Бүгүн, Национальнай библиотека историческай саалатыгар, биллиилээх саха лиҥкибииһэ, тыл үөрэҕин хандьыдаата, араадьыйа биэриитин ааптара, П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ туһааннааҕа, дойду билимин академиятын Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Боотулуу нэһилиэгин Ытык Киһитэ Михаил Петрович Алексеев – Дапсы 90 сааһын бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһинэ буолла.
Бу дьоһуннаах тэрээһини дойду наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын института, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай библиотеката, О.Д.Федорова аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи Киин модельнай библиотека тэрийэн ыыттылар.
Ытык киһибит 90 сааһын сүһүөҕүн үрдүгэр сылдьан, эһэ тириитэ олбоххо олорон, бар дьонун көрүстэ. Үбүлүөйдээх тэрээһини Михаил Петрович доҕоро, биир санаалааҕа тыл үөрэхтээҕэ, бэрэпиэссэр И.Е. Алексеев – Хомус Уйбаан ыытта.
Михаил Бөтүрүөбүс биир дойдулаахтарыгар, Боотулуу дьонугар–сэргэтигэр 15 суругу туһаайбыта. Сурук тула кэпсэтиигэ биир дойдулааҕа М.К. Аммосов аатынан ХИФУ устудьуонката Диана Каменева бэйэтин санаатын үллэһиннэ.
Ил Түмэн депутата, наука уонна үөрэх комитетын салайааччыта Григорьева Антонина Афанасьевна, Үөһээ Бүлүүтээҕи О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотека кыраайы үөрэтэр салаатын специалиһа Евдокия Ивановна Буртахова, Боотулуу нэһилиэгин модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ Марианна Петровна Тебенова дойдутун дьонун эҕэрдэтин тиэртилэр. Н.А.Золотарев аатынан Боотулуу орто оскуолатын эдэр учууталлара уонна оҕолоро хоһоон ааҕан, устан ыыппыттара сэҥээриини ылла.
Маны тэҥэ Михаил Петровичка бииргэ үлэлээбит коллегалара, билим дуоктардара, үөрэнээччилэрэ, Суруйааччылар сойуустарын салайааччыта А.Гуринов- Арчылан, норуот суруйааччылара Д.Наумов, Н.Михалева- Сайа, «Тэтим» саха араадьыйатын дириэктэрэ Николай Бястинов истиҥ эҕэрдэ тылларын эттилэр. Маны сэргэ Дапсы төрөөбүт дойдутуттан Үөһээ Бүлүүттэн, Боотулууттан делегация кэлэн эҕэрдэлээтэ. Ол курдук, улуус баһылыга В. В. Николаев Махтал суругун уонна өйдөбүнньүк бэлэҕин Михаил Петровичка уонна Иван Егорович Алексеевка – Хомус Уйбааҥҥа туттардылар. Ону таһынан Боотулуу нэһилиэгин баһылыга Гаврильев К.В., Боотулуу оскуолатын коллектива эҕэрдэлээтилэр уонна дойдутуттан аҕалбыт сахалыы аһынан күндүлээтилэр.
Бүгүҥҥү үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ П. А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрыттан СӨ үтүөлээх артыыһа Маргарита Борисова, биир дойдулааҕа саха народнай артыыската Домна Уйгурова Дапсы хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдилэр.
Марианна Тебенова Уран Ньукулай тылл. И. Иванов “Дойдубун аҕынным” ырыатын дьон сэӈээрэ – долгуйа иһиттэ.






















