МКУ "ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА"

Ойуунускай уонна олоҥхо дойдута

Тебенова Мария Семеновна

РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна

СР методист учуутала

пп

«Саха олоҥхото киэҥ дириҥ, тыла уус.

Саха олоҥхото элбэх үйэлээх, элбэх омук

санааларын, олохторун, олоҥхолорун

түммүт бэрт баай. Бэрт күүстээх олоҥхо.

/П. Ойуунускай/

            Эргэни эһэр үйэ кэлбитигэр, улахан омуктар культураларыгар, үөрэхтэригэр баһыйтаран саха омук тыына (духовность) симэлийбэтин диэн, тыла суох омук омук буолбатын өйдөөн П.А Ойуунускай сэбиэскэй сусуруйааччылартан бастакынан, Сойуус суруйааччыларын бастакы сийиэһэ буолан, Максим Горькай: « … начало искусства слова – в фольклоре. Собирайте ваш фольклор, учитесь на нем, обрабатывайте его» – диэн сорук туруоруон инниттэн, 1927 с. «Якутская сказка (олонхо), ее сюжет и содержание» диэн дириҥ научнай үлэни, 1928 с. «Туйаарыма Куо» драманы, 1930-1932 сс. «Дьулуруйар Ньургун Боотур» сүдү олоҥхону кыра кэм иһигэр суруйбута сөхтөрөр, айылҕатынан айдарыылаах, анатыылаах буолан хааһахтан хостуур курдук этэн-тыынан, хоһуйан, ыллаан-туойан суруйдаҕа. Үгүс түбүктээх кэмҥэ, саҥа автономнай  республика тэриллэр государственнай, общественнай үлэлэри толоро-толоро. Аны ол кэмҥэ олоҥхону өрө тутуу политикаҕа сөп түбэспэт эбит. Николай Тобуруокап суруйар: «Было это в 30-40-х гг. Критику порой не устраивало, что пришедшие из глубин веков эпосы призваны возвеличивать «поработителей», а «угнетенные массы» в них остаются в тени. Это было основным и сильным аргументом».

            Билиҥҥи кэм суруйааччылара П.Ойуунускай сөптөөх кэмигэр хорсун быһыыны оҥорбутун сөҕөллөр. Сергей Михалков суруйар: «Мне посчастливилось прикоснуться к олонхо – я написал послесловие к русскому изданию «Нюргуна Боотура стремительного», этого бессмертного творения якутского народа. Оно вполне достойно стать в один ряд с великими эпическими творениями народов мира. Воссоздав в совершенной и стройной форме якутский героический эпос Платон Ойунский совершил подвиг, подобный подвигу Леннрота, первооткрывателя карельских народных рун. Как вы знаете, этой основе он создал всемирно известную «Калевалу».

            Саха омук билиҥҥи кэмҥэ бэйэтин тылынан баай, уус-уран литературалаах, аан дойду таһымыгар биллэр-көстөр драматическай театральнай айымньылардаах, ЮНЕСКО аан дойду сэдэх айымньытын быһыытынан билиммит «үс саха өркөн өйүн, талба талаанын, дириҥ философиятын үрдүк өрөгөйө – олоҥхолоох» (Е.Г. Винокуров) буолуутугар П.А. Ойуунускай сүдү оруоллаах, ол кини саха суругун-бичигин, тыл институтун, суруйааччылар сойуустарын тэриллиитигэр, тус бэйэтин илбистээх-иэйиилээх, имэҥнээх-дьалыҥнаах хомуһуннаах тылынан суруйбут улуу айымньыларын толору өйдөөн ааҕар да буоллаххына саха буоларгын билинэргэр, кэрэхсэнэргэр, киэн туттаргар сытар. Былатыан Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону эрэ да суруйан хаалларбыта буоллар аан дойдуга сэдэх, үчүгэй айымньылаах, былыргы тыллаах сахалар буолан сандаарыах этибит. «Бу Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо 9 ырыатыгар, 36 тыһыынчаттан тахса хоһоонунан суруллубут строкатыгар төһөлөөх этигэн тыл-өс, уус-уран ньыма, улаҕалаах санаа, эриэккэс этии эгэлгэтэ сылдьара буолуой?!» /Винокуров Е.Г./

            Бу «П. Ойуунускай уонна олоҥхо дойдута» диэн үлэҕэ «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону ааҕан, үөрэтэн олоҥхоҕо хайа дойду ойууланарый, олоҥхо дойдута ханнаный диэн тус бэйэбитигэр туох өйдөбүл үөскээбитин кэпсиэхпит.

