Главная / Библионовости / “История вилюйских якутов (XVII – начало XVIII вв.)” кинигэ биһирэмэ.

“История вилюйских якутов (XVII – начало XVIII вв.)” кинигэ биһирэмэ.

Бу сыл муус устар 6 күнүгэр Үөһээ Бүлүү киин модельнай бибилэтиэкэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай архыыбын бөлөҕө “История вилюйских якутов (XVII – начало XVIII вв.)” кинигэ биһирэмин ыытта. Кинигэ автора – СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Россия бочуоттаах архивиһа, СӨ Национальнай архивын директорын солбуйааччы Степанова Наталия Степановна. Улууспут көхтөөх дьоно, кыраайы уерэтээччилэр, устуоруктар кыттыыны ыллылар, интэриэһиргиир кинигэлэрин атыыластылар.

Бүлүү сахаларын XVII үйэтээҕи олохторун кэрчик кэпсээнэ архыып докумуоннарыгар суруллан хаалбытын Москватааҕы былыргы аакталары харайар федеральнай архивтан булан, ааҕан, үөрэтэн бэчээккэ бэлэмнээн дьонугар-сэргэтигэр үтүө бэлэҕи оҥордо, ааҕааччы киэҥ билиитигэр таһаарда.

Кинигэҕэ 54 докумуон киирдэ, онтон 43 докумуон научнай эйгэҕэ  аан бастаан тахсар.

Кинигэ бастакы чааһа – Бордоҥ сахаларыгар ананар. Бордоҥнор Хаҥалас сахаларыттан нууча кэлиэн иннинэ арахсан биир туспа аҕа ууһун үөскэппиттэрэ, Сиинэ, Буотама үрэхтэригэр сыстан, сүөһү-баай тэринэн быр бааччы олорбуттара.

Бордоҥнор, дьаархаттар, хаҥаластар, нөөрүктээйилэр, наахаралар, о.д.а саха уустара 1630-1640-с дьалхааннаах сылларга – “киһи буолар дуу, кии буолар дуу” диэн ыараҥнатан, кэскиллээҕи толкуйдаан Бүлүү сиригэр тиийэн олохсуйан бүлүү сахалара үөскээн-тэнийэн баралларыгар олук охсубуттара.

Автор “Кинигэ сүрүн күүһүнэн-аналынан – Саха сирин XVII үйэтээҕи чахчытын, өбүгэлэрбит олорон ааспыт былдьаһыктаах олохторун, саханы саха дэппит чулуу дьоннорун ааттарын-суолларын, номохторго, үһүйээннэргэ кэпсэнэри ситимнээн сурукка тиһиллибитин тэҥнээн көрөн дьиҥнээҕин үөрэтии буолар”, – диэн этэр.

Докумуон дьиҥнээх кэпсээнэ ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕа.