Киһи кэрэмэһэ эн этиҥ
(Саха сирин государственнай деятелэ
С. Н. Платоновка ананар)
У. Ороһуунускай
Сыһыаран саҥарара,
Сытыары көнө майгылааҕа.
Улуутумсуйары олох
Улахамсыйары отой
Улахаҥҥа уурбатах
Уһулуччутун билэрбит,
Дуоһунаһа үрдээтэр да,
Соччонон кини боростуойа,
Судургута да улаатара.
Тыһы тылы тэлэ этэр
Тырымнастай дьээбэлээҕэ,
Күлэр-үөрэр аргыстааҕа,
Көрүдьүөстээх бэйэлээҕэ
Киһи кэрэмэһэ этэ.
Кэрэ үтүө дууһалааҕа,
Кэскиллээҕи кэпсэтэрэ
Кэллэҕиниэ Туобуйаҕа
Айылҕаттан айдарыылаах
Салайааччы муудараһа
Чаҕылхайдыыр сулуһа
Саха саарына – эн этиҥ,
Ньургуһун эн буолаҥҥын
Ньургуйан эн тахсаҥҥын
Бар сүрэххэ тыллаҥҥын
Күн дьонугар таптатаҥҥын
Кэрэмэс аатын ааттанныҥ!
Степан Николаевич Платонов
(1926-1975)
Кини Үөһээ Бүлүү оройуонун Туобуйа нэһилиэгэр дьадаҥы ыал кэргэнигэр 1926 сыллаахха балаҕан ыйын 13 күнүгэр төрөөбүтэ. Аҕата олохтоох булчут, сүөһү иитиитинэн дьарыктанар, дьоҥҥо-сэргэҕэ мындырынан аатырар Ньукулай диэн оҕонньор, ийэтэ Бүлүү Баппаҕаайытыттан төрүттээх Аана диэн эмээхсин, дьиэ хаһаайката этилэр.
Степан Николаевич Туобуйа 7 кылаастаах оскуолатыгар 1933-1942 сс. үөрэнэн туйгун сыаналарынан бүтэрбитэ. Сэрии бара турар буолан салгыы үөрэммэккэ колхоһугар учуотчугунан киирбитэ. Сотору биригэдьиир көмөлөһөөччүтүнэн, онтон ферма сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.
Платонов С. Н. 1944 с. саас Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта, Забайкальеҕа сулууспалаабыта. Ити сылдьан ыалдьан доруобуйатын туругунан сыыйыллан 1945 сыл сааһыгар дойдутугар төннөн кэлбитэ.
Сэриигэ барыан иннинэ дойдутун дьонугар бэйэтин биллэрбит-көрдөрбүт буолан кэлээтин кытта колхоһун бырабылыанньатын председателинэн талбыттара. Кини оччотооҕуга сүүрбэтин да туола илигэ. Нэһилиэгин дьонун-сэргэтин ааҕа билэр буолан тутаах үлэлэргэ чахчы кыһамньылаах, үтүө суобастаах, чиэһинэй дьоннору, оттон салалтаҕа бэйэтин саастыылаахтарын, колхозтарын экономиката бөҕөргүүрүгэр эттэринэн-хааннарынан бэриниилээх уолаттары туруортаабыта. Ордук кичэйэн сүөһү иитиитин боппуруостарынан дьарыктаммыттара.
Туобуйа сирэ-уота дэлэй мэччирэҥнээх, оттуур ходуһалаах буолан сылгы иитиитин чорбоччу туппуттара.
Сылгыны көрүүгэ-истиигэ нэһилиэк бастыҥ дьоннорун сүүмэрдээбиттэрэ, күрүөнү-хаһааны тутууну тэрийбиттэрэ, төрүүр-үөскүүр үөрдэри хадаҕалаан аһатыыны ситиспиттэрэ. Ити тэрээһин үлэ сотору кэминэн үтүө түмүктэри аҕалан барбыта.
1947 сыл күһүнүгэр оройуонун салалтатын сүбэтинэн Дьокуускайга колхоз председателлэрин 6 ыйдаах курстарыгар үөрэнэ барбыта. Кинини табаарыһа, сылгы иитиитин ферматын сэбиэдиссэйэ Васильев Степан Иннокентьевич солбуйан хаалбыта. Степан Николаевич курска үөрэнэн истэҕинэ колхозтар салайар кадрдарын бэлэмниир икки сыллаах оскуола аһыллыбыта. Үөрэххэ баҕата бэрт буолан, Степан Николаевич колхоһуттан, оройуонун салалтатыттан көҥүллэтэн ити оскуолаҕа көһөр. Туобуйаҕа колхозка кинини солбуйан хаалбыт Васильев С. И. сирэй председателинэн талыллар, сылгы иитиитин ферматын сэбиэдиссэйинэн сылгыһыт Саввинов А.Н. ананар.