            Аан бастаан ааспыт үйэ 90-ус сылларыгар үөрэнээччибинээн, Каменев Ванялыын, үлэлээн «Олоҥхоҕо орто дойдуну олохтооһун» – «Заселение среднего мира в олонхо», онтон «Гипотеза вечности жизни в олонхо» диэн үлэлэринэн «Шаг в будущее» республиканскай НПК-ҕа, Бүтүн Россиятааҕы Вернадскай ааҕыыларыгарга кыттан сэҥээриллибитэ, ол үлэҕэ «тоҕус хаттыгастаах халлаан» диэни күн систематын тоҕус планеталара буоллаҕа, Үрүҥ Айыы Тойон үһүс халлааҥҥа, о.а. Сир үһүс планета, кини кэнниттэн кэлэр төрдүс планета бүдүө-бадыа, барбатах балык миинин курдук халлааннаах Марс планета аллараа дойду буоллаза дуу. Үөһээ, аллараа дойду бухатыырдара, удаҕаттара аан талҕаны түһэрэн, дэриэспэ таас дэлбэритэ барарын курдук тыас-уус доҕуһуоллаах, биһиги санаабытыгар ракеталарынан, НЛО-нан сылдьар инопланетяннар курдук ылыммыппыт. Ойуунускай олоҥхотугар сир киинин тула эргийэрин, халлаан эттиктэрэ бэйэ-бэйэлэригэр тардыһалларын (всемирное тяготение), үс дойду ааттаахтарыгар Улуу уот кыргыһыы (звездные войны) буоларын туһунан кэпсэнэр. Онтон уоскуйан, дьүүллэһэн «киэҥ киҥкиниир киэҥ халлаан Улуу уот дьүүлүн» таһааран үс дойдуну үллэстэллэр. Отут биэс бииһи, ол иһигэр сахалары, орто дойдуга олохтууллар. Киһи аймах ол 35 биистэн үөскээтэҕэ дуу, саха киһи төрдө эбит диэн буоллубут. Онно сөхпүппүт диэн ийэ сирбит «ыаҕас иитин саҕаттан тэлгэнэн, тэрээдийэн, кэҥээр, тэнийэн испит» диэн, бу былыргы сахалар сир үөскээһинин, эволюция туһунан өйдөбүллээхтэр эбит диэн. Остуоруйаҕа да баар «сир туруйа хараҕын саҕа эрдэҕиттэн» диэн, ону биһиги бу кыра оҕо улаатан көрөр-истэр, сылдьар сирэ, эйгэтэ, ыыра кэҥээн иһэрин этэллэрэ дуу дии санаабыппыт.

            Бу улаатан эрэр уол оҕону кытта оҥорон көрө-көрө омуннаан олоҥхону ырыттахпыт, олоҥхо сахалары атын планеталартан кэлэн сиргэ олохсуйбуттар, о.э. наукаҕа баар халлаан куйаарыгар олох өрүү баар этэ, сиргэ олох космостан кэлбитэ диэн (гипотеза вечности жизни) сабаҕалааһын олоҥхоҕо баар эбит диэн үлэбитин түмүктээбиппит.

            Дьэ, онтон Үөһээ Бүлүүгэ олоҥхо ыһыаҕа буоларынан, конференция тэриллэринэн, бокуойдаах, пенсионер киһи, өссө төгүлүн олоҥхо дойдута хайдах олохтонуллубутун билиҥҥи көрүүбүнэн чинчийдим, онно сиэним Каменева Диана көмөлөстө.

            Олоҥхо хаһан, ханна үөскээбитэй? Олоҥхо ханнык сири хоһуйарый? Диэн ыйытык куруук турар. Олоҥхо – музей, саха омук олоҕун остуоруйатын, итэҕэлин, инникигэ эрэлин кэрэһитэ. Аахтаҕыҥ аайы саҥаттан саҥа кистэлэҥэ арыллан иһэр. Олоҥхону чинчийии далай курдук киэҥ, дириҥ.

