Главная / Библионовости / Киин библиотекаҕа Дапсы дьыктаанын суруйдулар

Киин библиотекаҕа Дапсы дьыктаанын суруйдулар

Бүгүн, сэтинньи 6 күнүгэр, Төрөөбүт Ийэ тылбыт хараанньыта, сэрии сылын оҕото, сахалыы саҥабыт эмчитэ, лиҥкибиис-учуонай, биһиги биир дойдулаахпыт, саха саарына Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп – Дапсы төрөөбүт күнэ. Бу кэрэ-бэлиэ түгэҥҥэ түбэһиннэрэн, 2020 сылтан улууспутугар Дапсы дьыктаана тохтобула суох ыытыллар.

Бүгүн Мэхээлэ Бөтүрүөбүс 90 сааһын бэлиэтиир үбүлүөйдээх сылыгар аан бастакытын республиканскай таһымҥа ыытылынна. Онон бүгүн, дьыктааны өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн суруйдулар!

Дапсы дьыктаанын сүрүн сыалынан-соругунан Мэхээлэ Бөтүрүөбүс – Дапсы үөрэҕин тарҕатыы, саха тылын билиини чиҥэтии, сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарыы, таба суруйар таһымы үрдэтии буолар.
Алтыс төгүлүн ыытыллар Дапсы дьыктаанын Светлана Трофимовна Слюгрова суруйтарда. Кини Арассыыйа үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин учууталларын учуутала, “XXI үйэ учуутала” бэлиэ хаһаайына, Арассыыйа бочуоттаах уһуйааччыта. Дьыктааны уопсайа 29 киһи суруйда.

Хас биирдии кыттааччыларга туоһу сурук туттарылынна, туйгуннук уонна үчүгэйдик суруйбуттар Добун суругунан бэлиэтэниэхтэрэ. Түмүк сарсын библиотека сайдыгар тахсыаҕа.

Дапсы этэринии «Ханнык да атын улуу тыл төрөөбүт тылгын солбуйбат, төрөөбүт тылгыттан ордук, күндү буолбат». Онон, күннээҕи олохпутугар туттуллар киирии тыллары сахатытан, кэпсэтэр тылбытын имитэн ийэ өйбүтүн уһугуннарыахха, өбүгэбит ситимин салгыахха, саха буолан сандаарыахха!