Восстание улаатан эрдэҕинэ сааһыары кыһын Якутскай, Өлүөхүмэ, Бүлүү уокуруктарын үлэһиттэрин ыҥыран ылан, тиэтэллээх сүбэ мунньах оҥорбуппут. Изоляцияттан дьон санаата хамнаан, норуот долгуйан восстание буолбутун туһунан уонна автономия кэлэр үлэтин хайдах салайан иһэрбит туһунан. Ол сүбэ мунньах изоляция уурайарын сөбүлээбитэ уонна автономия кэлэрин түргэтэтиэххэ, автономия кэлэр кэмигэр политика сүнньэ уларыйара сөптөөх диэбитэ. Онон олохсуйан изоляция уурайбыта, норуокка ыҥырыы тыллары таһаарыллыбыта.
Аммаҕа тахсыбыт кыһыл этэрээппит суола быһыллан хаайтаран хаалта. Ханна эмэ кыра этэрээттэри ыыппыппытын бандьыыттар засада оҥорон өлөртөөн испиттэрэ (Алдаҥҥа симилиэс заводугар, динамиты уматан дэлбэритэр бикфорд быалара баар үһү, ону ыллара тардыахха диэннэр, биир этэрээт баран быстыбыта, онно бааһыран тутуллубут Михаил Слепцов диэн коммуниһы Чурапчыга киллэрэн биэлэйдэр өлөрбүттэрэ, уонна биир суол комсомол оҕолоро, Сыроватскай этэрээтэ өрүс уҥуор Илин Хаҥаласка быстыбыта). Улам-улам бастаанньастар куораты төгүрүйэн испиттэрэ, ол тухары политика уларыйарын туһунан кэпсэтии суоҕа. Каландарашвили оҕонньор кэлэрин бэркэ кэтэһэр этибит, онон күн аайы кини кэллэҕпнэ — армия, сэп баар буоллаҕына, күүһүрдэххэ, үлэ туспа буолуо эрэ дэнэрэ. Козлов, Агеев, Лебедев Каландарашвили оҕонньору олус сөбүлуү санаабат быһыылаах этилэр — бииринэн, бэйэтэ билэринэн сылдьар партизан диэн, иккиһинэн, коммуниһа суох анархист киһи диэн уонна маннааҕы Кыһыл Армия командующайа Савлук диэн киһи бэрт сымнаҕас, кинилэр илиилэриттэн тахсыбат киһи этэ. Каландарашвили оҕонньору бүгүн кэлиэҕэ диэн күн ортотугар кэтэһии буолбута, оҕонньорбут кэллэр кэлбэтэ. Онтон туран байыаннай телефонунан ыйыт — оҕонньор тоҕо хойутаата диэн. Онуоха сотору кэлиэҕэ диэн тыл буолла. Ол икки ардыгар Строд этэрээттэнэн үөһэ барда, ытыалаһыы буолбут үһү диэн бэйэбиттэн кэлэн ыйыталаһыы буолла. Байыаннай телефонунан ыйыт — күн аайы суолу үчүгэй диэбиккит, көрүү-охрана баар диэбиккит, бу туох буолла диэн. Онуоха Савлук эттэ: «Охрана баар этэ, ону оҕонньор бэйэтэ устан урут ыыппыт этэ, хойутаабытын иһин уонна ытыалаһар тыас баар диэбиккэ этэрээт ыыттым», — диэтэ. Дьиэбэр кэлэн уон икки чааска диэри үлэлии олордохпуна, чекаттан саллаат кэлэн сурук биэрдэ — бэрт түргэнник кэлэ оҕус, мунньах буолар диэн. Оҕонньор өллөҕө буолуо диэн төрүт санаа суох, кини кэлэн мунньах буолан эрдэҕэ дии санаатым. Тиийбитим — Савлук, Эренбург сирэйдэрэ-харахтара сууллубут, атыттара кубулуйбатахтар, онон санаатым — бу үөдэттэр ас- таҥас туһунан этиһэн баран олордохторо диэн. (Ол туһунан куруук этиһэр этилэр). Онтон байыаннай политичеокай