Главная / Библионовости / Үөһээ Бүлүүгэ «Төлөннөөх баһаатай, дьоһуннаах милииссийэ» кинигэ сүрэхтэннэ

Үөһээ Бүлүүгэ «Төлөннөөх баһаатай, дьоһуннаах милииссийэ» кинигэ сүрэхтэннэ

Үөһээ Бүлүүгэ «Төлөннөөх баһаатай, дьоһуннаах милииссийэ» кинигэ сүрэхтэннэ!
Бүгүн, сэтинньи 5 күнүгэр, Ольга Дмитриевна Федорова аатынан киин модельнай библиотека сырдык саалатыгар ураты, үөрүүлээх тэрээһин – «Төлөннөөх баһаатай, дьоһуннаах милииссийэ» диэн ахтыы кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.
Кинигэҕэ кэргэннии Егорова Елена Алексеевна уонна Саввинов Михаил Степанович тустарынан, оҕолорун, сиэннэрин, аймах-билэ дьоннорун, ииппит, уһуйбут ыччаттарын, коллегаларын сырдык ахтыылара киирдэ.
Елена Алексеевна Егорова Үөһээ Бүлүүгэ уонна республикаҕа биллэр бастыҥ төлөннөөх пионер баһаатай, «РСФСР норуоттарын үөрэҕириитин туйгуна», СӨ «Учууталларын учуутала», «Педагогическай үлэ бэтэрээнэ», «Ыччат үтүөлээх уһуйааччыта», Үөһээ Бүлүү улууһун «Норуотун маастара» ааттарын сүгэр.
Михаил Степанович Саввинов ССРС, РСФСР милициятын туйгуна, Милиция Бэтэрээнэ. Кини олоххо бэрээдэги, кэскили олохтуурга бэйэтин олоҕун анаабыт дьоһун киһи.
Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ Елена Алексеевна үөрэнээччитэ Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгин баһылыга Максим Филиппович Силигиянов, Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэҕин салалтатын кылаабынай специалиһа Калиста Васильевна Борисова, Үөһээ Бүлүүтээҕи Ис дьыала отделын начальнигын солбуйааччыта Ангелина Николаевна Котоконова уонна бииргэ үлэлээбит коллегалара, чугас доҕотторо олус истиҥник ахтан-санаан ыллылар.
Бу кинигэ биһиги историябыт биир кэрчик кэмин туоһулуур, кэлэр көлүөнэҕэ кэриэс буолар ытык айымньы буолар. Сүрэхтэниигэ кэлэн олорор ытыктабыллаах ыалдьыттар ахтыылара уонна кэпсээннэрэ кинигэ ис хоһоонун өссө дириҥэттэ. Кыттыыны ылбыт бар дьоҥҥо барҕа махтал этилиннэ.
«Төлөннөөх баһаатай, дьоһуннаах милииссийэ» кинигэни хомуйан, ситимнээн, бэчээккэ бэлэмнээн таһааттардылар – Елена Алексеевна уонна Михаил Степанович сиэннэрэ Айсена Васильевна Софронова уонна күтүөттэрэ СӨ үөрэҕириитин, СӨ култууратын туйгуннара, «Учууталлар учууталлара», Мэҥэ, Мөҥүрүөн, Мэҥэдьэк нэһилиэктэрин Ытык Киһитэ, суруйааччы Василий Иннокентьевич Гоголев – Уйулҕан.
Дьоһуннаах үлэ түмүгэр 208 сирэйдээх, Дьокуускайга КЭМ издательствоҕа бэчээттэммит кинигэ дьоҥҥо-сэргэҕэ таҕыста.
Бу үтүө дьоммут олохторун суола – биһиэхэ барыбытыгар холобур, өйбүтүгэр-санаабытыгар ытык ыҥырыы буолар.