МКУ "ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА"

РАЗДЕЛЫ

Жендринский Иван Михайлович – Быччыкы уола

1928.24.04. – ?

Үөһээ Бүлүү оройуонун Нам нэһилиэгэр (Балаҕаннаах) төрөөбүтэ.

Кэргэнэ Николаева Мария Николаевна, оҕолоро : Александр, Миша, Коля, Иван.

15-16 саастааҕыттан олоҥхолуур буолбута. Кыратыттан  Борисов Сэмэн (Ыттанык Уола), Кысылбаиков Дабыыт, Дьячковскай Афанасий (Отоһут Оппуонньа) олоҥхолорун истибитэ.

Симиктик саҕалаан баран хойут кэҥиирэ. Төрөөбүт нэһилиэгэр уонна Бүлүү куоратыгар, нэһилиэктэригэр олоҥхолообута. Бэйэтэ айан кыра ырыалары ыллыыра, үҥкүү тылын этэрэ.

Олоҥхолоро: «Төбө Төрүөт бухатыыр», «Охсуһуулаах өлөрсүүлэх Очуос Бэргэн» онтон да атын.

(И.Е.Давыдов архыыба)