            Олоҥхо дойдутун туһунан билээри дьиҥ былыргы олоҥхолору икки кулгаахтарынан истибит, эт мэйиилэринэн билбит, бэйэлэрэ олоҥхоһут суруйааччылар суруйбут олоҥхолорун П.А.Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур”, Эрилик Эристиин “Буура Дохсун” уонна Күннүк Уурастыырап «Тойон Дьа5арыма» олоҥхолорун ааҕан тэҥнээтим, П.А.Ойуунускай  айымньыларын 7-с томуттан 1927 сыллаахха суруллубут “Якутская сказка (олонхо), ее сюжет и содержание” диэн үлэтин билистибит.

            Олоҥхо дойдута ханнык сирин билэргэ холонон П.А Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур, олоҥхотунан олоҥхо геройдарын сырыыларын, айаннарын, олоҥхо геройдара олохсуйбут сирдэрин торумнаан, олоҥхо дойдутун аартыктарын хайан ойууга киллэрэн истибит.

            Саха олоҥхото Улуу уот сэрии кэнниттэн саха үөһээ дойдуттан тэриллэн орто туруу дойдуга олохсуйуоҕуттан айыллан олоҕу хоһуйар кэрэ кэпсээн буолан барбыт.

            Улуу Ойуунускай, Таатта эбэ ойууттарын, олоҥхоһуттарын тылларын-өстөрүн, ырыаларын-тойуктарын, ийэ тыл сүдүрүүннээх сүмэтин этигэр-хааныгар, сүрэҕэр-быарыгар иҥэринэн отут олоҥхоттон таҥан оҥорбут “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотунан олоҥхо дойдутун хайдах өйдөөбүппүнэн барыллаатым.

            Олоҥхоҕо үөһээ дойду диэн соҕуруу соххор холорук халлааны уонна эҕэрдэлээх илин халлааны ааттыыллар эбит, аллараа дойду диэн арҕаа Ньэрилиир Ньэс түөртүгэн уонна хоту Ап Салбаныкы, өһөгөйдөөх Өлүү Чөркөчүөх ааттаналлар эбит.

            Олоҥхо  дойдутун барылын оҥорорбор аан бастаан сиэммэр остуол оонньуутун оҥороору Сандал Маҥан Дойдуга Сайдылыкы эбэҕэ олохтоох Саха Саарын кэрэ кыыһын Туйаарыма Куону ойох ылаары кэлбит бухатыырдар аттарын сүүрдэр күрэхтэрин суолун хайдым. Сүҥ Дьааһын аҕалаах Буура Дохсун бухатыыр Халлаан Хара Маҥаастаайа уонна Ньургун Боотур Дьулусхан Субуйа Сүүрүк Дьураа Хара аттара кылгатан эттэххэ: Сайдылыкы эбэттэн орто дойдуга Ньудьулу  байҕал соҕуруу өттүнэн, аллараа дойдуга Лэбийэ байҕал илин өттүнэн, Муус Кудулу байҕал уҥуоргу өттүнэн, Улуу Куктуй аартыгынан, Оһол уола, Кэлтэгэй Кэлээни анараа өттүлэринэн, үөһээ дойдуга Эҥсэли Кулахай бэтэрээ өттүнэн, Ытык Иэрэҕэй таһынан, Эҕэрдэлээх илин халлаан аннынан Күн төрүүр көмүс хайатын кэтэх өттүнэн Иэйиэхсит Сиэҕи Маҥан  аартыгынан Сайдылыкы эбэҕэ тиийэн кэлэллэр.

            Ити үлэ кэнниттэн, сир киэнэ киинэ буолан сириэдийбит Кыладыкы эбэҕэ олохтоох  Ньургун Боотур кыа-хаан олбохтоох, кыырыктаах үҥүү кымньыылаах кыргыһа айанныыр албан ааттаах сырыыларын хайысхаларын батыстым.

            Бастаан, арҕаа диэки Аал Маҥан хайалар бэтэрээ өттүлэригэр Муус Суорун булгунньахха олохтоох, аллараа дойдуттан айдарыылаах Кытай Бахсылааны ууска таҥна-сапта, сэп-сэбиргэл тэриттэрэ айанныыр.