1950 сыллаахха Степан Николаевич үөрэҕин бүтэрэн кэлбитин кэннэ хаалыылаах Карл Маркс аатынан колхозка бырабылыанньа председателинэн ыыппыттара. Кини манна табыллан үлэлээбитэ, тэрийэр дьоҕура өссө чочуллубута, сайдыбыта, дьону кытта үлэ ньымаларын чахчы баһылаабыта. Сотору кэминэн колхоз үчүгэй үлэлээх хаһаайыстыбалар ахсааннарыгар киирбитэ, оройуон иһигэр миэстэлэһэр кыахтаммыта.
Колхозтаахтар натуранан дохуот оннугар харчынан төлөбүргэ киирбиттэрэ. Урут кыахтаах колхозтар ахсааннарыгар сылдьыбыт хаһаайыстыбалар салайааччылара аны «Маркстарга» кэлэн үөрэнэр буолбуттара.
50-с сыллар иккис аҥаардарыгар оройуоҥҥа колхозтары бөдөҥсүтүү күүскэ ыытыллыбыта, 43 колхоз холбоһон 15 колхозка түмсүбүттэрэ. Ити кэмҥэ Степан Николаевич ССКП райкомун секретарынан үлэлиирэ. 1958 сыллаахха кинини Нам, Ороһу, Харбалаах нэһилиэктэрин колхозтара холбоһууларыттан тэриллибит Исидор Барахов аатынан бөдөҥсүйбүт колхоз бырабылыанньатын председателинэн быыбардаабыттара.
Колхоз сирэ-уота кэлимсэтинэн, дьоно-сэргэтэ чугас-чугас олорор буоланнар уруккуттан бодоруспуттарынан үлэлииргэ олус табыгастаах этэ. Степан Николаевич бэйэтэ этии киллэриитинэн хас нэһилиэк аайы солбуйааччы председатель дуоһунаһа олохтоммута. Колхозтаахтар холбоһууну сөбүлээн үлэҕэ-хамнаска көхтөрө күүстээҕэ, үлэ тэрээһинэ лаппа тупсубута, ыһыы, хомуур, кыстык үлэлэрэ кэмиттэн кэмигэр үрдүк таһаарыылаахтык, көдьүүстээхтик, үчүгэй түмүктэрдээх ыытыллар буолбуттара. Ол курдук, Ороһу-Ньэгэдьээк нүөлсүтэр система бырайыактаммыта, бастакы уочараттаах үлэлэрэ ыытыллыбыттара. Кини аан маҥнай уу ханан, хайдах, төһө сири хабан айанныахтааҕын быһаараары Ороһу нэһилиэгин мындыр дьонун муспута. Онно Мөксөөрөп Өлөксөй, Александров Буут, оройуон сирин «таҥаратынан» ааттанар Яковлев Герасим Михайлович (Ахталба) ыҥырыллыбыттара. Уопсай сүбэнэн Күргэлээх үрэҕэ Бөргөмдөҕө чугаһыыр тоҕойугар тохтоон, нүөлсүтүү хоруута мантан саҕаланыахтаах диэн быһаарсыбыттара, онтон система Арыылааҕынан, Муоһаанынан, Ороһунан, Ньэгэдьээгинэн барар суолун мээрэйдээбиттэрэ. Кэлин ити система ситэриллэн республика үрдүнэн биир табыллыбыт системанан ааҕыллар уонна билиҥҥэ диэри туһалыы турар.
Степан Николаевич 1960 сыллаахха Новосибирскайдааҕы үрдүк партийнай оскуолаҕа үөрэнэ барбыта. Онно икки сыл үөрэнэн баран дьиэтээҕи балаһыанньатынан кэтэхтэн үөрэниигэ көспүтэ. Дойдутугар кэлэн партия райкомун зонаҕа секретарынан, народнай хонтуруол комитетын председателинэн уонна да атын дуоһунастарга үлэлээбитэ. Онтон салгыы Ленатааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начальнигынан, ССКП Намнааҕы райкомун бастакы секретарынан, республикатааҕы тыа хаһаайыстыбатын бородууктатын соҕотуопкалааһын инспекциятын начальнигынан, Саха АССР Министрдэрин Советын председателин бастакы солбуйааччытынан үлэлээбитэ.
