Улуу Кыайыы 25 сылыгар «Тыыннаахтар умнубат сыллара» ырыа тыла уонна нотата «Коммунизм сардаҥата» хаьыат ыам ыйын 9 күнүнээҕи нүөмэригэр аан бастаан тахсыбыта.
бэс ыйын 26 күнүгэр республиканскай телевизионнай фестивальга «Тыыннаахтар умнубат сыллара» ырыаны толорон хор коллектива II степеннээх дипломунан наҕараадаламмыта.
Үөһээ Бүлүү типографиятыгар мелодист Георгий Максимович Никифоров бэлэмнээн таһаартарбыт «Үөрүү кыыма» диэн репертуарнай кинигэтигэр «Тыыннаахтар умнубат сыллара» ырыа тыла уонна нотата бэчээттэммитэ.
тохсунньу 28 к. Иркутскай куоракка Илин Сибиир зонатын уус-уран самодеятельноһын көрүүтүгэр Анна Петровна Дмитриева «Тыыннаахтар умнубат сыллара» ырыаны толорон лауреат буолбута.
бэс ыйын 21 к. ыччат V-c республиканскай фестивалыгар «Тыыннаахтар умнубат сыллара» ырыаны Горнай оройуонун ырыаһыт кыыһа Раиса Семенова ситиһиилээхтик толорон хайҕаммыта.
муус устар 13, 14, 15 кк. Дьокуускай куоракка «Якутскай-1978» диэн советскай ырыаларга бастыҥ толорооччулар конкурстарыгар Анна Петровна Дмитриева «Тыыннаахтар умнубат сыллара» ырыаны толорон конкурс дипломана буолбута.
алтынньы 15 к. «Тыыннаахтар умнубат сыллара» ырыа Бүтүн Союзтааҕы фондаҕа ылыллыбыта.
Саха сиринээҕи кинигэ издательствота «Ыччат ырыата» диэн улахан хомуурунньукка «Тыыннаахтар умнубат сыллара» ырыа тыла уонна нотата бэчээттэммитэ.
Лениградка Бүтүн Союзтааҕы мелодия фирма «Ырыа ыһыаҕа» диэн ааттаан элбэх сахалыы ырыалардаах грампластинкаҕа Анна Петровна Дмитриева толоруутугар «Тыыннаахтар умнубат сыллара» ырыа киирбитэ.
Улуу Кыайыы 40 сылыгар ыам ыйын 9 күнүгэр поэт Петр Одорусов, самодеятельнай композитор Николай Бойлохов «Тыыннаахтар умнубат сыллара» ырыаларын иһин ССРС Композитордарын Союһун Дипломунан наҕаарадаламмыта.
ырыаны Волгоградка Мамаев кургаҥҥа ыллаталлара.
ырыа сүүрбэһис үйэ сүүс чулуу ырыаларын ахсааныгар киирбитэ.
ырыаны Россия үтүөлээх, Саха Республикатын народнай артыыһа Александр Парфеньевич Самсонов бэйэтин патриотическай ырыаларын репертуарыгар киллэрэн ыллаабыта.