Главная / Библионовости / Бүгүн, кулун тутар 2 күнүгэр, Үөһээ Бүлүүттэн бастакы ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, суруйааччы, поэт Григорий Поскачин төрөөбүт күнэ

Бүгүн, кулун тутар 2 күнүгэр, Үөһээ Бүлүүттэн бастакы ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, суруйааччы, поэт Григорий Поскачин төрөөбүт күнэ

Саха сэбиэскэй эдэр литературатын үүнэн-үрдээн иһэр суолун аһааччыларынан ортолоругар эдэркээн, элбэҕи эрэнэ күүтэр поэттара Григорий Илларионович Поскачин баара. Кини 1934 с. тэриллибит ССРС Суруйааччыларын Сойууһугар 1938 с. киириэн иннинэ биэс эрэ чилиэн баара. 1938 с. саха 12 суруйааччыта ССРС Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнинэн ылыллыбыта.  Ол кэмҥэ суруйааччылар Сойуустарыгар киирбит саха суруйааччыларыттан С.Р. Кулачиков-Эллэй, В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырабы, С.С. Васильев-Борогонскайы, И.Д. Винокуров-Чаҕылҕаны, Д.С. Федоров-Дмитрий Тааһы, С.С. Яковлев-Эрилик Эристиини саха тыллаах бары таптаан, умсугуйан ааҕаллара, кинилэр ураты уус-уран тылларыгар, чаҕылхай талааннарыгар сүгүрүйэллэрэ. Ити ааттаммыт суруйааччылары кытта оччотооҕуга тэҥ кэрдиискэ туран Григорий Илларионович Поскачин ССРС Суруйааччыларын Сойууһугар чилиэнинэн ылыллыбыта.

Григорий Илларионович Поскачин Үөһээ Бүлүү оройуонун Оноҕоччут нэһилиэгэр 1914 с., кулун тутар 2 күнүгэр төрөөбүтэ. Уон саастааҕар оскуола боруогун аан маҥнай атыллаабыта. Үөрэҕэр дьоҕурдаах, билиигэ-көрүүгэ тардыстар уолчаан Бүлүүтээҕи педтехникумҥа үөрэнэ киирэр. Учуутал техникумугар үөрэнэ сылдьан Бүлүү куоратынааҕы литературнай куруһуокка дьарыктанар. Бу куруһуокка педтехникумҥа үөрэнэр, кэлин поэт уонна тылбаасчыт быһыытынан биллибит А.Н. Николаев, Н.К. Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап, суруналыыс-учуонай С.К. Дмитриев курдук биир дойдулаахтара эмиэ сылдьаллара. Кинилэр литератураҕа дьүккүөрдээхтик үлэлэһэн, ордук хоһооҥҥо холонуулара холобур буолар.  Ол курдук, “Кыайыы кыымнара” хомуурунньугу 1933 с. Саха государственнай издательствотыгар таһаартараллар. Бу хомуурунньукка 12 автор хоһооно киирбит, олор истэригэр Григорий Поскачин икки хоһооно “Ударник комсомол”, “Ыллыам”  тахсар. Хомуурунньукка БСК (б) П обкомун секретара Н.Н. Окоемов Амма Аччыгыйын кытта Бүлүүгэ кэлэ сылдьан, литературнай куруһуок чилиэннэрин кытта көрсүспүттэр. Онно Окоемов Н.Н. эппит тылын – 1933 с. тохсунньу 24 күнэ – “Марксистыы-лениннии теорияны иҥэринии, литература техникатын бас билии – литератордар күннээҕи соруктара” диэн аат тыллаан таһаарбыттар.

1934 с. педтехникуму ситиһиилээхтик бүтэрэн, дойдутугар Боотулуу оскуолатыгар учууталлыыр. Онтон 1934-1935 үөрэх сылыгар Дьокуускайга кэлэн IV национальнай оскуолаҕа учууталынан, 1935-1936 сс. Дьокуускайдааҕы учуутал педтехникумугар преподавателинэн үлэлиир.

            Саха государственнай издательствотыгар уус-уран литература редакторынан үлэлиир. Онно олорон элбэх суруйааччылар кинигэлэрин, ол иһигэр аатырбыт Иван Арбита кинигэтин көрөн-истэн, редакциялаан таһаарбыта. Онон саха уус-уран литературатын эргийэр киинигэр биллэр суруйааччылары, эдэр үүнэн иһэр автордары, республика культурнай эйгэтин кытары билсэр-көрсөр, бодоруһар, санаа атастаһар кыахтаммыта.

Саха суруйааччыларын I конференциятыгар делегат быһыытынан Бүлүүттэн сылдьыбыта, конференцияҕа турбут Амма Аччыгыйа “Саха сэбиэскэй драматургията”, Күннүк Уурастыырап “ Саха сэбиэскэй поэзията ”  диэн дакылааттарын дьүүллэһиигэ тыл эппитэ Григорий Поскачин литература идэтийбит үлэһитэ буолбутун туоһулуур. Кини Дьокуускайга үлэлиир кэмигэр «Бэлэм буол», «Эдэр большевик», «Кыым» хаһыаттарга  «Саас сардаҥата» 1935 с.,  «Кыайыыга» 1937 с.,  «Уус-уран литература» 1938 с. диэн эдэр суруйааччылар хомуурунньуктарыгар хоһоонноро бэчээттэмиттэрэ. Кини хоһооннорун маҥнайгы хомуурунньуга «Айылҕа уһуктуута»  1936 с. Чаҕылҕан редакциятынан тахсыбыта, онно поэт 13 хоһооно киирбитэ. Онтон 1938 с. «Босхоҥ Бэргэлдьэ» диэн орто саастаах оҕолорго остуоруйата туспа кинигэнэн тахсыбыта.

Билигин Боотулуу нэһилиэгин модельнай библиотеката суруйааччы Григорий Поскачин аатын сүгэр.

Суруйааччы Григорий  Поскачин 1936 с., атырдьах ыйын 15 к. ыытыллыбыт Бүтүн Саха сиринээҕи тылы үөрэтии бастакы кэмпириэнсийэтигэр кыттыбыта.
Кэмпириэнсийэҕэ саха суруйааччылара, саха тылын, уос номоҕун чинчийээччилэр, суруналыыстар, мэтэдиистэр, учууталлар уонна уопсастыба тумус туттар дьоно кыттыбыттара.
Мунньахха Саха киин ситэриилээх кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ А.Г.Габышев, КП Саха сиринээҕи обкомун II сэкиритээрэ Н.Окоемов, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ П.Ойуунускай, учуонай Г.Ксенофонтов сылдьыбыттара.

Үөһээ Бүлүүтээҕи киин библиотека кыраайы үөрэтэр салаата.