
Эмискэ хаастарыҥ түрдэстэн,
Эн миэхэ кыыһырдыҥ, доҕорум,
Аат эрэ харата кэпсэтэн,
Аан диэки хайыһан олордуҥ.
Буруйум диэн тугуй? Буруйум-
Эбиэккэ хойутаан кэлбиппин,
Көстүүмнээх волейбол оонньооммун
Кыратык киртиппит эбиппин.
Мин бүгүн волейбол оонньуурбар
Аттыбар эдэр саас турбута,
Эбиэппэр хойутаан кэлэрбэр
Эйэҕэс сүбэһит буолбута.
Эппитэ: “Маҥхайбыт баттахтаах
Кырдалга кылыйбыт диэн суоҕа,
Эдэр саас көр-оонньуу аргыстаах,
Көрүлээ, ким ону бобуоҕай?”
Өс киирбэх оонньоһо түспүтүм,
Көстүүмүм даҕаны киртийбит,
Эн, кырдьык, кыратык күүппүккүн –
Бэл онно ахтыспыт сүрэхпит.
Оо, дьолум, доҕорум, туллугум!
Улахан тапталы умнумуох:
Хааларга, ааһарга, кыраҕа
Хаһан да кыыһырсар буолумуох!