Кыһыл террор
1921-22 сылларга Саха сиригэр гражданскай сэрии уота күөдьүйэн турбута. Дьиҥэр, бу баайдар-тойоттор өрө туруулара буолбатаҕа. Норуот чыкаа, өрөпкүөм ыгыытыттан-түүрүүтүттэн, кыыллаабыт изоляция бэлиитикэтиттэн көмүскэнэргэ күһэллиитэ этэ.
Оччолорго Саха сиригэр Лебедев, Агеев, Козлов диэн дьон былааһы тутан олорбуттара. Кинилэр кэмнэригэр сорох чыкаа үлэһиттэрэ үрүҥнэргэ куоппут дьон кэргэттэрин күүһүлүүр, түбэһиэх дьону үспүйүөн диэн ытыалыыр түбэлтэлэрэ тахсыбыта. Пшенников диэн хамандыыр Тулагыга 10 ыаллаах саха дэриэбинэтин имири эспитэ. Клочков диэн кыһыл хамандыыр Марха бурдук ыһар 9 бааһынайын саабыланан кэрдэн өлөрбүтэ.
Саха сирин байыаннай чаастарын командующайын дуоһунаһыгар сылдьыбыт А. Козлов тутуллубут дьону ытыалаан иһэр, кыһылларга үрүҥнэри тыллаабатах нэһилиэк хас бэһис киһитин ытарга дьаһал биэрбитэ. Кинилэр соҕуруу салалтаҕа “саха норуотун барытын эрэ кыртахха, бу өрө туруу тохтуоҕа” диэн дакылааттыы олорбуттара. И. Барахов бэйэтэ суруйарынан, командующайынан анаммыт П. Савлук кыһыл армыайастарга “бандьыыттары өйүүр дьоҥҥо ботуруону ороскуоттаамаҥ, саабыланан кэрдиҥ” диэн бирикээс биэрбитэ. Нолуогу төлөөбөтөх дьону бандьыыттарга тэҥнээн ытыалааҥ, баайдарын былдьааҥ диэн ыйыы тахсаатын кытта, дьону кэрдэн өлөрүү, баайы-дуолу былдьааһын маассабай буолбут. Чыкаалар дьону накаастыыр хаайыы, сииктээх, тымныы бадыбааллары оҥостубуттар.
1921 сыллаахха саагыбар арылынна диэн, 300-тэн тахса киһини ынырыктык сордообуттар-муҥнаабыттар. Бу барыта Барахов хараҕын далыгар ааспыта. Туох да буруйа суох саха дьонун итинник кыыллыы сордуулларыгар кини сүрэҕэ төһөлөөх ыалдьыбытын, дууһата хаанынан хаһыытаабытын ким билиэй? Былааһы ылбыт Лебедевтээх саха салайааччыларын туох да былааһа, дьайар күүһэ суох оҥорбуттара.
М. Аммосов Москубаҕа сылдьар буолан, балаһыанньа хайдаҕын билбэт этэ. Итинник түгэҥҥэ Барахов дьоммун-норуоппун хайдах быыһыыбын диэн ыар санааҕа ыллара сылдьыбыта чахчы.
Норуотун кыргыыттан быыһаабыта
Ити иэдээннээх быһыы көнөрүгэр И.Н. Барахов дьиҥнээх оруолун, үтүөтүн-өҥөтүн күн бүгүҥҥэ диэри сөпкө сыаналыы иликпит.
1922 сыл саас соҕурууттан Каландарашвили этэрээтин Саха сиригэр күөдьүйбүт өрө турууну хам баттата ыыталлар. Кулун тутар 6 күнүгэр Каландарашвилины штабын кытта Төхтүр дьаамыгар тоһуйан өлөрөллөр. Дедушкаларын сүтэрбит кыһыллар сүрдээҕин абарбыттара. Каландарашвилины көмүүгэ И. Строд саха үөрэхтээхтэрин “… киэҥ, дириҥ даҕаны иини хаһан бараммыт умса ууруохпут, дедушкабытын эһиги эккититтэн-хааҥҥытыттан хайаан да иэстэһиэхпит” диэн аба-сата, өс-саас тылларын этэн саха дьонугар улахан кутталы үөскэппитэ. Кинилэр курдук идэтийбит сэрииһиттэр кырдьык, хаанынан уһуннарар кыахтаахтара. Оччолорго Тамбовка уонна да атын сирдэргэ бааһынайдар өрө турууларын төһөлөөх хааны тоҕон хам баттаабыттарын туһунан истэ-истэ киһи иэнэ кэдэҥниир. Кырдьыгынан эттэххэ, И. Барахов кэлии байыаннайдары тылыгар киллэрбэтэҕэ буоллар, саха норуотун үрдүгэр өр кэмҥэ ыар күннэр саба халыйыахтара этэ.
