“Эргиллибэт оҕо сааһым”. О. Д. Федорова бэчээккэ тахсыбатах ахтыыта

Хаҥастан бастакы Ольга Федорова турар. 1937 сыл

Оҕо сааһым туһунан одоҥ-додоҥ өйдүүрбүн бэлиэтиэм.

Кэнтиккэ, арааһа 4 сааспар буолуо, алааска, сыыр үрдүгэр Боодохтор  диэн  ыалы  кытта  дьуккаах олорор этибит. Онно ийэм оройуоҥҥа буолуо, суох этэ.  Хороттон убайым Азар (улахан киһи) кэлэн хоно сылдьан  аҕам суоҕар  баттахпын  кырыйан, оройун  ылан  баран, кэннин хаалларбыта  уонна  кэнсиэрбэ баанкатынан баттахха анньынар тараах  кырыйбыта  уонна: «Оҕом Лиэнньин буоллуҥ, маны анньын»,  диэн ол  кырыйбатах  өттүгэр  анньыбытыттан  өһүргэнэн  ытаан бөҕө буолан, аҕам көмүскээн: «Оҕону тоҕо хаадьылыыгын?», – диэн уолун мөхпүтүн өйдүүбүн. Онтон ийэм кыра  оҕолоох кэлбитэ, утуйарбытыгар  мин уонна Еля атахха үүрүллүбүппүт. Онно утуйалларын кэтэһэн, ийэм мунна тыаһаабытын  кэннэ, кыра оҕотун сыҕарытан баран  хоонньугар  киирэн  эмэн  эрдэхпинэ, уһуктан, сүүскэ биэрэн үүрэн ыыппыта. Ол аата түөртпэр диэри эмэ сылдьыбыт быһыылаахпын.

Онтон хаһан кэлбиппитин  билбэтим, Хоптолооххо  олорор этибит.  Арай биир күн ийэбит Еля биһиккини дэлби киэргэтэн, саҥа ырбаахы кэтэрдэн, атахпытыгар бачыыҥка кэтэрдэн: «Абаҕаҕыт Өлөксөйдөөххө барыҥ, бу бурдугу илдьиҥ», – диэн кыра мөһөөчүккэ алаадьы бурдугун (сеяҥкэ) кутан туттарбыта. Сайын тула күп-күөх, ыраас баҕайы күн турара. Урут ол абаҕабыт аахха сылдьар этибит, наһаа ырааҕа суох этилэр.

Ол баран истэхпитинэ арай биир хаппыт тиит төбөтүгэр туох эрэ олороро,  урут  истибэтэх  саҥабыт  иһиллэр. Сотору-сотору: «Тук-туук, тук-туук…» диэн бөҕө. Ону биһиги: «Абааһы олорор, ити биһигини ыытымаары саҥарар», – диэн араастаан сүүрэ сатаан  баран төнүннүбүт. Ол иһэн өйдөөбүппүт – ойуурбут маһа бөдөҥөөн барда, кэлэрбитигэр хатыҥ чараҥ ортотунан кэлбиппит, ону: «Абааһы аны дьиэбитигэр ыытымаары гынар», – диэн ол суолбут устун өчөһөн туран бардыбыт. Суолбутугар аны киэҥ баҕайы уу баар буолла, ону: «Абааһы соруйан уу оҥорор, суолтан таҕыстахпытына  (ойуурунан  тумуннахпытына) тутан ылаары гынар», –  диэн кыыспын Еляны сүгэн баран, ол ууну кэһэн таҕыстым, уум түөспэр дылы. Онтон суолбут хараҥаран, ойуурбут маһа хойдон, лүҥкүрэн истэ, дьиэбитигэр тиийэр диэн суох.

