
Матвей Исаакович Блантер

Михаил Васильевич Исаковский
Михаил Исаковскай тылларын суруйбут, Матвей Блантер муусукатын айбыт “Катюша” ырыалара Аҕа дойду сэриитэ буо- луон инниттэн саҕалаан сир үрдүгэр биир саамай маассабай ырыанан буолбута. “Катюша” ырыаны араас омуктара бэйэлэ- рин төрөөбүт төрүт-уус тылларынан ыллаабыттара.
Бу ырыа хайдах суруллубутун туһунан ырыа ааптара Михаил Исаковскай бэйэтин ахтыыларыгар сиһилии суруйбута. Бэйиэт “Правда” ха7ыат эрэдээксийэтигэр сылдьан Матвей Блантеры кытта көрсүбүт. Матвей Исаакович “Щорс туһунан ырыа”, “Партизан Железняк” диэн биллэр ырыал муусукаларын суруйбут хампасыытар этэ.
Матвей Блантер муусука суруйуохха сөп хоһооннохху дуо диэн ыйыппытыгар, баар диэн ситэ сурулла илик аҕыс устуруокаларын суруйан биэрбит. Ити итинэн ааспыт. Күһүөрү көрсөн “туох эрэ тахсыах курдук” диэн хоһооҥҥун толору суруйан биэр диэн эппит Блантер.
Арай Крымҥа көрсүһэ түспүттэр. Блантер Иаковскайга Москубаҕа саҥа джаз-оркестр тэриллибит. Джаз-оркестр бастакы кэнсиэрин быраграмматыгар “Катюша” киирбитин туһунан кэпсээбит. Ол кэннэ Исаковскай икки хонукка суруйарга болдьоҕу биэрбит. Биэс барыйааны суруйан Блантерга биэрбит. Хампасыытар Катюша таптыыр, ахтар уол пограничник буоларын туһунан талбыт.
Сэтинньи 27 күнүгэр 1938 сыллаахха бастакытын ылламмыта.
КАТЮША
Расцветали яблони и груши,
Поплыли туманы над рекой.
Выходила на берег Катюша,
На высокий берег на крутой.
Выходила, песню заводила
Про степного, сизого орла,
Про того, которого любила,
Про того, чьи письма берегла.
Ой ты, песня, песенка девичья,
Ты лети за ясным солнцем вслед.
И бойцу на дальнем пограничье
От Катюши передай привет!
Пусть он вспомнит девушку простую,
Пусть услышит, как она поёт,
Пусть он землю бережёт родную,
А любовь Катюша сбережёт.
Расцветали яблони и груши,
Поплыли туманы над рекой.
Выходила на берег Катюша,
На высокий берег на крутой.
КАТЮША
М. Исаковскай тыллара
М. Блантер муусуката
Яблонялар, грушалар ситтилэр,
Уһунна күөх туман өрүскэ.
Катюша кыыс эмпэ сыыр үрдүгэр
Тахсан турда үрдүк биэрэккэ.
Тахсан турда, кэрэтик ыллаата
Киэҥ истиэп хотойун туһунан
Туойда кини кими таптаабытын,
Суругун кичэйэн уурбутун.
Уой, эн ырыа, кыыс кэрэ ырыата,
Чаҕыл күнү батыһа, эн көт.
Ыpaaх, уһук быыска баар байыаска
Катюшаттан эҕэрдэтэ тиэрт.
Кини кэрэ тыа кыыһын өйдөөтүн,
Кыыс хайдах туойарын иһиттин.
Дьоллоох Ийэ дойдутун манаатын.
Харыстыа Катюша тапталын.
Яблонялар, грушалар ситтилэр,
Уһунна күөх туман өрүскэ.
Катюша кыыс эмпэ сыыр үрдүгэр
Тахсан турда үрдүк биэрэккэ.
Тыыл уонна педагоческай улэ бэтэрээннэрэ Т.К. Скрябина,
Л.И Кривогорнипына оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан бэйэлэрэ
оҥостубут "Ырыанньык- тарыттан" ылыллыбыт.