            Онтон туран, балтытын Айталын Куону уоран-талаан барбыт  Арсан Дуолай аҕалаах Өһөх Харбыыры ир суолун  ирдиир. Ол ирдээн, аллараа дойдуга Уот Кудулу байҕал уҥуоргу өттүгэр ситэн охсуһан, аан дойду киэбин- киэлитин кэйбэлдьитэн Күн төрүүр Көмүс Хайатыгар үтэйиллэллэр. Онно сатаммакка Хаан Дьалыды байҕал Муус  Суорун  булгунньаҕар, улахан буруйдаахтар утаарыллар сирдэригэр, өстөөҕүн өһөрөр.

            Аллараа дойдуга алларыйан Хаан Дьалыстыма аартыкка быстаран сыттаҕына Ардьамаан Дьардьамаан аҕалаах Бохсоҥоллой Боотур Айталын Куону уоран барар. Аны ону эккирэтэн балтын быыһаан дьиэлииллэр.

            Ол кэлбитэ, Туйаарыма куону Уот Уһутаакы диэн аллараа дойду  ааттааҕа, Арсан Дуолай уола, уоран барбытын быыһыы барбыт быраата Үрүмэччи Маҥан аттаах  Үрүҥ Уолан күнэ хараарбыт бэлиэтин көрөн, ону быыһыы аттанар. Хаан  Дьалыстыма аартыгынан хоту баран Лэбийэ байҕалы, Муус Кудулу байҕалы уҥуордаан араас албаһынан баһыйан, кыайан-хотон, Үрүҥ Уоланы өлбөт мэҥэ уутунан тилиннэрэн, Туйаарыма Куону, Күн Дьирибинэни,  Уот Уһутаакы хаайыытыгар сыппыт айыы бухатыырдарын босхолуур.

            Ити кэнниттэн, дойдуларыгар тиийэн тэринэн Туйаарыма Куо аатыгар ыҥырыктаах ыалдьыттардаах ыһыахха Сайдылыкы эбэҕэ Саха Саарыннаахха дьүһүн кубулунан Суодалба уол буолан Үрүҥ Уоланы арыаллаан тиийэр. Бу ыһыахха үөһээ дойду үтүөлэрэ Буура Дохсун уонна төрүөҕүттэн Уот моҕойу умса баттаан мииммит Уот Уһуму Тоҥ Дуурай күтүөттүү кэлбиттэр.

            Дьэ, туран, бу Уот Уһуму түрүлүүр түөкүн эбит, ыһыахха туох да күрэххэ кыттыбакка эрэ күүһүнэн күтүөттээн охсуһууну тэрийэн Оһоллоох Онолутта Эбэҕэ Ньургун Боотурдуун утаарыллан, аны онтон үс Дьөһүөлдьүт Күн төрөөбүт Көмүс хайатыгар аҕалтааннар, дуолан охсуһуу буолан, Уот Уһуму хотторон иһэн уот садаҕа моҕой буолан куотар, ол куотарыгар Үрүҥ Уолан ойоҕун Туйаарыма Куону тобулу харбаан ааһар, Эҥсэли Кулахай байҕалга көрсөн охсуһуох буолар.

            Орто дойду улуу дуолана барылыыр бар өксөкү буолан көтөн көтөҕүллэн, эккирэтэн истэҕинэ, кэҕэ кыыл дэлбиргэлээх Кэниэрдээх Кээхтийэ аартык иччитэ  Уот Холуонньай кирдээх-хохтоох, аллараа дойду сытын- дьаарын иҥэриммит бухатыыры холоругунан сөрөөн умса  быраҕар,  кириргээн киэр гыныҥ диир. Одун Хаан ыйыытынан Айыы Намыһын удаҕаттар арчылаах алгыстарынан дьайын ыраастаан, “буор сир о5ото үөһээ дойду саталаах салгынын тулуйуоҥ суоҕа, Ньэрилиир Ньэс Түөртүгэҥҥэ өлүү уутугар умсан таҕыс, оччоҕо эрэ Уот Уһумуну кыайыаҥ»,- диэн сүбэлииллэр.