Күн аллараа санньыйыыта арай биир алаас саҕатыгар, сыыр үрдүгэр баар буоллубут, аллараа  суол икки өттүнэн уулаах (хаһан эрэ көрбүт сирбит),  уҥуор  бурдук үүнэн буһан, саһаран көстөр. Ол кытыынан биир киһи хаамара көһүннэ, ону балтым: «Паапаа…» дии-дии ытаан бөҕө буолла, ону мин: «Абааһы буолуо, ыҥырыма», – диэн көрдүм да, кыыһым истибэккэ ытааһын бөҕө. Ол киһибит биһиги саҥабытын истэн, ордук Еля ытыырын истэн тиийэн кэллэ. Онно көрбүппүт – абаҕабыт Сүөдэр оҕонньор кэлэн турар эбит. Күөх  харахтаах, кытархай  бытыктаах, улахан баҕайы киһи Еляны көтөҕөн, миигин сүгэн Хоптолооххо отой киэһэ кэллибит.

Аҕабыт дэриэбинэттэн тахсыбыт эбит, дьону мунньан көрдөөн булбатахтар, айдаан бөҕө…

Кэлин  билбитим кыһыҥҥы айан суолунан сылдьыбыппыт, улахан маары кэһэн тахсыбытым, балтыбын сүкпүтүнэн. Арай дириҥ буоллун…

Ити сайын арай  биир  сарсыарда (төһөтө биллибэт ээ, баҕар билиҥҥинэн эбиэт кэннэ буолуо) уһуктубутум – дьиэҕэ ким да суох, таҥнаары ырбаахыбын көрдөөн булбатым. Таһырдьа тахсыбытым, хотон таһыгар ким да суох, сүөһүлэр да суохтар. Дьиэҕэ киирэн таҥаспын эмиэ көрдөөн көрдүм, булбатым. Орон  баһыгар  ийэм  баска  маанар хаарыс солко, оонньуур  өҥнөөх  былаата турарын ылан иннибэр туттан баанан баран күөл  уҥуор  олорор Амтаһын Ньукулайдаахха Миисэ диэн ньохчоҕор (сиһин сиэппит) уолларын кытта оонньуу сырыттахпына, Амтаһын улахан кыргыттара Огдооччуйа, Суойа үлэттэн  кэлэн чаайдыы олорон: «Бу оҕобут таҥаһа үчүгэйиин, кэннигинэн  эргий  эрэ» диэтэхтэрин  аайы мин иннибинэн, кэннибинэн эргийэбин, ол аайы күл да күл буолаллар этэ. Аны санаатахха иннибэр эрэ былааттаах сырыттаҕым дии… Эмиэ киэһэ, хойут аҕам кэлэн булан, көтөҕөн илдьэ барта. Күнү, киэһэни быһа көрдөөбүттэр. Сыгынньах уҥуоргу ыалга барыа диэхтэрэ дуо?

1935 сыл кыһын, МТС тэрилиннэҕин сыл Намҥа МТС  контората турбут сыыр үрдүгэр биир кыра дьиэҕэ кыстаабыппыт. Онно эмиэ туох эрэ  дьиэни туппут буолуохтаах. Ол кыһын, биир күн борук-сорук буолуута чаайдыы олордохпутуна  биир сыарҕалаах аттаах киһи киирэн чаайдаабыта. Ол киһи быһыылаах,  уу  курдугу  илдьэ  иһэриттэн  кыра бытыылкаҕа кутан биэрээри: «Тоҕойум, тымтыкта уматан аҕал эрэ, хараҥаҕа көстүбэт», – диэбитигэр көмүлүөк оһоххо тымтык уматан баран чугаһаан истэхпинэ остуол бүтүннүү багдас гыммыта, били бытыыллаах уу курдуга дэлби ыстанан дьиэ иһигэр уот бөҕө сүүрэ сылдьарын ууннан ыһа сатаабыттара, умуллубакка куота сылдьыбытын  уу  бүтэн, арай таҥас  сууйбут бааннайдаах  уутунан  (кирдээх) саба  ыспыта,  дьэ  умуллубута. Остуол иһитэ бары сири  булбуттар,  алдьаммыттар этэ. Онно билбитим, бэнсиин диэн кутталлааҕын уонна бэнсиин диэн тылы саҥа истибитим. 

