МКУ "ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА"

РАЗДЕЛЫ

Суханов Федор Иннокентьевич

1892-1947 гг.

Үөһээ Бүлүү улууһун Быракаан (билиҥҥитэ Өргүөт) нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Колхуостаах, булчут. Кэргэнэ Суханова Акулина Иннокентьевна, оҕолоро : Василий, Петр (сэриигэ өлбүтэ), Филип (хаһыат үлэһитэ), сиэннэрдээх.

25 сааһыттан олоҥхону толорор. Ороһу олохтооҕо Биэчэрэттэн үөрэммит. Үчүгэй олоҥхоһут диэн сыаналыыллара. Ыалларга, ыһыахтарга олоҥхолуурун дьон батыһа сылдьан истэрэ. Уус тыллаах, иҥнигэһэ суохтук этэрэ, куолаһа дьирилэс, суон буолара. Кини айыы бухатыырын, абааһы уолун, удаҕан, айыы кыргыттаран ырыаларын бэйэлэрин бодолоругар оруобуна сөп түбэһиннэрэн биэрэрэ.

Үөһээ Бүлүүгэ ыаллыы нэһилиэктэргэ, Бүлүүгэ, Аанньаахха бэдэрээт көтөҕө сылдьан, 1939 сыллаахха Дьокуускайга олоҥхоһуттар көрсүһүүлэригэр олоҥхолообута..

Араас тойуктары толороро. «Байанай алгыһа» хаста да толорбутун өйдүүбүн.

Олоҥхолоро: «Аҕыс атахтаах аалай маҥан атыыр сылгы көлөлөөх Алла-Дулла бухатыыр», «Сиэр кугас аттаах Эрчимэн бухатыыр», «Кулун Куллустуур бухатыыр», барыта 6-7 тиийэ олоҥхолооҕо үһү.

(Суханов Филипп Федорович суруйуута, И.Е. Давыдов архыыба).