            Улуу бухатыыр  умсан тахсар сүрдээх уутугар сүрэхтэнэн, Эҥсэли Кулахай байҕалга Уот Уһумуну ирдээн тиийэн охсуһан, ол дойдуну үлтү кэһэн, үрдүктэр дьаһалларынан Үс Ньүһэр Өлүү бухатыырдарынан уот оҕурук быанан оҕуурданан, Ытык Иэрэҕэй халарыктыы ытыллар халлаан халбас харатын миинэн, онтон тыыннаах хаалар. Халыҥ аньыылаах Уот Уһуму Халбас Хараны халты харбаан мэнэгэйдээх бэлэскэ мэлис гынар.

            Дьэ, Ньургун Боотур сэттис сырыытыгар кылааннаах-өргөстөөх Кыыс Ньургуну ойох ыла Кылбараҥ Маҥан дойдуга Кылбаарыкы эбэҕэ айанныыр. Кыыс Ньургун быраата Хаан Дьаргыстай бухатыыр аллараа дойдуга Алып Хара Аат Моҕойдооҥҥо хотторон кэлгиэҕэ сытарын босхолоттороору хоболоох кутуругар сөрөөн Ньургун Боотуру онно түһэрэр. Үс күлэр ньүкэн үлүскэннээх сындыыһын, Дьулусхан Субуйа Сүүрүк Дьураа Хара ат сүбэтинэн, Ньургун Боотур тимир үтүмэх буолан субуллан Уот сымала байҕалы уҥуордаан тахсан Алып Хараны кыайар, бухатыырдары босхолуур, Айыы Намыһын удаҕаттар Кыыс Ньургун кыргыс дьайдаммыт кыдьыктаах хаанын тоҕон, кыргыс дьайыттан ыраастаан, бэрт диэн үтүө дьахтары Ньургун Боотур ойох ылан дьиэлэригэр аттаналлар. Ол айаннаан иһэн, Тимир Дыыбырдаан Үрүҥ Уолан оҕото Оҕо Тулаайах бухатыыры, Хаачылаан Куону былдьаары, өлөрөөрү сылдьарын быыһаан, өстөөхтөрүн өһөрөн өрөгөйдөрө үрдүүр. Ити сырыылары ойууга киллэрдибит.

            Улуу Уот кыргыһыы иннинэ орто дойдуга ким олорбута биллибэт, киһитэ-сүөһүтэ суох турбут дойду буолуон сөп.

            Чыҥыс Хаан ыйааҕынан 35 бииһи, ол иһигэр сахалары, орто дойдуга олохтообуттар.

            Араас идэлээх, дьарыктаах биистэр кэлэннэр олоҕу оҥорон барбыттар: үөһээ дойдуттан Улуутуйар Улуу тойон улахан уола Аан Уххан олохсуйбут, кинини аал уот  иччитин Хатан Тэмиэрийэ курдук санаан үҥэр-сүктэр буолбуттар; аллараа дойдуттан Кыдай Бахсылааны уус  олохтонуллубут, кини үс уус төрдө буолбут. Орто дойдуга дьон  тимир үйэҕэ кэлбиттэр. Аллараа дойдуттан кэлээччилэр ынах сүөһүлээх, үөһээ дойдуттан кэлээччилэр сылгылаах кэлэннэр орто дойдуну чэчирэппиттэр.

            Орто дойду хотугулуу-илин өттүгэр Хаан Дьаҕыл, Улуу Дьаҕыл хайалар бааллара Дьааҥы, Черскэй хайаларын санаталлар.Илин ичигэс дойдуттан Иэйиэхсит Сиэҕи Маҥан аартыга аһыллар.

            Муус Күҥкүйэ суол аҕыс ыйы тоҥ сытар өрүһүнэн суол курдук, Өлүөнэ өрүс соҕурууттан хоту барар Хаан Дьалыстыма аартык. Орто  дойду хоту өттүгэр – аллараа дойдуга – ханан да киирбитиҥ иһин байҕал: Лэбийэ байҕал, Муус Кудулу, Уот Кудулу, Уот Сымала, Хаан Дьалыды байҕаллар – ити Хотугу Муустаах акыйаан муоралара, олор кытыыларыгар Арсан Дуолай 36 бииһэ олорор кылгас күннээх, кэлтэгэй ыйдаах, барбатах балык миинин курдук бадыа-бүдүө дойду.

