Главная / Викторины / “Саха норуотун суруйааччыта Семен Титович Руфов олоҕун, айымньыларын төһө билэҕин?” тест-викторина

“Саха норуотун суруйааччыта Семен Титович Руфов олоҕун, айымньыларын төһө билэҕин?” тест-викторина

Семен Титович И. Арбита үтүө аатын төннөрүүгэ күүскэ үлэлэспитэ. Репрессия хабар тыыныгар түбэһэн, айар аартыга сабыллыбыт “ааттаах поэт” Иван Арбита айымньыларын бэрийэн, хос быһаарыылаан, 1993 с “Муҥурданыы” уонна “Көмүс күрүлгэн” диэн кинигэлэри таһаартарбыта. Маны сэргэ учуутал, поэт А. Н. Николаев айымньытын хомуйан, редакциялаан таһаарбыта.

Саха народнай суруйааччыта, поэт, прозаик, тылбаасчыт,  ССРС суруйааччыларын союһун чилиэнэ, СР уонна РФ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Эрилик Эристиин аатынан литературнай, Иван Арбита аатынан, Казахстан Республикатын Суруйааччыларын союһун “Алаш” литературнай бириэмийэлэрин, Бүтүн Чувашиятааҕы И.Яковлев аатынан Национальнай бириэмийэ, журналистикаҕа СР Государственнай Мунньаҕын (Ил Түмэн) А.П. Илларионов аатынан бириэмийэлэр лауреаттара Семен Титович Руфов Үөһээ Бүлүү улууһугар төрөөбүтэ. Кини 26 араас омук 92 улахан поэттарыттан уонча поэманы, 300-чэкэ хоһоону тылбастаабыта.  Ордук улахан үлэлэринэн Вильям Шекспир 154 сонета, Константин Иванов “Нариспии” уонна Шота Руставели поэмалара буолаллар.

Загрузка…

Кыттыбытын иһин туоһу суругу мантан ыл