Степан Николаевич ханнык да үрдүк дуоһунастарга үлэлээтэр сэмэй, боростуой, кимиэхэ баҕарар атас-доҕор буолар характерын сүтэрбэтэҕэ, тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарын хараҕын далыттан түһэрбэтэҕэ. Төһө да бокуойа суох эппиэттээх дуоһунастарга сырыттар госуниверситет зоотехническай отделениетын кэтэхтэн үөрэнэн ситиһиилээхтик бүтэрбитэ.
С. Н. Платонов советскай кэмҥэ республика тыатын хаһаайыстыбатын сайыннарыыга, кинини индустриальнай ыллыкка киллэриигэ сүҥкэн кылааты киллэрбит дьоннортон биирдэстэринэн буолар. Бэйэтин кэмигэр кини үлэтэ сыаналанан «Үлэ Кыһыл Знамята», икки «Бочуот Знага» орденнарынан, элбэх мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Саха республикатын Үрдүкү Сэбиэтин депутатынан, партия обкомун бюротун чилиэнинэн хаста да талылла сылдьыбыта.
С. Н. Платонов олоҕо 1975 сыллаахха атырдьах ыйын 18 күнүгэр оһолго хомолтолоохтук быстыбыта.
Туобуйа нэһилиэгэ / [хомуйан оҥордо И. О. Сидоров]. – Дьокуускай : Сахаполиграфиздат, 2005. – С. 81-84.
Бииргэ алтыспыт үөлээннээхтэрин ахтыылара
Олоҕум биир кэрэ кэмэ
М. Т. Егоров,
СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ
Степан Николаевиһы 1950 сыллаахтан билэрим. 1958 сыллаахха 3 нэһилиэк колхозка холбоһоннор бөдөҥсүйбүт Исидор Барахов аатынан колхоз буолбута. Мин Харбалаах учаастагар үлэлиирим уонна ити бөдөҥ колхоз бырабылыанньатын председателинэн талыллыбыт С. Н. Платонов солбуйааччыта, кэлин колхоз парткомун секретара буолбутум. Ол 1958—1960 сыллар. Төһө да кинилиин колхозка икки сылтан эрэ ордук кэмҥэ үлэлээтэрбин, Степан Николаевич өйбөр-санаабар үчүгэй, умнуллубат өйдөбүлү хаалларбыта.
Бастатан туран, үлэлиир ньымаларын тоһоҕолоон бэлиэтиэм. Үлэтигэр сүрдээҕин кыһаллар, үрдүк дьиссипилиинэлээх, бэйэтигэр кытаанах ирдэбиллээх этэ. Хонтуоратыгар сарсыарда 7 чааска кэлбит буолара уонна учаастактарын кытта телефонунан сибээстэһэ охсоро, баар балаһыанньаны билсэрэ, элбэх сүбэни-аманы биэрэрэ. Онтон 9 чаас буолуута колхоһун киин аппаратын үлэһиттэрин мунньан, үлэ хаамыытын дьүүллэһэрэ. Маннык ис бэрээдэк быраабылаларын күн аайы халбаҥнаабакка тутуһара. Бу иннинэ колхозка 16—17 саастаах эрдэҕиттэн биригэдьиир, председатель, онон тыа хаһаайыстыбатын үлэтин уратыларын билэр киһи бөдөҥсүйбүт колхозка председателлии кэлбитэ өтө биллэрэ.
Колхоз председателин быһыытынан сүрүн болҕомтотун ынахтан элбэх үүтү ыырга уонна сүөһү орто ыйааһына эбиллэригэр уурара. Ынахтан элбэх үүтү ыырга наука биэрэр сүбэлэрин, республика бастыҥ үлэлээх ыанньыксыттара туттар ньымаларын колхоһугар олохтуурга кыһамньытын уурбута. Степан Николаевич этэринэн, ынах араас майгылаах-сигилилээх, онон хас биирдии ынах тус бэйэтин уратыларын ыанньыксыт билиэхтээх уонна учуоттуохтаах. Ыанар кэмин аһарбат наада, сайын түүҥҥү өттүгэр мэччитиллиэхтээх, оччоҕо үүтү ылыы намтаабатын ааһан, үлэни сатаан тэрийдэххэ, үүтү ылыыны лаппа үрдэтиэххэ сөбүн куруутун санатара уонна бастыҥ ыанньыксыттар үлэлэригэр тирэҕирэн, бэйэтин үлэтин тэрийэр этэ. Ол саҕана колхозка биир ынахтан сылга 2000—3000 литр үүтү маҥнайгынан Ульяна Лазарева, Мария Магдисова, Вера Саньяхова ылбыттара.
