
Петр Поликарпович Одорусов
Хоһоон автора РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үтүөлээх учуутала, тыыл уонна педагогическай үлэ ветерана, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах гражданина Петр Поликарпович Одорусов. Кинини Саха сирин дьоно “Тыыннаахтар умнубат сыллара” ырыа тылын авторын быһыытынан билэллэр. “Ветераннар” хоһоонугар хас да ырыа матыыба айыллыбыта. Ол курдук Владимир Жирков, Алексей Никифорович Афанасьев, Василий Гаврильевич Николаев уонна Александр Иванович Васильев мелодия айбыттара.
ВЕТЕРАННАР
Петр Одорусов тыллара
Күн-дьыл аастаҕын аайы
Көҕүрээн бүтэн иhэр
Күндү ветераннарбыт
Күүстэрэ эстэн эрэр.
Ветераннар! Ветераннар!
Өссө тулуйа түһүҥ!
Өссө олоро түһүҥ!
Орто дойдуга!!!
Уоттаах кырыктаах сэрии
Тыыннаах туоһулара-Эһиги!!!
Түөрт сыл кэриҥэ кэмҥэ
Түүн-күнүс да диэбэккэ,
Төһөлөөх сору-муҥу
Көрбүтэй Ийэ дойду?
Ветераннар! Ветераннар!
Өссө тулуйа түһүҥ!
Өссө олоро түһүҥ!
Орто дойдуга!!!
Уоттаах кырыктаах сэрии
Тыыннаах туоһулара-Эһиги!!!
Фашист буулаабыт сирин
Босхолуур ылар иһин,
Хас саллаат тыына быстан
Халбытай хааҥҥа устан.
Ветераннар! Ветераннар!
Өссө тулуйа түһүҥ!
Өссө олоро түһүҥ!
Орто дойдуга!!!
Уоттаах кырыктаах сэрии
Тыыннаах туоһулара-Эһиги!!!
Өлөр өлүүнү кыайан,
Өстөөҕү үлтү сынньан,
Алҕаска тыыннаах орпут
Алаһа дьиэни булбут.
Ветераннар! Ветераннар!
Өссө тулуйа түһүҥ!
Өссө олоро түһүҥ!
Орто дойдуга!!!
Уоттаах кырыктаах сэрии
Тыыннаах туоһулара-Эһиги!!!