Нөҥүө сылыгар күһүн дэриэбинэҕэ көһөн киирбиппит, аҕам оскуола дьиэтин туттарар буолан, онно Чаллыр оҕонньордоох дьиэлэригэр кыстаабыппыт. Ван-Хан-Тан Александр диэн кытай кэргэнинээн Сөдүөрэлиин дьуккаах кыстаабыттара. Арай биир сарсыарда турбуппут кытайбыт суох. Ким да кини туһунан саҥарбат. Кэлин билбиппит ол кэмҥэ кытайдары туталлара үһү. Ол иһин күрээбит эбит. Кэлин, хойут Якутскайга студенныы сылдьан булан көрсүбүтүм.

Онтон нөҥүө кыһыныгар Бөгдьөөн  Эҥиэттэйдээххэ  кыстаабыппыт.  Ол дьыл (1936-1937сс.) саас аан маҥнай трактор диэни көрбүтүм, Бөгдьөөннөр  тастарыгар  Ахталба  Дьарааһын  аҕалан туруорбута. Онно дьон бөҕө мустан көрбүтэ. Мин трактор сытыттан төбөм ыалдьан, киирэн утуйан хаалбыт этим. Киэһэ аҕам: «Кэл эрэ, бу кыыс тоҕо утуйда?», – диэн ыҥырбытыгар  кэлбитим,  ырбаахыбын  өрө  тардан  испин  көрөн баран: «Бар сыт, ыалдьыбыккын», – диэбитэ, куордаабыт этим. Онтон балтыларым ыалдьыбыттара,  үс  оҕо үһүөн куордаабыппыт эбит, ол иһин оһоҕо суох дьиэҕэ тимир оһоҕунан оттон, онно көспүппүт. Аҕыйах хонон баран кыра кыыспыт Даачык туораабыта, Еляны эмиэ өлөрүгэр тиийбит диэбиттэрин кэннэ, бэттэх кэлбитэ дииллэр. Оттон Бөгдьөөннөр биир 3-тээх уоллара туораабыта.  Ол дьыл 1937 сыллаахха Чаллыр сиэннэрэ Чөҥкө Маарыйа (Болтокова Мария Романовна – Куока кэргэнэ) уонна Хардаҕас ойоҕун кыыһа Мария (телефонистка Алексеева Мария Петровна) «сааһым аҕыһым  диэ»,  диэн  кигэннэр оскуолаҕа суруттарбытым. Ону билэн, аҕам сааһа туола илик, – диэн ууратаары гыммытын, оскуола директора Сысолятина Анна Ильинична: «Дьиэтэ чугас, сырыттын, туорайдаһымаҥ, баҕар  үчүгэйдик  үөрэниэ», – диэн ол дьыл оскуолаҕа киирэн Семен Максимович Егоров, онтон Захар Захарович Захаров үөрэппитэ.

Оскуола Советскай уулуссаҕа Иннокентьев Павел Васильевич дьиэтин үөһээ өттүнэн сыыр сырайыгар турара. Пуд Карадчин дьиэтэ дииллэр этэ, быһыыта. Онно Воронкина Мария  Митрофановналыын биир паартаҕа олорон күн аайы кумаахыннан оҥоһуллубут кукланнан ыаллаах буола оонньоон  тутулларбытын  өйдүүбүн. Кини  Билиилээхтэн  сылдьан  үөрэнэрэ, оройуон араадьыйатын дьиэтигэр олороллор этэ. Ол оннук үөрэхтээхтэр этибит, син ол да буоллар кылааспытын бүтэрбиппит.

Онтон  оскуола  тутуллан  бүтэр, 1937 сыл күһүнүгэр.  Улахан оскуолаҕа үһүс  кылаастан көһөн үөрэммиппит.  Ол иннинэ Советскай уулуссаҕа детдом буолбут  дьиэҕэ үөрэммиппит. Сайын  аайы уһун күнү өрүс биэрэгэр  Агаева Танялааҕы кытта атаарарбыт, оонньоон, сөтүөлээн.

1939с. дьонум арахсыбыттара (аҕам Марфа Христофоровна диэн 2 оҕолоох дьахтары ылбыта). Мин аҕа оҕото буолан аҕабар хаалбытым. Өрүстэн сөтүөлээн тахсан истэхпитинэ балтым Еля биһиккини суутка киллэрбиттэрэ, дьонум арахсар дьыалалара көрүллэ турар эбит. Ийэм: «Оччугуй кыыһы биэрбэппин, улахан кыыс тоҕуһа буолла, онон бэйэтэ биллин», – диэбитэ. Аҕам: «Улахан  кыыһы  биэрбэппин» диэбитэ, мин: «Аҕам биэрбэт, ийэм наадыйбат эбит» дии санаат: «Аҕабар хаалабын» диэтим. Онтон кыһынын ийэбэр төттөрү барбытым, саҥа дьону кытта тапсыбатаҕым.

