1924 с. олунньу 18 күнүгэр Саха суругун-бичигин Сэбиэтэ үөскээбит. Бэрэстээтэл – Исиидэр Бараахап

1924 олунньу 18 күнүгэр— Саха сиринээҕи Толоруулаах киин кэмитиэт (ЯЦИК) уурааҕынан Саха суругун-бичигин сүбэтэ үөскээбит. Сүбэ билимҥэ олоҕуран сахалыы транскрипцияны оҥоруунан дьарыктаммыт. Бэрэстээтэл — Исидор Барахов, сэкирэтээр — Алексей Бояров. Биир сылынан бу сүбэ ууратыллыбыт, кини аналлаах үлэтэ “Саха кэскилэ” уопсастыба тыл үөрэҕин сиэксийэтигэр көспүт. (Сахалыы бикипиэдьийэ)

Саха сиринээҕи Толоруулаах киин кэмитиэт чилиэннэрэ

Сэбиэскэй былаас туругурбутун кэннэ национальнай култуура сайдарыгар усулуобуйа үөскээбитэ. Бу кэмҥэ саха тылын литературатын оҥорууга сүүнэ элбэх үлэ ыытыллыбыта.

Алфавит боппуруоһа.1917 сыллаахха С.А.Новгородов нуучча графикатыгар олоҕурбут суругун-бичигин кинигэтэ тахсыбыта.. Бу графика 20-с сыллар бүтүөхтэригэр диэри үлэлээбитэ. Онтон латинскай графика киирбитэ. 1939 сыллаахха бу графика билиҥҥи алфавитынан солбуллубута. 1939 сылга диэри, ол аата билиҥҥи алфавикка киириэхпитигэр диэри нуучча тылыттан киирии тылы сахалыы этии нуорматыгар сөп түбэһиннэрэн суруллара: холобур, бөрүө – перо буолбатах, холкуос – колхоз буолбатах.

Дьыала-куолу тыла. 1924 сыллаахха дьыала-куолу тылын сахатытыы туһунан уураах тахсыбыта. 20-с сыллар бүтүүлэригэр олохтоох тэрилтэлэр дьыалалара-куолулара сахалыы толоруллар буолбуттара. Государственнай аппараты сахатытыы боппуруоһа турбута.

Саха тылын нуучча тыллаах дьоҥҥо үөрэтии. 1929 сыллаахха правительство государственнай органнар бары дьыаланы-куолуну сахалыы-нууччалыы ыытыахтаахтар диэн дьаһала кыайан туолбатаҕа. Тоҕо диэтэххэ нуучча тыллаах үлэһиттэр сахалыы кыайан билбэт этилэр. 1930 сыллаахха правительство саха тылын үөрэтиигэ анаан 27000 солкуобайы биэрбитэ. 26 курс аһыллыбыта, онно 835 киһи сахалыы саҥарарга-суруйарга үөрэммитэ.

Оскуоланы сахатытыы. 1920/21 үөрэх сылыгар Бүлүү уокуругар саха тыла булгуччу предмет быһыытынан киирбитэ. 1922 сыллаахха маҥнайгы кылааска саха оҕолоро төрөөбүт тылларынан үөрэнэллэрин туһунан уураах тахсыбыта. 1931 сыллаахха оскуоланы төрүттүтүү (коренизация), ол аата сахатытыы былаана ылыллыбыта: 1932/33 үөрэх сылыгар кыра кылаастар, 1933/31 үөрэх сылыгар сэттэ кылааска диэри, 1934/35 үөрэх сылыгар техникумнар сахалыы үөрэниэхтээхтэрэ.

“Ааҕар кинигэ“

1929-1932 сылларга үөрэх кинигэтин 74 көрүҥэ 352000 экземплярынан сахалыы тылбаастанан бэчээттэнэн тахсыбыта, 1932-1936 сылларга үөрэх кинигэтин 98 көрүҥэ 624900 ахсаанынан тылбаастанан бэчээттэммитэ. Биир оҕоҕо ортотунан 12 кинигэ тиксэр буолбута. Онон 7 кылааска диэри сахалыы үөрэтии олохсуйбута.

Таба суруйуу боппуруоһа. С.А.Новгородов “Суругар-бичигэр” “Хайдах саҥараҕын да ол курдук суруй” диэн быраабыланы олохтообута. Ол гынан баран сотору буолан баран араастык этиллэр тыллар элбэхтэрэ биллибитэ. Ордук нууччаттан киирии тылы суруйууга элбэх мөккуөр үөскуүрэ. 1924 сыллаахха анал комиссия нууччаттан киирии тыллары нууччалыы этиллэригэр чугас гына суруйарга этии киллэрбитэ. Ол гынан баран итини оччолорго утарбыттара, сахалыы саҥалыы нуорматын кэһэр сатаммат диэн санаа баһыйбыта.

Термин боппуруоһа. Үөрэх уонна дьыала-куолу сахалыы ыытыллар буолуохтарыттан терминнэргэ болҕомто күүһүрбүтэ. 1924 сыллаахха саха суругун сүбэтэ норуокка ыҥырыы таһаарбыта: I) нуучча уонна атын омук терминнэрин, саха өйдүүр буоллаҕына, туһанарга; 2) кыаллар буоллаҕына нуучча тылын сахалыы тылбаастыырга.

1925 сыллаахха тылбаас комиссията тэрилтэлэр уонна дуоһунастар ааттарын – 225 термини – сахалыы тылбаастаабыта. Уопсайынан бу кэмнэргэ үтүмэн элбэх сахалыы термин үөскээбитэ.

Тыл статуһа. Бу барбыт балысхан сайдыы сокуоннай төрүттээх этэ. 1926 сыллааҕы конституцияҕа саха тыла нуучча тылын кытта бииргэ государственнай буолбута.

Төрөөбут тылы олох бары эйгэтигэр туһанар иһин төрүттүтүү диэн политика үөскээбитэ.

Үөһээ Бүлүүтээҕи киин бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр салаатын матырыйааллара туһалыннылар