Кини ыанньык сүөһү бостууктарын үлэтигэр эмиэ улахан болҕомтотун уурара. Бородууксуйаны ылыы бостуук үлэтиттэн быһаччы тутулуктааҕын мэлдьи санатара. Онон фермаҕа сылдьан ыанньык ынаҕы мэччитиини хайдах тэрийэллэрин, олохтуулларын куруутун ыйыталаһара, элбэх сүбэни биэрэрэ. Ыанньыксыттар, бостууктар үлэлэрин мэлдьитин бэйэтин хонтуруолугар тутара. Колхозка Лаврентий Малаахайап, Данил Кудаев, Гаврил Егоров бастыҥ үлэлээх бостууктарынан биллэллэрэ. Хаһаайыстыбаҕа сүөһү орто ыйааһына эбиллэригэр кыһанара. Государствоҕа туттарыллар сүөһүнү уотууну биир сүрүн сорук курдук көрөрө.
Степан Николаевич кэнники Намҥа партия райкомун бастакы секретарынан, эбэтэр республика Министрдэрин Советын Председателин бастакы солбуйааччынан үлэлиир сылларыгар ити боппуруостарынан утумнаахтык дьарыктанара. Ол туоһутунан кини ыстатыйалара, кинигэлэрэ буолаллар. Холобур, тыа хаһаайыстыбатын наукатын кандидата П. А. Романовы кытта «Опыт организации нагула и откорма скота в Намском районе» диэн ыстатыйаны суруйбуттара 1968 сыллаахха «Внутрихозяйственная специализация в колхозах и совхозах Якутии» кинигэҕэ бэчээттэммитэ. Ол курдук бу ученайы кытта «Зимний откорм скота» диэн ыстатыйаны бэчээттэппитэ.
Манна таарыччы эттэххэ, Степан Николаевич салайар колхоһугар ньирэйи ийэтиттэн арааран аһатыыны тэрийиигэ, ньирэй өлүүтүн аҕыйатыыга уонна төлөһүтүүгэ быһаччы кыттыһан, хонтуруоллаһан үлэлээбитэ. Ол үчүгэй түмүктэрдээх буолбута.
1959 сылтан саҕалаан Платонов салайар колхоһа оройуоҥҥа бастакынан үлэҕэ харчынан төлөбүргэ киирбитэ. Ол саҥа дьыала этэ. Колхозтарга харчынан төлөбүргэ киирэргэ үлэлээбит экономическай наука кандидата В. Н. Антипин көмөтө улахана. Степан Николаевич В. Н. Антипины колхоһугар командировкаҕа ыҥыран элбэх сүбэни ылбыта, киниэхэ көмөлөһүннэрбитэ. Дьокуускайга кэллэҕинэ ученайдартан сүбэлэтэр буолара. Харчынан төлөбүргэ киириигэ ыарахаттар бааллара. Саҥа ньыманы ылына охсубат специалистар колхозка бэйэтигэр да баар этилэр. Холобура, ол саҕана колхозка кылаабынай бухгалтерынан үлэлии олорбут Михаил Давыдович Иванов харчынан төлөбүргэ киирии кыаллыа суоҕа диэн колхоз уопсай мунньаҕар эппитэ. Оттон Степан Николаевич производствоҕа саҥаны, бастыҥы олохтуурга дьулуурдаах киһи буолан, маннык этиини сөбүлээбэтэҕэ диэм этэ. Колхозка саҥа бухгалтерынан Денис Иннокентьевич Кривошапкин анаммыта. Кини өйөөн, үлэлээн уонна колхозтаахтары итэҕэтэн, ылыннаран колхозка харчынан төлөбүргэ киирии, ис хаһаайыстыбаннай ахсааны киллэрии үлэтэ тэтимнээхтик барбыта.
