Сэтинньи 29 күнүгэр -Үс саха удьуора уутуйан үөскээбит Үөһээ Бүлүү сиригэр норуот уус- уран айымньытын мунутуур чыпчаала буолбут Олоҥхо уһун тыыннаах ааҕыыта ыытылынна. Төрөөбүт ийэ тылбыт сайдар суолларын тобулар, кэнчээри ыччакка туһуламмыт тэрээһиҥҥэ СӨ үөрэҕэриитин туйгуна, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Кэнтик нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Василий Иванович Алексеев-Бааһынай Баһылай“ Аан дайды айыллыыта… Орто дойду олохтонуута ” диэн олонхото тэрилтэ салайааччылара кыттыылаах ааҕылынна. Барыта 42 кыттааччы 7 чаас тухары тохтобула суох биир тыынынан аахтылар. Үлэлэриттэн быыс булан, бэлэмнэнэн, олоҥхо дьоруойдарын оруолларыгар киирэн араастаан толорон, ааҕааччыларбыт туоһу суруктаах сүргэлэрэ көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн тарҕастылар. Бу улууспутугар Ийэ тыл сылынан, Олоҥхо күнүн чэрчитинэн Олоҥхобут ыһыаҕын түмүктүүр биир сүрүн тэрээһинэ үрдүк таһаарыылаахтык ааста.

Бу маннык саха буоларбытынан киэн туттар тэрээһиннэргэ улууспут олохтоохторо: кырдьаҕаһыттан эмэнигэр тиийэ олус көхтөөхтүк кыттыбыттара инникибит эрэллээҕин, ыччаппыт кэскиллээҕин көрдөрдө. Дьоммутугар-сэргэбитигэр улахан махталбытын тиэрдэбит!