Ол дьыл таҥара үлэһитин дьиэтигэр Меланья Воронкиналааҕы кытта дьуккаах кыстаабыппыт, ити билиҥҥи Советскай уулуссаҕа турар, оскуолаттан  чугас   дьиэ. Ол дьиэ  таһыгар  Евдокия Мордовская дьиэтэ баара (билигин Мясомолпром үлэһиттэрэ олорор дьиэлэрэ турар).

Саас Огдооччуйа эмээхсин: «Оля, киир эрэ», – диэн ыҥырбытыгар киирбитим, киһим  түннүккэ  турар  сибэккитин буорун хаһан, мин оччотооҕу ылгын чымыйам улахан аҥаарын саҕа араҕастыҥы от күөхтээх (түүнүк  курдук)  харааран  көстөр  таас  курдугу биэрбитэ. Онтум син биллэр, лис курдук ыарахан этэ. Аҥаар баһын быһаҕынан быспыт курдук суоллааҕа, онто  араҥас  кылбайан  көстөр  өҥнөөҕө. «Аҕаҥ хаалларта, ийэҕэр таһааран  биэр. Сэрэн, сүтэримэ, көмүс», – диэбитэ. Ону маамабар таһааран биэртим. Ол кэмҥэ Якутзолото  маҕаһыына үлэлиирэ, онно туттаран ас-таҥас, хаччы ылан Бүлүүгэ балтым Еля муҥурун быстара киирбиппит, Дмитрий Гурьев хирурга. Онно хас хоммуппун  өйдөөбөппүн, сотору соҕус буолан баран параходунан Кривогорницына Наталья уонна Вера Семенова диэн кыргыттарга туттаран дойдубар ыыппыта.

Ол кэлэн олорбут дьиэбэр (М.С. Воронкиналаахха) биир хонон баран аҕам  аахха  Октябрьскай  уулусса  уһугар  баалларыгар  барбытым.  Ол кэмҥэ арааһа дьиэбитин бааннарга атыылаабыт эбит, кэлин биллэххэ.

Арай  биир сарсыарда (күнүһүөрэх) тураат оонньуур сирбитигэр бараары көрбүтүм (уулусса усталыы), борокуот кэллэҕинэ мустар сирдэригэр,  өрүс  үрдүгэр,  умайбыт кулууп турбут сиригэр дьон бөҕө мустан эрэр, онно сүүрэн элээрэн тиийбитим дакылааттыыр сирдэригэр (трибуна  курдук  маһынан  оҥоһуллубут  үрдэтиигэ, арааһа оруобуна оннук билигин да турар) биир киһи тахсан: «Немецтэр сэриинэн саба түстүлэр, сэрии буолла…» диэн кэпсээн эрэр эбит. Мустубут дьон элбэх этэ, долгуйуу, ытааһын бөҕө буолтара.

1941 сыл күһүнүгэр  усаайба иһигэр урут көһөрөн киллэрбит эргэ, сарайа суох, улахан соҕус, көмүлүөк оһохтоох дьиэбитигэр олорор буолбуппут. Чучайцев Данил Иванович  эдьиийэ Степанида уонна ийэтэ, икки ыал буолан кыстаабыппыт.

Сэрии буолаатын – били мээнэ утуйан, оонньоон сылдьыбыппыт уурайан,  сайын  өрүстэн  уу  баһыыта,  кыһын  хаары уулааһын, оһох оттуута, ас астааһына, дьиэ үлэһиттэрэ буолбуппут. Ийэбит промартель «Труд» диэҥҥэ иистэнэр этэ. Онтон Нечаев председатель сэриигэ  барбытыгар аҕыйах ый солбуйан председателлээбитэ, онтон кэннэки сылларга сельпоҕа кэлэн атыыһыттаабыта. Сэрии буоллаҕын сылтан оҕо бары колхоз үлэтигэр уһун сайын үлэлиир этибит. Сайын аайы Кэнтиккэ «Ворошилов» колхозка оҕуруокка, бурдук быһыытыгар үлэлиир буоларбыт.