Колхоз салайааччытын быһыытынан биир сүрүн кыһалҕата общественнай сүөһү аһылыгын тэрийии буолара. Колхоз сиригэр Быракаан үрэҕэ баар. Бу үрэх уута уста сытарын көрө-көрө Степан Николаевич этэр этэ:
— Көр эрэ, бу үрэх уута туох да туһата суох уста-бара турарын. Уутун хайдах эмэ туһанан, ходуһаларбыт үүнүүлэрин үрдэтэрбит буоллар.
Кини итинник баҕа санаатын хаста да истибитим. Сотору кэминэн үрэх уута «Росгипроводхоз» институтунан проектыыр-сметалыыр үлэ оҥоһулларын уонна «Якутмелиоводстрой» трест тутуутун былааныгар киллэриллэрэ ситиспитэ. Онон колхозка нүөлсүтүү систематын тутуу саҕаламмыта. Нам, Ороһу, Харбалаах территорияларын хабан, бу нэһилиэктэргэ колхоз сүөһүтэ үксэ да кэриэтэ түмүллүбүтэ. Элбэх нүөлсүтүүлээх сирдэр баар буолбуттара. Нүөлсүтэр системаны бырайыактааһыны, үбүлээһини, быһыттары оҥорууну барытын Степан Николаевич болҕомтотугар ылбыта. Кэнники система үлэҕэ киирэн, уунан хабар сирин өссө кэҥэппиттэрэ: Балаҕаннаахха — Сэймэлэк, Остоолбо; Намҥа — Дьоло, Арҕаа эбэ; Харбалаахха – Быракаан, Тэҥэлилээх, Бүгүйэх. Өссө Тоҥуо-Үкэ нүөлсүтэр системаны Кэнтик нэһилиэгэр тутуохха сөп диирэ.
Степан Николаевич дьиҥнээх араатар этэ. 1950 сыллаахха ССРС Верховнай Советыгар быыбар буолбута. Ол саҕана Бүлүү уокуругар депутакка кандидатынан Социалистическай Үлэ Геройа С. И. Васильев туруоруллубута. Кандидат итэҕэллээх киһитинэн Дьокуускайга колхознай оскуолаҕа үөрэнэр С. Н. Платонов анаммыта. Оройуоҥҥа кэлэн, депутатка кандидат туһунан дакылаат оҥорбутун истибитим. Олус ыраастык, чуолкайдык, дьиҥнээх сахалыы тылынан итэҕэтиилээхтик саҥарбыта. Сорох араатардар тыл этэ тураннар нууччалыы тылы кыбытааччылар, оттон Степан Николаевич этиитигэр ол-бу сыыс, ордук-тутах тыллары истибэтэҕим. Олус сөхпүтүм уонна астыммытым. Дьиҥнээх сахалыы саҥаны ол күн истибитим диэтэхпинэ үлүннэрии буолбата буолуо. Кини ол 46 сыл анараа өттүгэр эппит тыллара кулгаахпар билигин даҕаны иһиллэр курдуктар.
Билигин Степан Николаевич үрдүк культуралааҕын, дьоҥҥо-сэргэҕэ аламаҕай сыһыаннааҕын, кимиэхэ да куолаһын үрдэппэтин, бэйэтин кимтэн да ордук туттубатын санаан кэлэбин. Эдэри кытта эдэр, кырдьаҕаһы кытта кырдьаҕас буолара. Онон ханнык баҕарар киһилиин уопсай тылы булан кэпсэтэрэ. Бэртээхэй сэһэргэһээччи этэ. Кинини кытта кэпсэттэххинз санааҥ көтөҕүллүбүт, дууһаҥ кэҥээбит курдук буолара. Степан Николаевич дьоҥҥо сыһыанын көрдөрөр элбэх холобуру аҕалыахха сөп. Колхозпутугар Лазарь Алексеев диэн оҕонньор баара. Бырабылыанньа мунньаҕар кэлэн, үксүгэр олорор-истэр идэлээҕэ уонна куруутун ол-бу дьиибэлээҕи саҥара олороро, дьону күллэрэрэ, онон мунньаҕы ыытары мэһэйдиирэ. Степан Николаевич Лааһар оҕонньору биирдэ да мөхпөтөҕө, мунньахтан холдьохпотоҕо, хас да төгүл Лааһарга хайгыыр тыллары этэ-этэ бөһүөлэк баһыгар олорор ханнык эрэ киһиэхэ: «Бу кыра суругу илдьэн биэр эрэ, баһаалыста, уонна мунньаххар кэлээр»,— диэн этэрэ. Оҕонньор улгумнук суругу ылан бөһүөлэк түгэҕэр барара, мунньахха төннөн кэлэрэ. Дьэ ити курдук хас да төгүл суругу таһан баран, оҕонньорбут мунньахха кэлбэт, мэһэйдээбэт буолбута.
Мин бу кылгас ахтыыбын Степан Николаевиһы кытта колхозка бииргэ үлэлээбит эрэ кэммиттэн оҥордум. Оттон 1950 сылтан саҕалаан үйэ чиэппэрэ кэм устатыгар кинилиин төһө элбэхтик көрсүспүппүт буолуой. Маны барытын суруйар буоллар бэйэтэ туспа кинигэ буолуо этэ.
1975 сыл сайына этэ. Степан Николаевич миигин даачатыгар кэлэ сылдьарбар көрдөспүтэ. Онно тиийэн астыныахпытыгар диэри сэһэргэспиппит. Даача хаһаайына кус этинэн күндүлээбитэ. Ол олорон этэн аһарбыта: «Ыалдьабын, тымныйдаҕым буолуо, командировкаҕа Мирнэйгэ барыахтаахпын, бардахпына сатанар». Бу кинилиин бүтэһик көрсүһүүбүт.
Оставил глубокий след
А. Я. Овчинникова,
Председатель Президиума Верховного Совета ЯАССР в 1963-1979 гг.
О С. Н. Платонове я была наслышана задолго до прихода его в Совет Министров, как о молодом талантливом председателе колхоза в его родном Верхне-Вилюйском районе, под руководством которого хозяйство колхоза стало самым передовым. Лично познакомилась со Степаном Николаевичем, когда он стал первым секретарем Намского райкома КПСС, и с 1971 г.— депутатом Верховного Совета ЯАССР от Хомустахского избирательного округа Намского района.
Помнится, что партийно-хозяйственный актив Намского района вначале принял Степана Николаевича не совсем доброжелательно. Несмотря на его болыной положительный опыт работы на селе и рекомендацию обкома партии, пленум райкома партии с болыним дебатом избрал первым секретарем, считая его очередным пришельцем со стороны. Но очень скоро Степан Николаевич стал не только уважаемым руководителем, но буквально любимцем, непререкаемым авторитетом не только у актива, но и всего населения района. Это чувство особенно ярко проявилось, когда Степан Николаевич тяжело заболел. Он перенес хирургическую операцию и лежал с болыним послеоперационным осложнением в районной больнице. За его здоровье переживал весь партийно-хозяйственный актив и чуть ли не весь район. Несмотря на то, что сам Степан Николаевич с самого начала болезни лег в районную больницу и, не желая ставить под сомнение работу врачей района, отказался ехать в городскую больницу, актив района, опасаясь за его жизнь, настоял на переводе его в столичную больницу. Этим тогда, действительно, была спасена его жизнь.
В период работы С. Н. Платонова в Намцах я неоднократно бывала в зтом районе, участвовала на различных совещаниях, собраниях, на которых выступал Степан Николаевич. В страдную сенокосную пору однажды ездила с ним целый день по сенокосным бригадам и невольно, наблюдая за повседневной работой Степана Николаевича, я поняла, что его уважают и любят в районе. Особенность его заключалась в том, что он одинаково уважительно и тепло общался с рабочими и специалистами сов- хозов, руководителями хозяйств, независимо от того, молодой или умудренный жизнью человек, женщина или мужчина. Он не ограничивался общением только с руководителями хозяйств и ведущими специалистами, а собирал, например, всех коневодов района, проводил совещание и советовался с ними, разбирался в недостатках и достижениях зтой отрасли сельского хозяйства. И так практиковалось по другим отраслям производства. В болынинстве своем он знал по имени-отчеству всех тех, с кем общался, к кому обращался на совещаниях, собраниях и в личной беседе. Ему был чужд начальствующий тон. Даже, замечая недостатки в работе, он скорее пользовался богатым юмором, которым владел в совершенстве, чем назиданием.
Степан Николаевич мог терпеливо и доходчиво разъяснять каждому сенокосчику о значении протеина и каротина, наиболее сконцентрированных в корневой части травы, почему нельзя оставлять высокую стерню и т. д. Он умел сказать доброе слово каждому человеку, поддержать, ободрить, когда получалось не так, как надо в работе и в минуты личных трудностей.