Ол эрээри саха сарсыҥҥылаах, саргылаах норуот буолар дьолугар, 1922 сыл кулун тутар 10-тан 11 буолар түүн Лебедевтээх былаастарын түҥнэрэр өрө туруу буолбута. Саха салайааччылара былаастаммыттара, эйэлээх бэлиитикэ ыытыллыбыта, өрө турууга сылдьыбыт дьоҥҥо амньыыстыйа биллэриллибитэ. Урукку үрүҥнэр аптаныамыйаны тутууга ис сүрэхтэриттэн кыттан барбыттара.
Саха сиригэр гражданскай сэриини хааны тоҕон буолбакка, эйэлээх бэлиитикэни ыытан тохтотор быһаарыы ылан, саха норуотун имири кыргыыттан икки эдэркээн уол: саха Исидор Барахов уонна нуучча Сергей Широких-Полянскай быыһаабыттара. Ол туһунан Ойуунускай маннык суруйар: “Савлук, Полянскай, Барахов буоланнар, бэйэлэрэ туспа сүбэлэспиттэр — Агеевы, Козлову, Лебедеви хаайарга уонна восстаниены саҥа куорманан, политиканы уларытан умуруоруохха диэн”.
Каландарашвили бэлиитикэҕэ көмөлөһөөччүтэ (комиссар) С.Ю. Широких-Полянскай Дьокуускайга кулун тутар 9 күнүгэр түүн кэлбитэ. Кини да хамандыырын сүтэрбит улахан аһыытыгар сырыттаҕа. Бастаан Строд курдук хааны тоҕон иэстэһэр санаалаах буолуон сөп. Сарсыныгар, кулун тутар 10 күнүгэр бүрүө чилиэннэрин Лебедеви, Агеевы, Козлову, өрөпкүөм бэрэссэдээтэлэ Ойуунускайы, бүрүө тэрийэр салаатын сэбиэдиссэйэ И. Бараховы көрсөр. Күнүс кыһыл армыайастарга сылдьыбыт уонна ол түүн, биир суукка иһигэр, Лебедевтээҕи былаастан туоратар дьаһалы ылар.
Лебедевтээх соҕурууттан бигэргэтиилээх сокуоннай былаастарын суулларарга мэнээк киһи санаммата чуолкай. Ол аата, кини сабыс-саҥа кэлээт, киһи өйүгэр батан киирбэт, түргэн быһаарыылаах, туох содуллаах буолара биллибэт сокуоннай былааһы утары өрө турарыгар ким эрэ күүстээх, ылыннарар тыла төрүөт буоллаҕа. Оннук киһи Исидор Барахов буолара мэлдьэҕэ суох. Кинилэр бастаан иккиэн сүбэлэспиттэрэ чахчы. И. Барахов онно харса суоҕун киллэрэн, хаһан да харахтаан көрбөтөх, кимин-тугун билбэт нууччатын киһитин иннигэр аһыллыбыт буолуохтаах. Кини өрө турууну эйэлээх бэлиитикэнэн тохтотуохха сөбүн, билиҥҥи омсолоох бэлиитикэ Лебедевтээҕи былаастан туораттахха эрэ көнүөн быһааран, Широких-Полянскайы бэйэтигэр тардыбытын, тылын ылыннарбытын киһи эрэ сөҕүөх курдук. Ол кэнниттэн Широких-Полянскай Каландарашвили саллааттара сахалары кыргар санааларын уларытар. Субу сибилигин саха үөрэхтээхтэрин барыларын умса уураары сылдьар доҕорун И. Строду “сокуоннай былааһы суулларыахха” диэп тылыгар киллэрэр.
Исидор Никифорович ити күн чахчы быһах биитинэн хаампыта. Карьерист, бэйэтин туһугар сылдьар киһи эбитэ буоллар сэрэнэн, саҥарбакка хаалыан син этэ. Утары олорор нуучча байыаннайа С. Широких-Полянскай кинини бассабыык баартыйа былааска олордубут дьонун сууллараары гынаҕын диэн бэйэтии буруйдаан, ыттаран кэбиһиэн сөптөөҕө. Ол эрээри Исидор Барахов ити түгэҥҥэ бэйэтин олоҕунааҕар норуотун быыһыыр санаатын үрдүктүк туппут диэхтээхпит.
Бараховтаах оччотооҕу командующайдарын Савлугу куттаан дуу, хайдах дуу бэйэлэригэр тардыбыттар. Ол түүн мунньахтыыбыт диэн албастанан Лебедевтээҕи ыҥыраллар. Онно И. Строд 20-чэ байыаһын кытта кэлэн үрдүк сололоох Лебедевтээҕи хаайан кэбиспиттэрэ, былаастан туораппыттара. Киии былааска Саха сиригэр өрө турууну тохтоторго ити саамай сөптөөх быһаарыы буолар диэн дакаастаан, туох да буруйга-сэмэҕэ тардыллыбатахтара. Ити курдук устуоруйа ытылҕанын кыл түгэнэ саха норуотуи үрдүгэр халыйбыт хараҥа былыты ыраах кыйдаабыта. Өрөспүүбүлүкэ олохтонор чэмэлкэй күнэ тыкпыта.
Владимир СТЕПАНОВ суруйуута.

