Главная / Библионовости / Саха сиригэр хааннаах диктатура 1921 сыл күһүнүттэн 1922 сыл кулун тутар 10 күнүгэр дылы олохтоно сылдьыбыта.

Саха сиригэр хааннаах диктатура 1921 сыл күһүнүттэн 1922 сыл кулун тутар 10 күнүгэр дылы олохтоно сылдьыбыта.

Уобалаһы сүрүннээн үс эрэ киһи баһылаан олорбуттара.

Обком бюрота ити үс эрэ киһиттэн турара. Уобалас туох-баар политическай, общественнай боппуруостара бу үс эрэ киһи, эбэтэр соҕотох секретарь Лебедев, көрүүтүнэн быһаарыллара.

Лебедев Георгий Иванович,
1921 с. бэс ыйын 15 к. партия обкомун секретара
Агеев Андрей Васильевич,
ЧК председателэ, партия обкомун бюротун чилиэнэ
Козлов Алексей Георгиевич
Ревтрибунал председателэ,
 партия обкомун бюротун чилиэнэ

Обком бюрота ити үс эрэ киһиттэн турара. Уобалас туох-баар политическай, общественнай боппуруостара бу үс эрэ киһи, эбэтэр соҕотох секретарь Лебедев, көрүүтүнэн быһаарыллара.

Командующайы солбуйааччы А. Козлов уонна ЧК председателэ илии баттааһыннаах 1922 с. тохсунньу 4 күнүгэр ынырык ис хоһоонноох байыаннай чаастарга бирикээс бэриллибитэ. Онно «Көҥүл өттүнэн бэриммэтэх бандьыыттар кэргэннэрин хаайталыырга, баайдарын-малларын тутан ыларга», «бандьыыттар сылдьан ааспыт дэриэбинэлэриттэн хас биэстии киһиттэн биирин ытыалыырга». Ол бирикээс бэриллээтин кытта байыаннай чаастар, ЧК оһуобай отделлара олохтоох нэһилиэнньэни маассабайдык дьакыйан бар-быттара («массовый террор») диэн, И. Барахов суруйбута. Борун уонна Корякин диэн саллааттар дьахталлары күүһүлээн барбыттара, сахалары кыыллыы сэймэктээбиттэрэ. «После же опубликования приказа №2 из устных директив Комвоорсилами т.Савлук «патроны не тратить, рубить шашками», началось нечто невообразимое и преступное. Массовые зарубывания шашками, бессистемные конфискации стали обычными явлениями» диэн, кыһыйан-абаран Барахов суруйбута.

Дьэ, ол иһин дэлэҕэ да Барахов Сиббюроҕа суругар этиэ дуо: «Посланные Лебедев и Агеев явились главными товарищами самого ужасного красного бандитизма, в сотни раз худшего, чем Синеглазовское дело». Синеглазов диэн кыһыл командир, Өлүөхүмэттэн үөһээ Лена устун дьаамсыктар станцияларыгар саагыбар бөҕө аспыт аатыран, дьону ытыалаабыт киһи.

Маннык быһыыга-майгыга Лебедеви, Агеевы хайаан да дуоһунастарыттан босхолуур наада этэ. Кинилэр көҥүл өттүлэринэн уурайар санаалара суоҕа. Обком агитационнай-инструкторскай отделын сэбиэдиссэйэ И. Барахов соҕурууттан кулун тутар 7 к. кэлбит Каландаришвили политчааһыгар көмөлөһөөччүтүн Сергей Юльевич Широких-Полянскайы тылыгар киллэрэн, П.А. Савлугу, байыаннай чааһы хамаандалыыр киһини ыххайан, Лебедевтээҕи, күүс өттүнэн тутан, хаайан кэбиһэллэр. Ол туһунан ревком председателэ П.А. Ойуунускай маннык суруйан турар: «Строд сүүрбэччэни кыайбат саллааттаах киирэн (бары нагааны өрө туппуттар): «Илиигитин өрө уунуҥ!» — диэн хаһыытаата. Онтон: «Лебедев, Агеев, Козлов диэннэр бааргыт дуо?» — диэтэ. Онуоха: «Бу баарбыт», — дэстилэр. Ньэҥньийэн, бэстилиэттэрин ылан баран, мунньах бүтүөр диэри хааллардылар. Ол кэнниттэн Савлук бу дьону хаайарга таһаарбыт бирикээһин иһитиннэрдэ». (Е.Е.Алексеев, и.н.к.)