Главная / Библионовости / Барахаап дьыктаана

Барахаап дьыктаана

Олунньу 13 күнүгэр, төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр, Исидор Никифорович Барахаап төрөөбүт дойдутун Харбалаахтааҕы модельнай библиотека-филиал көҕүлээһининэн, “Бараахап дьыктаана” бэйэни тургутуу дьыктаан суруйуута ыытылынна.

Дьыктааҥҥа биһиги улуус 21 библиотекалара, өрөспүүбүлүкэ 11 улууһуттан киин уонна сельскэй библиотекалар кыттыыны ылбыттара үөрдэр. Барыта 55 площадкаҕа 800-тан тахса киһи кыттан бэйэлэрин билиилэрин тургуттулар.

Биир дойдулаахпыт, Саха сирин судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэлэ Исидор Никифорович Барахов төрөөбүтэ 125 сылыгар анаммыт дьыктааны О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотека саалатыгар суруйбуттар баалгытын сиһилии манна киирэн көрүөххүтүн сөп.

Дьыктаан уопсай түмүгүн, олунньу 15 күнүгэр, https://xarbalax.vvlibr.ru/ адреска көрүөххүтүн сөп.