“Дороги” ырыа сэрии бүппүтүн кэннэ, ол сайыныгар суруллубута. Бу рыаны Ис дьыала наркуомун ырыатын уонна үҥкүүтүн ансаамбьшын сакааһынан бэйиэт Лев Ошанин, хампасыытар Анатолий Новиков суруйбуттара. Ол кэннэ режиссер Сергей Юткевич туруоруутугар ансаамбыл “Кыайыы сааскыта” диэн бырагыраамматыгар киллэрэн, аан маҥнай толорбуттара.
Ырыа саллааттар куттарын туппута. Сонно тута ыллаабы- тынан барбыттара. Икки-үс сыл иһигэр маассабай ырыа буолбута. Бу ырыа тылын ааптара Лев Ошанин: “Дороги” родились, когда закончилась война и оказалось внутренно необходимым написать такую песню-раздумье”, – диэн суруйбута.
Чахчы оннук ырыанан “Дороги” буолбута. Бэйиэт: “Бу ырыа сэрии бутээтин кэннэ суруллубута эрээри, бу ырыа сэрии күчүмэҕэй күннэригэр үөскээбитэ”, диэн суруйбута. Бу ырыа Жыздра анныгар буомбалааһыҥҥа түбэһэн сыттахтарына, кэккэлэһэ сыппыт эдэркээн лиэйтэнээн сыппыт сириттэн турбакка хаалбыт кэмигэр; бэйиэт хампасыытар Марк Фрадкинныын Карельскай фроҥҥа сылдьан “В белых просторах” ырыаларын ситэ ыллаппакка өстөөх миинэтэ быспыт кэмигэр о.д.а. Аҕа дойду сэриитин эндирдээх суолларынан сатыы, “газигынан”, “эмканан” уонна ыҥыыр атынан сырыылар кэмнэригэр; саллааттар суолларын, олохторун халбархай дьылҕаларын туһунан элбэх ыар санаалар- оноолор түмүктэригэр бу ырыа үөскээбитин туһунан суруйбута.
Хампасыытар Анатолий Новиков суруйарынан, режиссер Юткевич сэрииттэн дойдуларыгар тонной иһэр саллааттар суол-га аргыый аҕайдык ыллыыр ырыаларын суруйтарыан баҕарарын туһунан эппитигэр, Ошанин бэрт түргэнник иилэ-хабан, сэрии кэмигэр санаабыт санааларын бэрт сатабыллаахтык суруйан биэрбит, онтон муусуката эмиэ Ошанин хоһоонуттан олоҕуран суруллубут. Хампасыытар бу ырыатын кини тус бэйэтэ айбыт ырыаларыттан биир таптыыр, бастыҥ ырыатынан ааҕара. Кырдьыга даҕаны, оннук этэ. Элбэх хаан тохтуулаах сэрии туһунан сэрии эндирдээх ыарахан суолларын ааспыт саллааттар ойдорүгэр-санааларыгар “ама, ааспытын иһин”, — диэн олус ыарахан санааны-оноону хаалларбыта. Саллааттар итинник ыар, курус настарыанньаларын бу ырыа тыла-оһо, муусуката таба этэрэ.

Лев Иванович Ошанин

Анатолий Григорьевич Новиков
Дороги
Л. Ошанин тыллара
А. Новиков матыыба
Эх, дороги…
Пыль да туман,
Холода, тревоги
Да степной бурьян.
Знать не можешь
Доли своей,
Может, крылья сложишь
Посреди степей.
Вьется пыль под сапогами
степями,
полями.
А кругом бушует пламя
Да пули свистят.
Эх, дороги…
Пыль да туман,
Холода, тревоги
Да степной бурьян.
Выстрел грянет,
Ворон кружит:
Твой дружок в бурьяне
Неживой лежит…
А дорога дальше мчится,
пылится,
клубится,
А кругом земля дымится
Чужая земля.
Край сосновый.
Солнце встает.
У крыльца родного
Мать сыночка ждет.
И бескрайними путями,
степями,
полями
Всё глядят вослед за нами
Родные глаза.
Эх, дороги…
Пыль да туман,
Холода, тревоги
Да степной бурьян.
Снег ли, ветер, –
Вспомним, друзья!
Нам дороги эти
Позабыть нельзя.