Үөһээ Бүлүүтээҕи О.Д.Федорова аатынан улуустааҕы киин модельнай библиотекаҕа Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо күнүн декадатын чэрчитинэн араас тэрээһиннэр ыытылыннылар.
Ол курдук, сэтинньи 25 күнүгэр Олоҥхо күнүгэр анаммыт сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарар, олоҥхо баай тылынан-өһүнэн билиини-көрүүнү кэҥэтэр сыаллаах өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо дьыктаана ыытыллыбыта.

Дьыктааны РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, Исидор Барахов аатынан 1 № -дээх орто оскуола алын сүһүөх кылаастарын учуутала, методист -учуутал Наталья Васильевна Чуручанова суруйтарбыта. Кини аан маҥнай олоҥхо тиэкиһин ааҕа илигинэ, “Дьырыбына Дьырылыатта” олоҥхоттон быһа тардыыны толорон, ыллаан-туойан эҕэрдэлээн, суруксуттары ураты турукка киллэрбитэ. Дьыктааҥҥа уопсайа 30 суруксут суруйбута, ол иһигэр 9 оскуола үөрэнээччитэ кыттыбыта хайҕаллаах. Онтон улуус үрдүнэн 18 дьыктаан ыытыллыбыт пуунугар 371 кыттааччыттан 113 киһи «туйгун» сыанаҕа суруйдулар.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо дьыктаанын түмүгүнэн улууспут 3 миэстэни ылар чиэскэ тиксэн үөрүүбүт үрдээтэ, өрөгөй чороонунан биһирэннибит! Сиһилии Олоҥхо институтун сайтыгар киирэн билсиэххитин сөп.

«Туйгун» сыанаҕа суруйбут кыттааччыларбыт Үөһээ Бүлүүтээҕи О.Д.Федорова аатынан улуустааҕы киин модельнай библиотекаттан Добун суруктары кэлэн ыларгытыгар ыҥырабыт. Бары кыттааччыларбытыгар махтал тылларын этэбит.
«Туйгун» сыаналаах кыттааччылар испииһэктэрэ
| № | АААа | Улууһа (нэһилиэгэ), олорор сирэ | Үөрэнэр (үлэлиир) сирэ, кылааһа (кууруһа), дуоһунаһа (дьарыга) |
| 1 | Егорова Зинаида Евсеевна | Үөһээ Бүлүү улууһа, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ | Д.С. Спиридонов аатына Үөһээ Бүлүүтээҕи 4N орто оскуола учуутала |
| 2 | Каташева Марианна Варламовна | Үөһээ Бүлүү улууһа, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ | Үөһээ Бүлүү киин балыыһатын лабараана |
| 3 | Павлова Дария Николаевна | Үөһээ Бүлүү улууһа, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ | Үөһээ Бүлүүтээҕи О.Д. Федорова аат. Киин модельнай бибилэтиэкэ кылаабынай бибилэтиэкэрэ |
| 4 | Карадчина Мария Романовна | Үөһээ Бүлүү улууһа, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ | М.Т. Егоров аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи 2N орто оскуола учуутала |
| 5 | Семенова Кристина Афанасьевна | Үөһээ Бүлүү улууһа, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ | «Үөһээ Бүлүү» хаһыат кылаабынай редактора |
| 6 | Потапова Татьяна Трофимовна | Үөһээ Бүлүү улууһа, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ | Үөһээ Бүлүүтээҕэ култуура департаминын специалиһа |
| 7 | Васильева Мария Степановна | Үөһээ Бүлүү улууһа, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ | Урбаанньыт |
| 8 | Алексеева Мария Софроновна | Үөһээ Бүлүү улууһа, Кэнтик нэһилиэгэ | Кэнтик орто оскуолатын алын сүһүөх кылааһын учуутала |
| 9 | Тарагаева Туяра Альбертовна | Үөһээ Бүлүү улууһа, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ | «Теремок» 2N-дээх оҕо сайдар киинин иитээччитэ |
| 10 | Бетчитова Надежда Валерьевна | Үөһээ Бүлүү улууһа, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ | «Теремок» 2N-дээх оҕо сайдар киинин иитээччитэ |
| 11 | Константинов Василий Михайлович | Үөһээ Бүлүү улууһа, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ | «Теремок» 2N-дээх оҕо сайдар киинин салайааччыта |
| 12 | Аввакумова Сардана Леонидовна | Үөһээ Бүлүү улууһа, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ | Нам орто оскуолатын учуутала |
| 13 | Андреева Анастасия Ивановна | Үөһээ Бүлүү улууһа, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ | И.Н. Барахов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи 1N-дээх орто оскуола алын сүһүөх кылааһын учуутала |
| 14 | Васильева Наталья Матвеевна | Үөһээ Бүлүү улууһа, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ | И.Н. Барахов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи 1N-дээх орто оскуола алын сүһүөх кылааһын учуутала |
| 15 | Иванова Наталья Николаевна | Үөһээ Бүлүү улууһа, Үөдүгэй сэлиэнньэтэ | Үөһээ Бүлүүтээҕи үөрэх салалтатын методиһа |
| 16 | Антонова Айталина Капитоновна | Үөһээ Бүлүү улууһа, Ороһу нэһилиэгэ | Ороһу орто оскуолатын учуутала |
| 17 | Федорова Оксана Петровна | Үөһээ Бүлүү улууһа, Кэнтик нэһилиэгэ | Кэнтик орто оскуолатын учуутала |
| 18 | Федорова Кэскилээнэ | Үөһээ Бүлүү улууһа, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ | Д.С. Спиридонов аатына Үөһээ Бүлүүтээҕи 4N орто оскуола 10 кылааһын үөрэнээччитэ |
| 19 | Арбыкина Маргарита | Үөһээ Бүлүү улууһа, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ | Д.С. Спиридонов аатына Үөһээ Бүлүүтээҕи 4N орто оскуола 10 кылааһын үөрэнээччитэ |
| 20 | Павлова Дина | Үөһээ Бүлүү улууһа, Нам нэһилиэгэ | Нам орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ |
| 21 | Адамова Нарыйаана | Үөһээ Бүлүү улууһа, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ | И.Н. Барахов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи 1N орто оскуола 11 кылааһын үөрэнээччитэ |