Тарагаев Василий Данилович – Иэчэҥээ

1877-1959 гг.

Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик (Чап) нэһилэгэр төрөөбүтэ. Кэргэннэммэтэх.

12 саастааҕыттан олоҥхону олоҥхолообут.  Олоҥхоҕо таайыттан Ньурба Үөдэйин киһитэ Ырыа Сэҥийэттэн (Егор) үөрэммит.

Олоҥхотунан улаханнык хайҕаммыт, биһирэммит. Бүлүү оройуоннарыгар, Бодойбоҕо, Мохтуйаҕа, Өлүөхүмэҕэ олоҥхолообут. Айылҕаттан артыыс, үҥкүү этээччи, былыргы алгыстары, тойуктары толорооччу, чабырҕахсыт.

Олоҥхолоро : «Уол Өлүөхүмэ бухатыыр», «Уордаах Хаҥыл аттаах Улуу Даарын бухатыыр», «Уол оҕо Тулаайах», онтон да атын 5-6 олоҥхолоох.

(Илья Давыдов суруйуута).