Ураты тыыннаа, сэрии туһунан суруллубут, норуоту алдьархайы аҕалбыт өстөөҕү утары туруорар “Савященная война” 1941 сыл бэс ыйын 24 күнүгэр “Известия” уонна “Красная звезда” хаһыаттарга иккиэннэригэр биллиилээх сэбиэскэй бэйиэт Василий Иванович Лебедев-Кумач “Священная война” диэн хоһооно бэчээттэммитэ.
Хоһоону ол күн Кыһыл Аармыйа ырыатын уонна үҥкүүтүн Кыһыл Знамялаах ансаамбылын салайааччыта Александр Васильевич Александров аахпы- та уонна сонно тута муусукатын суруйбута.
Ырыаны ол күн, бэрт суһаллык ансаамбылга үөрэппитэ уонна сэрии буоллаҕын төрдүс күнүгэр араадьыйанан ыллаабытынан барбыттара. Ансаамбыл бэс ыйын 26 күнүгэр бу ырыаны аан бастаан Москуба куорат Белорусскай вокзалыгар саллааттары атаарыыга ыллаан иһитиннэрбитэ. Боруоҥҥа барааччы буойуннар сонно тута ырыаны сөбүлээбиттэрэ, иккистээн ыллыылларыгар көрдөспүттэрэ. Ырыаны барыта биэс төгүл толорбуттара. Дьэ ити курдук, албан аатырбыт ырыа аартыгын суола саҕаламмыта.
Бу ырыаны сахалыы тылга сэрии сылларыгар, ол кэнниттэн даҕаны, эл- бэх нууччалыы ырыалары сахалыы тьыынан ситиһиилээхтик тылбаастаабыт И.Егоров — Дьөөлө Дьөгүөрэп тылбаастаабыта. Б1рыа нууччалыы да, сахалыы да тылларынан бэрт киэҥник ылламмыта.

Василий Иванович Лебедев-Кумач

Александр Васильевич Александров
Священная война
Стихи В.Лебедева-Кумача
Музыка А.Александрова
Вставай, страна огромная,
Вставай на смертный бой,
С фашистской силой темною,
С проклятою ордой!
Припев:
Пусть ярость благородная
Вскипает, как волна!
Идет война народная.
Священная война.
Дадим отпор душителям.
Всех пламенных идей.
Насильникам, грабителям.
Мучителям людей!
Припев:
Не смеют крылья черные
Над Родиной летать,
Поля ее просторные
Не смеет враг топтать!
Припев:
Гнилой фашистской нечисти
Загоним пулю в лоб.
Отребью человечества
Сколотим крепкий гроб!
Припев:
Пусть ярость благородная
Вскипает, как волна!
Идет война народная,
Священная война.
И. Егоров тылбааһа
Ытык сэрии
В. Лебедев-Кумач тыллара
А. Александрова муусуката
Тур, төрөөбүт Ийэ сирбит.
Тур, хааннаах кыргыска,
Басыыс хараҥа күүһүгэр
Хардары утарса.
Хос ырыата:
Абарбыт-сатарбыт күүспүт
Долгуннуу долгуйдун,
Норуот өстөөхтүүн утарса
Ытык сэрии турда.
Үтүө өйдөрү тууйааччы
Дьоннору муҥнааччы,
Халыыр-талыыр баандалары
Имнэри эһиэхпит.
Хос ырыата:
Сытыйбыт басыыс биистэрин
Сүүскэ дөйүтүөхпүт,
Дьон төннүбүт төрүөхтэрин
Төрдүттэн түөрүөхпүт.
Хос ырыата:
Барыаҕыҥ күүһү түмэммит,
Сүрэҕи күүрдэммит,
Күндү Ийэ сир туһугар,
Дьол, көҥүл туһугар
Хос ырыата: