Борисов Семен Михайлович – Ыттааныккы

1887-1952 гг.

Борисов Семен Михайлович Үөһээ Бүлүү оройуонун Ороһу нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ветсанитар, сүөһүнү эмтиир этэ, бултуура. Кэргэнэ Борисова Домна, үс уоллаах, биир кыыстаах, сиэннэрдээх.

Биэчэрэ оҕонньор олоҥхотун истэн уһуйуллубут уонна бэйэтэ айылҕаттан талааннаах буолан 14 саастааҕыттан олоҥхолуур буолбут. Намыын куоластаах дьиэрэтэн ыллыыра.

Өлүөхүмэҕэ, Алдаҥҥа, Бодойбоҕо сылдьан олоҥхолуура.  Суоһалдьыйа Толбоннооҕу ыллыыра үһү. «Эрбэхтэй Бэргэн», «Кулун Куллустуур» олоҥхолору толороро.

(Улахан уола Борисов Василий Семенович суруйуута, И.Е.Давыдов хомуйуута)