            Саха Сирин ортотунан соҕурууттан хоту байҕалга диэри Улуу өрүс устар. Саха өрүс баһын үөһээ дойду диир, өрүс төрдүн аллараа диир, өрүс баһын диэки барары үөһэ тахсыбыт, өрүс төрдүн диэки барары аллараа киирэбит дииллэр. Итинник өйдөбүлүнэн уонна сирин ньуурунан Саха сирин илин уонна соҕуруу өттүтэ үөһээ дойду, арҕаа уонна  хоту өттүтэ аллараа дойду диэн ааттаннахтара.

            Арҕаа бардахха Ньэрилиир Ньэс Түөртүгэҥҥэ Тимир Дьигис Хайа – Урал хайалара. Арҕаа барар аартык Кураанах Куохтуйа, истиэп, эбэтэр кумах куйаар буолуо. Соҕуруулуу – арҕаа Араат байҕал – Аральскай муора – баар.

            Соҕуруу барар аартык Кэниэрдээх Кээхтийэ кэҕэ кыыл дэлбиргэлээх, ол аата эргэнэ хара тыалаах,  Баргузин буолуон сөп, ол суолунан Эҥсэли Кулахай байҕалга тиийэҕин, ол Байкал.

            Орто дойдуга олохсута түһэриллибит Саха Саарын: “Үөһээ халлаантан үргүөр үргүйдэҕинэ бүөлүү анньыам» диэн бөртөлөөх бөрө тириитин үтүлүк тиктэрбит; орто дойдуттан, ойоҕос өттүбүттэн көй өлүү салгына көйө охсон кэллэҕинэ саба анньыам”, – диэн саарбанан саҕынньах тиктэрбит; аллараттан аргыар аргыйда5ына саманан саба үктүөм диэн эһэ тыһынан этэрбэс тиктэрбит, ол аата тымныы дойдуга кэлэн халыҥ түүлээх таҥас тэриммит.

            Дьэ бу, Орто дойдуга кэлэн кыһыҥҥы, уһун, хараҥа киэһэлэргэ сырай оһох угуттуур сыралҕаныгар, көбө-көбө сөҕүрүүр кыһыл чохтор сырдыктарыгар муннук чэҥэ, муус түннүк кырыата араас өҥүнэн күлүмүрдүүрүгэр, күлүктэр сүөдэҥнииллэригэр устар ууну сомоҕолуур уус-уран тыл уйулҕаны хамсатан,  иэйиини көбүтэн ааспыт дьыллар дьалхааннарын, билиҥҥи олох  сырыыларын, кэлэр олоххо кэрэ ыралары үөскэтэн, көөчүктээн, тупсаран, тугу барытын тыыннаан, иччилээн,  айылҕа сүдү күүстэригэр дириҥ итэҕэлинэн омуннаах олоҥхо үөскээтэҕэ. Олоҥхо саха дьонун санаатын түмэн, күүһүрдэн олоххо, кэрэҕэ эрэли хас биирдии киһиэхэ сахтаҕа. Махтал бастакы олоҥхоһукка.

            Бу бастакы олоҥхоттон саҕалаан саннылара хайаҕастаах, өттүктэрэ үүттээх, ураты дьоҕурдаах, уус тыллаах, Улуу Суорун бэлиэтээбит дьонноро истиһэ-истиһэ, илин-кэлин түсүһэн олоҥхо айан, толорон, ыҥырыыга сылдьан, дьон түмсүүлэригэр ыһыахтарга, урууларга, муҥхарарга уйулҕаны хамсатан, уран саха тылыгар умсугутан бу 35 биис дьонноро бары саха тылланнахтара.

Түмүк:

  1. П.А. Ойуунускай Саха Автономията олохтонор кэмигэр сөҕүмэр хорсун быһыыны оҥорон саха олоҥхотун фольклорун чиничийэн, суруйан, бэчээттэтэн инникини, саха омук тыллаах буолуутун кэрэһэлээбит.
  2. Олоҥхо дойдута – билиҥҥи Саха Сирэ.
  3. Олоҥхо айыллыбыт кэмэ  Чингисхан сэриитин кэннэ. Сири саҥаттан үллэстиигэ сахалары хоту олохтообуттар;
  4. Сахалар үөһээ дойдуттан, ол аата соҕурууттан кэлбиттэр, сылгылаахтар, Күн Дьөһөгөйтөн төрүттээхпит дэнэллэр. Ичигэс түүлээх таҥаһы олоҥхо дойдутугар тэриммиттэр
  5. Олоҥхо орто дойдутугар 35 биис олохсуйан бары саха тылламмыттар, кинилэри саха олоҥхото түммүт.