Платонов обладал редким трудолюбием, ясным умом, глубоким пониманием жизни, легким, вселяющим радость собеседнику, характером. Как депутат Верхозного Совета республики очень ответственно относился к своим депутатским полномочиям. Его доклады и выступления на сессиях всегда имели глубо- кое содержание, новизну и перспективность. Все это породило болыной авторитет Степана Николаевича среди республиканско- го актива, среди всех, кто его знал.
По воспоминаниям управделами Совета Министров ЯАССР Т. Д. Аржакова, последние годы Степан Николаевич углубленно занимался в области животноводства, вел научные изыскания в хозяйствах Намского района. Этой работе посвящал почти все выходные дни и отпускное время. Надо полагать, что с уходом из жизни С. Н. Платонова погиб и будущий большой ученый.
Итак, жизнь и деятельность Степана Николаевича Платонова, крупного специалиста-организатора в области сельского хозяйства, государственного и общественного деятеля, вошла в историю республики и оставила болыной светлый след.
Платонов Степан Николаевич. Воспоминания. Ахтыылар /[составитель: П. И. Докторов].- Якутск: Сахаполиграфиздат, 1996.- С. 28-32; С. 80-82.
Библиография
С. Н. Платонов суруйуулара.
Платонов, Степан Николаевич. Нагул и откорм скота в Якутии. – Якутск : Книжное издательство, 1976. – 72 с. : ил.
***
Платонов, С. Все силы – на заготовку кормов / С. Платонов // Социалистическая Якутия. – 1971. – 31 июля.
Платонов, С. Животноводческий комплекс столицы республики / С. Платонов // Социалистическая Якутия. – 1971. – 27 февр.
Платонов, С. Кровное дело каждого: [об охране природы] / С. Платонов // Социалистическая Якутия. – 1974. – 21 мая.
Платонов, С., Романов, П. Задержка роста молодняка и ее компенсация / П. Романов, С Платонов // Земля сибирская, дальневосточная. – 1974. – № 2. – С. 36-37.
***
Платонов, С. Н. Хаһаайыстыбаннай сыл сорох түмүктэрэ уонна биһиги инники соруктарбыт : [Үөһээ Бүлүү оройуонун тыатын хаһаайыстыбатын үлэтин 1956 сыллааҕы түмүктэрэ] / С. Платонов // Коммунизм суолунан. – 1956. – Ахсынньы 11 күнэ. – С. 1.
Платонов, С. Идэтийии – маастарстыбаны сытыылааһын. / С. Платонов // Кыым. – 1971. – Кулун тутар 11 күнэ.
Платонов, С. Сүөһүнү мэччирэҥҥэ төлөһүтүү – эти элбэтии төрүт боппуруоһа / С. Платонов // Кыым. – 1973. – Ыам ыйын 6 күнэ.
Платонов, С. Хас биирдиибит дьыалата: [экология туһунан санаалар] / С. Платонов // Кыым . – 1974. – Ыам ыйын 8 к.
С. Н. Платонов олоҕун уонна үлэтин туһунан.
***
Платонов Степан Николаевич : Воспоминания. Ахтыылар / редакционная коллегия: Тобуроков Н. Н., доктор филологических наук, профессор, Герасимов Н. А., писатель, Архипов А. С., журналист, Корякин К. К. ; составитель Докторов П. И., кандидат экономических наук. – Якутск : Сахаполиграфиздат, 1996. – 176 с. : ил.
Докторов, Петр Иванович (кандидат экономических наук). О товарищах-друзьях… : (воспоминания, статьи, очерки) / П.И. Докторов ; отв. ред.: К.Д. Уткин, Я.Т. Васильев. – Якутск : Изд-во ЯГУ, 2002. – 216, [1] с., портр. : фот.
На С. 31-35 о С. Н. Платонове.
Намский улус : история, культура, фольклор /Администрация муницип. образования “Нам. улус”, Ин-т гуманитар. исслед. и проблем малочисл. народов Севера СО РАН ; [сост.: А. Д. Бугаева, М. С. Игнатьева, И. З. Кривошапкин ; отв. ред., авт.предисл. В. Н. Иванов, д.и.н., проф.]. – Якутск : Бичик, 2010. – 495 с., [12] л. ил. : ил., портр.
