“Молодая гвардия” издательство «Кэрэхсэбиллээх дьон олоҕо» (ЖЗЛ) сиэрийэтинэн тахсыбыт “Исидор Барахов” кинигэ сүрэхтэниитэ Национальнай бибилэтиэкэҕэ буолан ааста.

Бу күн, тохсунньу 19 күнүгэр, оруобуна 100 сыл анараа өттүгэр Сэбиэттэр бүтүн Саха Сиринээҕи бастакы сийиэстэрэ түмүктэммитэ. Ол сугулааны Исидор Никифорович Барахов тэрийсибитэ. Национальнай библиотека историческай саалатыгар Саха Сиригэр Автономияны төрүттэспит дьонтон биирдэстэрэ, судаарыстыбаннай уонна политическай диэйэтэл Исидор Никифорович Бараховка анаммыт кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. “Бу кинигэни суруйарбар миэхэ өй укпут киһинэн  учууталым, учуонай, философия наукатын дуоктара, профессор Виктор Данилович Михайлов буолар. Кини миэхэ эрэммитэ уонна итэҕэйбитэ” – диэн ахтар Алексей Амбросьев-Сиэн Мунду. Кинигэ нууччалыы буолан, Арассыыйа олохтоохторо бары ааҕар кыахтаннылар. Киирии тылын Ил Дархан Айсен Николаев суруйбут. Кинигэ сүрэхтэниитин Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Владимир Семенович Поскачин салайан ыытта.