Бүгүн — СӨ Ил Дархана Айсен Николаев төрөөбүт күнэ.

Биһиги өрөспүүбүлүкэбит сатабыллаах салайааччытыгар Айсен Сергеевичка дойдутуттан истиҥ эҕэрдэ ыытабыт. Саха норуота уйгулаах олохтоноругар, үлэтэ-хамнаһа тахсыылаах буоларыгар,  ылсыбытын ыпсаран, тиһэҕэр тиэрдэн тэйэр үлэһит, мындыр өйдөөх, дириҥ толкуйдаах, ылыннарыылаах ыллыктаах тыллаах салайааччы быһыытынан сыаналыырбытын биллэрэбит. Бэлиэ күҥҥэ кыттыһан иһирэх тыллары аныыбыт.

Дьол кыымнаах бу дьоро киэһэҕэ
Эйиэхэ төрөөбүт күҥҥүнэн
Сулустар туманы силэйэн
Ыыталлар ыраахтан эҕэрдэ!

Кыыгынас муус кыаһаан кырыалаах
Хотугу тоҥ сиргэ ыйаахтаах
Бар дьонуҥ Эйигин кэтэһэр,
Байылыат олоҕун түстэнэр.

Биир ньыгыл ыстааллыы кытаатан
Төрөөбүт дойдуну барҕардан,
Кэскиллээх олоҕу тутарга
Күр күүс баар Сомоҕолоһууга!

Эрэнэр Сахабыт дойдута
Умайар төлөннөөх сүрэххэр!
Инники олоҕо,дьылҕата
Айыллар эрэллээх илиигэр.

Мэһэйи,буомнары Эн тэлэ
Туохтан да чаҕыйан бэттимэ!
Үс сахаҥ үөрүүтүн үрдэтэ
Ыраахтан,ыардартан кэхтимэ!
САБЫЙА.