах дьоммутугар аналлаах сүрдээх интэриэһинэй уонна туһалаах тэрээһин буолла. Кинилэр точечнай уруһуйга маастар-кылааска кыттаннар, дууһаларын сынньаттылар, саҥаҕа үөрэннилэр.

Маастар-кылааһы Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Вера Афанасьевна Андреева ыытта. Кини сырдык мичээрэ, сымнаҕас тыла-өһө, уруһуй уратыларын чопчу быһаарыыта аҕам саастаах дьоммутугар күүс-көмө буолла. Хас биирдии киһи бэйэтин ураты талаанын арыйан ураты, кэрэ уруһуйу түһэрдилэр.

Маны таһынан, бу күн бибилэтиэкэбит истиэнэлэрин киэргэттэ «Тускул» оҕо киинин иһинэн үлэлиир «Мастерская дизайна» холбоһук үөрэнээччилэрин хартыыналарын быыстапката. Салайааччы Мария Платоновна Павлова эһэтин РСФСР уонна Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Иван Спиридонович Спиридонов оҕо сааһын уруһуйдаппыт. Кини Үөһээ Бүлүү улууһугар тыйаатыр сайдыытыгар улахан кылааты киллэрбит үтүөлээх киһи. Өр кэмҥэ норуот тыйаатырын дириэктэринэн үлэлээбитэ. Үөһээ Бүлүүтээҕи норуот тыйаатырыгар кини аата иҥэриллибитэ. Иван Спиридонович Саха сирин автономиятын төрүттэспит биллиилээх общественнай деятель Былатыан Алексеевич Ойуунускай хаан-уруу сыдьаана буолар.
Хайдахтаах курдук талааннаах оҕолор уруһуй нөҥүө оччотооҕу кэми бу баардыы ойуулаабыттара кэрэхсэбиллээх. Хартыына ис хоһоонун ыалдьыттарга кэпсээтэ киин библиотека кыраайы үөрэтэр салаатын сэбиэдиссэйэ Галина Алексеевна Егорова. Маны тэӈэ хараҕы сымнатар, дууһаны уоскутар оҕолор уруһуйдара турдулар. Ыалдьыттар оҕолор айымньыларын көрөн олус астыннылар. Оҕо уран дьоҕура, ыраас дууһата хартыына нөҥүө сырдаан, аҕам саастаах дьоммут сүргэлэрин өссө үрдэттэ. Бу үлэлэр салгыы Учуутал күнүн көрсө бибилэтиэкэҕэ көрдөрүүгэ туруохтара.

Аҕам саастаах дьоммут кылгас кэмҥэ да буоллар, күннээҕи түбүктэрин умнан, үөлээннээхтэрин көрсөн, итии үүттээх чэй иһэ-иһэлэр кэпсэтэн-ипсэтэн, дуоһуйа сынньаннылар. Оҥорбут оҥоһуктарын илдьэ, илии тутуурдаах, үөрбүт-көппүт мичээрдээх бардылар. Аҕам саастаахтарбытыгар ытыс саҕа сылаас сыһыан, болҕомто ууруллан бэйэбит ортобутугар сылдьаллара санааҕа да астык, көрөргө да үчүгэй буоллаҕа.

Бибилэтиэкэ аана аҕам саастаах дьоҥҥо хаһан да сабыллыбатын умнумаҥ!