Маҥнайгы сайын «Маркс» колхозка бурдук быстара таһаарбыттарын тарбахтарбын өлөрөн (сиэрпэҕэ) төннөн киирбитим. Иккис сылыгар күһүн Афанасий Быччаев – оччотооҕу райком үлэһитэ кыыһын ыҥыыр иннигэр олордон, миигин  мэҥэһиннэрэн  уҥуор  «Фрунзе»  колхозка  от мунньуутугар таһаарбыта, ыйтан ордук сылдьыбыппыт быһыылааҕа. Правление дьиэҕэ онно биир ыалга туттартаабыта сарсыарда эрдэ баҕайы туран аһаан-таҥнан дьахталлары кытта от мунньа барарбыт. Варвара Быччаева син эрэйдэммэхтээн баран иннинэн хааман оту мунньара, оттон мин кэннибинэн эрэ баран сатаан мунньарым, ол да буоллар киһиттэн хаалбат этим, норманы толорор быһыылаах этим, саҥарбаттар этэ. Үөрэх буолуута дьоннорбутугар эмиэ ол Варя аҕатынаан төннүбүппүт, эмиэ ат иннигэр-кэннигэр миинньэн киирбиппит.

Онтон маамабыт Чиллэ Хоротун киһитигэр кэргэн тахсыбыта, онтон кыыстаммыта, Тоня диэн оҕо биэһигэр тымныйан өр эрэйдэнэн төннүбүтэ. Онон дьиэ үлэтэ,  ас  бэлэмин таһынан кыра оҕо көрүүтэ буолта. Ол да гыннар сайын буолла да колхозка, Кэнтиккэ тахсан үлэлиирбит.

Итини таһынан Туобуйа, Быракаан, Өргүөт  дьоно  таһаҕас  таһааччылар, үөрэххэ барар оҕолор, сэриигэ барааччылар бары биһиги дьиэбититтэн бараллара.  Туох  ас  баарынан  ол дьоннору аһатыы, чаайдатыы барыта  биһиги  үрдүбүтүнэн этэ. Мин тас үлэни, ас астааһына, оҕо көрсүүтэ мин эбээһинэһим этэ. Дьиэни хомуйуу, таҥас сууйуута Еля үлэтэ этэ уонна оҕо көрүүтэ. Ону баҕас иккиэн көрөр этибит.

Биирдэ сайын госбанк уопсайыгар олорор Марфа Аввакумованы сиилээн турабыт: «Ити Марфа сэриигэ барар дьоннору ытаан бөҕө атаарар ээ», – диэн. Онтон кэлин таайбыт Павлов Володя: «Кэлэрбэр улахан кыргыттар буолаарыҥ», – дии-дии үөһэ анньыталаан баран сыллаабытыгар, аны бэйэбит ытаан бөҕө буоллубут, сэриигэ барбыт дьон эргийэллэрэ саарбаҕын дьэ өйдөөбүппүт. Ол Володябыт Латвияҕа өлбүт, уҥуоҕа онно сытар. Быракаан  Баһылайдьыт  уолун  аймаҕа  Чөкчөлбө ииттибит уола этэ. Ол биһигиннэн сэриигэ ааспыт дьоннор бары кэриэтэ эргиллибэтэхтэрэ.

Сайын Кэнтиккэ оҕуруотка үлэлиирбит. Кытай Бааска эмээхситтэр, оҕолор  биригээдэлэрин  салайан  үлэлэтэн  үүнүү  бөҕөнү  ылар  быһыылааҕа. Кэнтиктэри абыраабыта дииллэр.

