2026 сыл сэтинньи 6 күнүгэр, биллиилээх лиҥкибиис учуонай М.П.Алексеев-Дапсы 90 сааһын бэлиэтиир тэрээһин иитинэн ыытыллыбыт, учуонай үөрэҕин киэҥник тарҕатар төрөөбүт тылынан таба суруйар таһымы үрдэтэр сыаллаах-соруктаах дьыктаан ыытылынна.
Дьыктаан суруйуутугар 5 улуус, 36 нэһилиэк кытынна. Барыта 433 улахан киһи, эдэр ыччат, оскуола оҕото дьыктааны суруйдулар. Бу бырайыакка Үөһээ Бүлүү, Нам, Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас, Бүлүү улуустара кытыннылар.
«Туйгун суруксут» аатын 106 киһи, «Үчүгэй суруксут» аатын 157 киһи ыллылар.
Саха тылын билиини чиҥэтэр, сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарар сыаллаах «Дапсы дьыктаанын» сылын ахсын ыытары былаанныыбыт.
Ыҥырыыбытын ылынан тэрээһиммитигэр кыттыспыт улуустарга, нэһилиэктэргэ үлэлиир биир идэлээхтэрбитигэр махтанабыт!
Тэрийээччи О.Д. Федорова аатынан
Үөһээ Бүлүүтээҕи киин модельнай библиотека