сүбэни астыбыт, онуоха байыаннай, штаб начальнига Козлов дакылааттаата — Каландарашвили оҕонньор бүтүн штабтыын (54 киһи) засадаҕа түбэһэн өлбүт диэн. Тэргэттэри бандьыыттар ылбатахтар, обуое кэннигэр иһэр буоланнар, ытыалаһыы буоларын кытта төттөрү барбыттар артиллерия дьонноро диэн, эмиэ санаа көтөҕүлүннэ. Мин оҕонньору өллөҕө буолуо диэн санаабакка сылдьар киһи сүрдээхтик соһуйдум, сүрдээхтик абалана санаатым, ол эрээри туттунан хааллым — маннык кытаанах күннэргэ биир эмэ уоттаах тылы тыллаһан, мучумаан буолуоҕа диэн. Ол мунньахха саха үөрэхтээхтэрин заложник тутарга уурдубут, уонна саҥа кэлбит этэрээттэри ыытан, биир эмэ сиргэ бандьыыттары чачатар гына кыргыһарга анаатыбыт. Мунньах нөҥүө киэһээтигэр чека үлэһиттэрэ, сирэйдэрин сабынан кэлэ-кэлэ, уоран илдьэр курдук дьоннору хаайталаабыттар, онон эмиэ айдайн буолла куорат иһигэр. Савлук, Полянскай, Барахов буоланнар бэйэлэрэ туспа сүбэлэспиттэр — Агеевы, Козлову, Лебедевы хаайарга уонна бу восстаниены саҥа куорманан, политиканы уларытан умуруоруохха диэн. Миэхэ биллэриэх буолан баран биллэрбэтэхтэр, онон эмиэ иккис соһумарга тубэстим. Байыаннай политическай мунньахха бар — тоҕо байыаннай штаб дьиэтигэр бүгүн буолла? Лебедев хойутаан баран телефонунан кэпсэтэн баран кэллэ, Агеев урут дьон ыытан, ону-маны билэн баран, телефонунан ыйыталаһан, Лебедевы кытта кэпсэтэн баран кэллэ (кэнники иһиттэххэ уорбалааннар чека дьиэтигэр бэлэмнэнэ сылдьыбыттар эбит, онон бары штбака кэлбэтэхтэрэ буоллар, баҕар, хаан тохтуох курдук эбит).
Савлук туран мунньаҕы аспытын кэннэ тыл эттэ: «Лебедев, Агеев, Козлов буоланнар командующайга туох да көҥүлү биэрбэттэр, хаайан тутан олороллор. Бүтүн өстөөх кылаас Советскай былааска өрө турбутун куруук аҕыйах бандьыыт туруута дииллэр. Дьон санаатын таһыырынан, муустаах боппуолдьанан, уоруйах тутуурунан, саа уоһугар туруоруунан кыыллаан үргүтэн кэбистилэр. Мин бу дьону кытта сатаан үлэлээбэппин», — диэн. Онуоха Лебедев хонтос гына түһэн: «Чэ, оччоҕо кэпсэтиэххэ, биһиги сатаабатах буоллахпытына, баҕар, эн сатыаҕыҥ. Кырдьык эн билиҥҥэ диэри командующайгын көрдөрө иликкин, биһигиттэн тутуллума», — диэн. Инньэ диэн бүтэрин аҕай кытта аан тэлэллэ түстэ, Строд3 сүүрбэччэни кыайбат саллааттаах киирэн (бары нагааны өрө туппуттар): «Илиигитин өрө уунуҥ!» — диэн хаһыытаата. Тура турабыт илиибитин өрө ууннубут. Онтон: «Лебедев, Агеев, Козлов диэннэр бааргыт дуо?» — диэтэ. Онуоха: «Бу баарбыт»,— дэстилэр. Дьэгдьийэн бэстилиэттэрин ылан баран, мунньах бүтүөр диэри хааллардылар. Ол кэнниттэн Савлук бу дьону хаайарга таһаарбыт прикаһын иһиттиннэрдэ.
1928 сыл.
П.А. Ойуунускай. Айымньылар. I том. – Дьокуускай,1958.