Биир сайын абаҕам Аммай Өлөксөй бурдук атынан быстарар биригээдэтигэр  илдьэ  сылдьыбыта. Ол дьыл  угут  буолан бурдук, от үүммүт дьыла этэ. Арааһа 1944 сыл этэ. Бурдук быһар массыына иннигэр охтубут бурдугу туруорааччы буолан, ат иннинэн сылдьан, аты кытта куоталаһан аҕылааһын-мэҥилээһин бөҕө буолан сайылаабытым. Саатар үүммүт бурдук хойуу буолан дэлби охтон хаалбыт этэ. Хас да алааһы барытын кэрийэн күһүн биирдэ бүппүппүт. Онтон дьиэбитигэр күһүн киирдибит да, эмиэ урукку олохпутугар  лах  гына түһэрбит. Эмиэ дьиэ ис-тас үлэтэ, ас астааһына, дьону чаайдатыы, кыһынын хаары баһан уу уулааһын, мас мастаан оһох оттооһуна, оҕо көрүүтэ. Ийэбит куруук үлэ, иитэр-аһатар киһибит кини эрэ буоллаҕа дии. Сутурук саҕа эти мииннээн баран Елялыын: «Биһиги эти сөбүлээбэппит», – диэн ийэбитигэр ууран биэрэрбит.

Сороҕор  уруокпутун  толорбокко, бэлэмэ суох оскуолаҕа тиийдэхпинэ, ол киэһэ маамам үлэттэн кэлиитэ Иван Николаевич Григорьев бу баар буолааччы: «Ольга дьиэҕэ үлэтин толорботох, уруогар бэлэмэ суох» диэн.

Аны Огдооччуйа Мордовская уулусса нөҥүө олороро, сыыр үрдүгэр Ньукууска ойоҕо Балбаара. Иккиэн даҕаны бөһүөлэк дьахталлара, оҕолоро куттанар дьонноро этилэр, арааһа,  убаастыыр  буолан буоллаҕа буолуо, дьону мөҥө-этэ сылдьалларын көрбөт этибит да, бары саллар этибит.

Ол  Огдооччуйа  эмээхсин  сотору-сотору  ийэбит  суоҕуна киирэн тахсар этэ. Ону балтым биһикки сөбүлээбэт, куттанар этибит. Сороҕор Балбаара  эмээхсин күлэн-үөрэн киирэн тахсара. Аны санаатахха: «Баҕайылар хайдах олороллор, тугу гыналлар», диэн бэрэбиэркэлиир быһыылара  эбит. Баҕар ийэбит: «Көрө сылдьаарыҥ, бэйэлэрэ эрэ олороллор», – диэбитэ буолуо. Өтөр буола-буола олбу-солбу киирэн тахсаллара.

1944-45 сылларга  Быракаантан  тастыҥ  балтым Огдооччуйаны киллэрэн кыстаппыта. Онон дьиэҕэ үлэбит арыый чэпчээбитэ. Син-биир урукку  курдук хоноһо сырыыта хаһан да оччооботоҕо. Остуоруйаһыттар Бөрө Тараас Быракаантан, оттон Туобуйаттан күтүөппүт                            Хабырыыл, олоҥхоһут Быракаантан Ыппаатый кэллэҕинэ киэһэ ханна да тахсан  оонньообокко  киэһэ  буоларын  кэтиирбит. Кинилэр суох кэмнэригэр киэһэ чугастааҕы  Бөгдьөөн  оҕолорунаан  оонньуурбут, арыт кулууп таһыгар субботаларга,  өрөбүллэргэ  оһуокай  буоллаҕына  онно баран оонньуурбутун, оһуокай иһинэн-таһынан сүүрэрбитин учууталларбыт үүрэллэрэ. Сүрүннээн Иван Николаевич Григорьев буолара.

Георгий Георгиевич Мигалкин диэн саха тылын, литературатын учууталын  кытта  күрэстэһэн  куруук  «хорошо»,  «отлично» үөрэнэ сылдьан, сыыһа, атын оҕо оннугар  Дабдасова  Аннаны мөхпүтүн көмүскэһэн, онтон хадаарданан (учууталы хотоору) «билбэппин» диэн куруук эппиэттээбэккэ (бүтэһигэр баттахтанан, оскуола сценатын үрдүттэн илгэн кэбиспитэ охтоммун) өссө өчөһөн «билбэппин» диэн эппиэттээбэккэ кылааспын хаалан турабын.