На С. 372-373 о С. Н. Платонове.
***
Ороһуунускай, Уйбаан. Туобуйа Геройдара : документальнай ахтыылар /Уйбаан Ороһуунускай ; Саха Респ. Суруйааччыларын Союһа. – Покровскай : [и. с.], 1995. – 66, [1] с. : ил.
Үөһээ Бүлүү: Бэҕэһээ. Бүгүн. Сарсын / Хомуйан оҥордо П.И. Докторов ; Кылаабынай ред. Ф.С. Тумусов. – Дьокуускай : Кудук, 2001. – 289 с. : фот.
На С. 31-32 о С. Н. Платонове.
Горохов, Семен Николаевич. Оһорсун : [очеркалар] / Горохов С. Н. – Дьокуускай : Бичик, 2006. – 110, [1] с. : ил.
На С. 61-65 о С. Н. Платонове.
Ини-бии Платоновтар – талааннаах салайааччылар / М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федер.ун-т, Хотугу сир приклад. Экологиятын науч.-чинчийэр ин-та, Саха Респ. Наукатын акад. ; [хомуйан оҥорооччу-авт. Саввинов Д. Д.].- Дьокуускай : Сайдам, 2016. – 109, [2] с. : ил., портр.
Корякин, Климент Кириллович. Ахтан-санаан аастахха / К. К. Корякин. – Дьокуускай : Бичик, 2017. – 157, [2] с. : цв. ил., фотогр.
На С. 34-40 о С. Н. Платонове.
***
С. Н. Платонов. Некролог: [Зам. Пред. Совета Министров Якут. АССР] // Социалистическая Якутия. – 1975. – 19 августа; Кыым. – 1975. – Атырдьах ыйын 19 күнэ.
***
Яковлев, Николай Никитич. Саха норуотун чаҕылхай уола // Кыым. – 1996. – Кулун тутар 13 к. – С. 3.
Федосеев, Е. Кэрэ да киһи эбит этэ // Чолбон. – 1997. – №1. – С. 85.
Местников, Егор. Саха норуотун чаҕылхай уола // Саха ыала (прил. к газ. “Саха сирэ”). – 2006. – Балаҕан ыйын 22 к. – С. 2.
Сидоров, И. С. Н. Платонов төрөөбүтэ 80 сылыгар // Үөһээ Бүлүү. – 2006. – Сэтинньи 17 күнэ.
Шологонов, А. Олохпор кинилиин алтыспытым // Үөһээ Бүлүү. – 2006. – От ыйын 14 күнэ. –С. 8-13.
Сидоров, И. Сэмэй, боростуой майгытын сүтэрбэтэҕэ // Үөһээ Бүлүү. – 2011. – Бэс ыйын 7 к.
Николаев, Николай Степанович (канд. ист. наук). Саха саарына Степан Платонов : [Саха АССР судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан] / Николай Николаев // Үөһээ Бүлүү. – 2026. – От ыйын 24 күнэ (N 28). – С. 10.- От ыйын 31 күнэ (N 29).- С. 10.
Львова, С. Степан Платонов – киһи кэрэмэһэ,салайааччы сатабыллааҕа этэ : [Саха АССР биир улахан судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэлин 100 сааһыгар анаан] / Сайаана Львова // Үөһээ Бүлүү. – 2026. – Бэс ыйын 26 күнэ (N 24). – С. 11.

С. Н. Платонов дьиэ кэргэнин кытта. Хаҥастан уҥа тураллар: улахан кыыһа Надя, уола Павел. Олороллор: кэргэнэ Тамара Павловна, кыра кыыһа Лиза

С. Н. Платонов Саха Республикатын кэнэҕэски бастакы президенин М. Е. Николаевы кытта

Үөрэппит учууталын, экономическай наука кандидатын П. И. Докторовы кытта

С. Н. Платонов төрөөбүтэ 70 сылыгар тэрээһин

У. Ороһуунускай оскуолаҕа көрсүһүү кэмигэр

С. Н. Платонов улахан кыыһа Платонова Н. С.

С. Н. Платонов уола Платонов П. С.

С. Н. Платонов кыра кыыһа Платонова Е. С.

Бииргэ үлэлээбит үөлээннээҕэ Филиппов Е. Г.

Атаһа, доҕоро Лазарев И. В.

Бииргэ үөрэммит үөлээннээҕэ Кардашевская А. И.