Главная / Библионовости / КИҺИ БЭЙЭТИГЭР САҺА СЫЛДЬАР КЫАҔЫН АРЫЙАРА ХАҺАН ДА ХОЙУТ БУОЛБАТАХ.

КИҺИ БЭЙЭТИГЭР САҺА СЫЛДЬАР КЫАҔЫН АРЫЙАРА ХАҺАН ДА ХОЙУТ БУОЛБАТАХ.

Үөһээ Бүлүүтээҕи О.Д. Фёдорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа “ИЙЭ ТЫЛ СҮМЭТЭ, ИЙЭ ТЫЛ КҮҮҺЭ” тэрээһиҥҥэ ЛЮБОВЬ ЕГОРОВНА ГОРОХОВА – СҮҮМЭХ- СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, алта кинигэ ааптара, поэтесса уонна ВЛАДИМИР ДАВИДОВИЧ ИВАНОВ- Арассыыйа кикбоксинҥа үтүөлээх тренерэ, норуоттар икки ардыларынааҕы “Ердынские игры-Игры народов Евразии ” этнокультурнай фестиваль тэрийсээччитэ, “Тайна Чингис Хаана” киинэ, “Александр Невский в Срединном мире” испэктээк продюсерын кытта кэпсэтиигэ ыалдьыттарбыт өй – санаа үллэстэр, санааларын – көрүүлэрин сырдатар сэдэх көрсүһүүтэ буолла. Кэлбит ыалдьыттарбыт саха тылын сэҥээрээччилэр, иһирэх истээччилэр үтүө тэрээһинтэн билиини сомсон, саҥаны иҥэринэн, кэрэни кэрэхсээн, дуоһуйа сынньанан бардылар.