Нөҥүө дьылыгар  ол  учууталым күнүс биһиэхэ аһыырга маамабын кытта кэпсэппит этэ. Аһатааччы, астааччы – мин. Бастаан утаа үчүгэйдик саҥарбакка аһатарым, кэлин: «Быйыл эмиэ хааллараар» дии-дии аһатар буолтум да, киһим аны саҥабын кумаар саҥатын курдук истэрэ, кэлин саҥарбат да буолбутум.

Ас астааччы, дьону аһатааччы мин. Дьону чаайдатаары аскын ууран баран чаайгын кутан баран, аһаары остуолгун көрдөххүнэ аһыҥ бүппүт буолар, бэйэҥ тиксибэккэ хаалаҕын. Ол сүрүннээн эдэр дьоннор олордохторуна буолааччы. Кырдьаҕастар чаай кутуллан бүтэрин кэтэһэр эбиттэр, аны санаан көрдөххө. Ол иһин балтыбынаан буста да ирээппитин,  ийэбит ирээтин туһунан ууран баран остуолга аһы илдьэ үөрэммиппит. Биһиги да аспыт баһа биллэр: нормаҕа бэриллэр килиэбиҥ. Тыаттан кыһын, сайын кэһиилээх киирэллэрэ, эт, балык, арыы. Онон хоноһолордуун, бэйэбитинээн  уоспутунан  үллэстэн  аһаан  олорбуппут,  ас төһө да аҕыйаҕын иһин хоргуйбатахпыт.

Сэрии кэмигэр тыаҕа хоргуйуу буолбутун истэр этибит. Маама Быракааҥҥа тахса сылдьан баран наһаа хомойон, ыараан киирбитэ: «Дьааһыла оҕолоро эмиэ аччыктаан эрэллэр, истэрэ ый курдук. Улахан дьоннор иһэн  дыгдайан  эрэллэр», – диэн кэпсээн киирбитэ. Ол кыһын биирдэ  дьиэбит  аана  аһыллан  баран,  биир  дьахтар  боруогу аттаан туораан киирбитин, ааны сабан баран нэһиилэ туруорбуппут. Онтон киэһэ маама кэлэн билбитэ, «Маарыйа»  диэн кэпсэтэрэ. Ол кэлин үчүгэй буолан, кыыһа Марина  көһөн  киирбитэ, онон үс ыал дьукаах кыстаабыппыт – биһиги 4 киһи, Мельбетовтар 3 улахан  киһи  уонна  «Ыгыайах» Маарыйалаах 2 киһи.

Мария кыыһа  Марина  райсоюзка  үлэ  булан үлэлээн, кэлин Карл Маркс уулуссаҕа олорбуттара, Васильева Марина (Маринка) диэн этэ, 3 уолламмыта. Билигин  игирэ  уолаттарын  аҥаара  Куприян убайын Валерканы көрөн баар этэ, 3-с оскуолаҕа учууталлаабыта. Игирэ  аҥаара ханна эрэ хоту баар диэн истибитим.

1942-43 сыллартан  саҕалаан  оскуолаҕа интернаттар, детдомнар аһыллан барбыттарын сөҕөр, махтанар этилэр. Кырдьыга даҕаны немецтэр Россия аҥаарын ылан ыган турдахтарына, государство тыыннаах хаалара биллибэккэ турдаҕына, ханна эрэ  ыраах  Саха  сиригэр оҕолор иэдэйбиттэрин билэн интернаттары, детдомнары тэрийбиттэр эбит.

1943 сыллаахха урукку начальнай оскуола дьиэтин (Советскай уулуссаҕа, билиҥҥи детдом турар сиригэр) ылан детдом тэрийбиттэрэ. Бастакы директорынан учууталбыт Иван Иванович Седалищев ананан үлэлээбитэ. Тыалартан  тулаайах  хаалбыт  оҕо бөҕөнү  хомуйан киллэрбиттэр этэ. Хата ол оҕолор таҥастарыгар ымсыыран бөҕө этибит. Кыргыттар хара платьелаахтар, уһун хара сонноох, хара бэргэһэлээх, хаатыҥкалаах  хаамалларын ымсыырар этибит. Биһиги, ыал оҕолоро таҥаспыт телогрейка, хохту буолбут тииҥ бэргэһэ, этэрбэс буолара.