рр

Туһаныллыбыт литература:

  1. П.Ойуунускай. 7 том. Ахтыылар, этиилэр, ыстатыйалар, кэпсээннэр. «Якутская сказка (олонхо), ее сюжет и содержание”, стр.128. – Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, 1962 с.
  2. П.А.Ойуунускай. Айымньылар. IV том. Дьулуруйар Ньургун Боотур. I, II, III ырыалара. – Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, 1959 с.
  3. П.А.Ойуунускай. Айымньылар. V том. Дьулуруйар Ньургун Боотур (олоҥхо). IV, V, VI ырыалара. – Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, 1959 с.
  4. П.А.Ойуунускай. Айымньылар. VI том. Дьулуруйар Ньургун Боотур (олоҥхо). VII, VIII, IX ырыалара. – Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, 1960 с.
  5. Эрилик Эристиин. “Буура Дохсун” олоҥхо. – Дьокуускай: Бичик, 1993.
  6. Күннүк Уурастыырап. Тойон Дьаҕарыма. – Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, 1959 с.
  7. Саха фольклора. Хомуурунньук. Оҥордо Д.К.Сивцев. – Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, 1970 с.
  8. В.А. Семенов. “Творчество Ойунского” Изд. “Наука” Сибирское отделение. Новосибирск, 1980;
  9. П.А.Ойунский: мифы и реальность. Якустк, 2004;
  10. Слово о Платоне Ойунском. Якутск, 1985;
  11. Н. Тобуроков. Кто он Платон Ойунский? Якутск. Бичик, 2014

рр

Олоҥхо дойдута.

Олоҥхо оҕотобун..

Ийэ сирбит бөкүнүк –

Ыаҕас иитин саҕаттан

Тэлгэнэн, тэрээдийэн,

Кэҥээн, тэнийэн испит.

Тус хоту хайыһабын:

Уҥа илиим илиннии,

Күн төрүүр Көмүс хайа

Кэтэҕиттэн күндээрэн,

Соҕуруунан күөрэйэн,

Хаҥас арҕаа күн киирэр.

Күммүт тула уҥалыы

Тоҕус хаттык эргийэр,

Окко үһүс мин сирим.

Төбө өттүм киэҥ куйаар –

Холоруктаах үөһээ дойду,

Тымныы, хаҕыс улуу дуол –

Улуу Суорун дойдута.

Турабын ийэ сирбэр,

Орто дойду буоругар.

Сирэм сиргэ Аал Луук мас –

Олох манна чэлгийэр.

Аан дойдубут аһаҕас –

Ханна баҕар аартык баар,

Ыра, ырыа көлөнөн

Аттанаҥҥын айаннаа.

Күн төрүүр көмүс хайа,

Илгэлээх үтүө дойду

Иэйиэхсит суолунан,

Сиэҕи маҥан аартыгынан,

Илин диэки бардахха

Айыыларга тахсаҕын.

Кыдай Бахсы уһанар

Арҕас хайа анараа

Аҕыс уон аҕыс ааһар

Арааһынай албастаах

Арҕааҥы адьынаттар

Улуу Куктуй суолунан

Кэлэр-барар эбиттэр.

Өлүү уута манна баар,

Улуу дуолан боотурдар

Уйаннарын –  хатаннарын

Билгэлииллэр умсаахтаан.

Оботтоох Уот Чупчурҕа.

Уот садаҕа моҕойдоох

Холоруктаах дойдуттан

Тоҕус уон тоҕус куотар

Кулан кубулҕаттардаах

Соҕуруу сорсуннаахтар

Сордоох муҥ суунаҕалаах

Кэниэрдээх Кээхтийэнэн

Сыбыытыыллар күнүс, түүн.

Муус Кудулу байҕалтан

Бадыа-будуо дойдуттан,

Аптаах Салбаныкыттан,

Арсан Дуолай аймахтара

Хааннаах Дьалыстыманан,

Килээй Муус Күҥкүйэнэн

Киирэр – тахсар эбиттэр.

Анаар, киллэр, өйгөр көр.