Кэлин, хойут биллэххэ ол ыарахан, сэрии кэмигэр хас нэһилиэк аайы начальнай оскуолалар, медпууннар, ааҕар-балаҕаттар утуу-субуу аһыллан барбыттар. Дьон туһугар үлэ диэн  ол. Оттон билигин төһө кыалларынан кыра тыаларга тэрилтэлэри сабыы, оптимизация бараттаан эрэр.

Көһөн киирэн, дьиэ туттан (Советскай уулуссаҕа) олороорон бииргэ оонньуур оҕолорбут, таспытынааҕы ыалларбыт: Бөгдьөөннөр Баһылай, Сергеев Алексей Михайловичтаах – Гутя, Рево, Люция этилэр. Бөгдьөөн Баһылайа биһигиттэн арыый улахан этэ да, киэһэ буолла да бары тахсан лапталаан оонньуурбут. Оттон Сергеевтар оҕолорунаан уһун күн бииргэ сөтүөлээн, оонньоон тахсарбыт. Кыһынын  «снегурочка» хаҥкыыны хаатыҥкаҕа баайан биэрэллэринэн сылдьарбыт.

Онтон сэрии  кэмигэр оскуолаҕа, переменаҕа эрэ оонньууруҥ, киэһэ үлэҥ бүттэҕинэ, көҥүллээтэхтэринэ тахсан хараҥа буолуор дылы мустубут оҕолордуун  оонньуу  түһэр  буоларбыт, эбэтэр өрөбүл күннэргэ клуб иннигэр оһуокай  буоллаҕына  баран  иһинэн-таһынан  сырсыакалаһарбыт. Ол кэмнээҕи хайа баҕарар оҕо олоҕо биһиэниттэн атына суоҕа буолуо.

1945 сыл саас ыам ыйын 9 күнэ чаҕылыйан сүрдээх сырдык, сылаас, ыраас баҕайы күн буолбута.

Саҥа  үөрэнэн  эрдэхпитинэ  оскуола оҕотун бүтүннүү таһырдьа таһааран (Пионерскай, билиҥҥитэ М. Потапова уулуссаҕа) оскуола  иннигэр стройдаан  туруортаан  баран  (учууталлар, техүлэһиттэр бары тахсыбыттар этэ) «Немецкэй фашистары хоттубут. Кыайыы буолла! Ураа!», – диэттэрин кытта биһиги эмиэ «Ураа!» бөҕө ньиргийэн олорор, онтон: «бүгүн үөрэммэккит», – диэттэрин кытта ким илиитигэр тугу тутан турарынан (кинигэ, бартыбыал, тэтэрээт, бэргэһэ) барытын үөһэ кыыратааһын, «Ураа» бөҕө  буолла. Онтон бары үөрэ-көтө  дьиэбитигэр сырыстыбыт.

Сэрии сылларыгар  саамай  улахан  табаарыстарым Ноттосова Варя, Таня Мындаева уонна арахсыспат табаарыспыт Винокурова Варя «Эҥкээттиир» этэ. Мария Нестеровна  Винокурова балта Варя Ноттосова, Таня Мындаева буоланнар үөрэх кэмигэр арахсыспакка оонньоон тахсар, аспытын туох баарынан уоспутунан үллэстэр этибит. Ону Варвара Ноттосова куруук ахтара, оннооҕор ол дойдуга бараары сытан: «Дуйдаахтардааҕар эһиэхэ аһыырбын ордук саныыбын», – диэхтээбитэ. Оттон Варя Винокурова «Эҥкээттиир» Өлүөхүмэҕэ көспүттэрин эрэ кэннэ сибээспит быстыбыта.

Ол кэмнээҕи оҕолорбун санаатахпына бүгүҥҥү курдук харахпар субу баар буолаллар…

 Федорова Ольга Дмитриевна – САССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС культуратын туйгуна,

Үөһээ Бүлүү  улууһун бочуоттаах гражданина,

«Гражданскай килбиэн» бэлиэ кавалера.

2013с. ыам ыйа.