Таҥха

Кырдьаҕастар “таҥха” күннэрин христианскай итэҕэли кытта сибээстиллэр. Былыр этэллэр этэ, “сүллүкүттэр” диэн уу абааһылара тохсунньу ыйга орто дойдуга тахсаллар. Маҥнай “балаҕан хайааччылара” диэн, ол кэнниттэн тохсунньу 13 күнүгэр оҕолоро-уруулара, дьахталлар, эр дьоннор, кырдьаҕастар тахсаллар. Оттон сүллүкүттэр төттөрү ойбонноругар тохсунньу ый 19 түүнүгэр киирэллэр.

Сүллүкүттэри тоҕо абааһы дии саныылларый?

Кинилэр айыы дьонун арсаастаан моһуоктуохтарын сөп. Ол иһин саха дьоно балаҕаннарын ааныгар, сылгы хараҕын оҥоон ылан, олоччу сыһыаран тоҥорон кэбиһэллэрэ. Оттон дьиэлэрин түннүктэрин тас өттүгэр, тэлгэһэ бүтэйин аанын баҕаналарыгар тымтыгынан кириэс оҥорон уураллара.

Таҥха күн сылгылаах дьон сылгы төбөтүн эттээн сииллэр.

Ол аата, таҥха күннэригэр абааһылартан көмүскэнэн сыалаах эти сиэбэттэр эбит.

Ону таһынан биилээҕи, уһуктааҕы кистээн түгэх сиргэ уураллара.

Таҥха оонньуулара

Тохсунньу ыйга “таҥха ооннууларын” ыыталлара. Онно киирэллэр:

Этэрбэс хаамтарыыта

Балаҕан аанын утары ортоку оронтон этэрбэһи ааҥҥа диэри хаамтараллар. Ол аата этэрбэс тумсун эбэтэр тилэҕин ортотуттан тутан, тилэх уһаты кээмэйинэн мээрэйдээн эргитэн, тилэҕин эбэтэр тумсун солбуһуннарыы уурталаан, көнөтүк аан боруогар диэри тиийэллэр. Этэрбэс боруокка тумсунан тиийдэҕинэ, кэтэр киһитэсотору кэминэн ыалдьыан, эбэтэр кыһалҕаланыан сөп, оттон тилэҕинэн тигистэҕинэ – өлүөр хаалар.

Бүргэс сүүрдуутэ

Остуолга чох хоруотунан кыра уонна улахан икки төгүрүгү уруһуйдууллар. Аччыгыйа – “күн”, улахана – “дьиэ”. Улахан төгүрүк таһыттан сир түөрт туһаайыытыгар сөп түбэһиннэрэн сурааһыннары тардаллар. Онтон уһун сапка бүргэһи баайаллар, сыҥаах баттаналлар, тоҕонохторун остуолга уураллар уонна ылгын чыкыйа тарбахтарынан сүүстэрин өйөөн олорон алгыыллар: “Сүллүкүн, аан дойду аһаҕас тыына, күөх далайбыт иччитэ… Иннэм, иннэм, бүргэһим, бүргэһим, көрбүөччү буолаҥҥын, төлкөбүн түстүү көрөн кулу! Мин бигэ тылым чахчы бааччы эйигин дууһалаах оҥордун! Кими да истибэппин, кими да санаабаппын, таҕҥараны да санаабаппын, эйигин эрэ истэрдии кулгаах-харах буоллум”. Бүтэһигэр ким дьылҕатын туһунан истиэхтэрин баҕаралларын аатын-суолун ааттаан биэрэллэр. Ити курдук балачча олорбуттарын кэннэ, тэйэгэҥнии турар бүргэстэрэ илибирээн-салыбыран барар, тиһэх уһугар чаһы маятнигын курдук уҥа-хаҕас охсуллар. Бүргэс хамсыыр хайысхата уларыйбакка, чоҕунан тардыбыт түөрт сурааһыннарыттан биирдэстэригэр түстэҕинэ, ааттаммыт киһи дьылҕата ыйыллар. Холобур, дьол, дьоло суох буолуу, баай-дуол, өлүү-сүтүү уо.д.а. Бүргэс киһиэхэ барытыгар хамсаабат, сорохтор ону көһүтэн өр да өр олороллор.

Бүлүүһэ сүүрдүүтэ

Бүлүүһэ сүүрдэн бэйэтин олоҕун-дьаһаҕын, дьылҕатын сэрэбиэйдэнэр киһи балачча элбэх. Бу сэрэбиэй кумааҕыга төгүрүтүллүбүт ии тула алпаабыт буукубаларын уонна уоҥҥа диэри сыыппаралары суруйан баран, умса ууруллубут эргэ, ойуута суох бүлүүһэни тарбахтарын төбөтүнэн бигии сылдьан тугу билиэхтэрин баҕаралларын кэпсэтэллэр. Бүлүүһэ тас өттүн кырыытыгар, чүмэчи төлөнүгэр хоруордан, ыйыньык буукубаларга тиийэн тохтоон, онтон тылы үөскэтэн, билгэлэри суругунан таһааран дьоҥҥо тиэрдэр. Эн маннык биттэниини дьиҥнээхтик итэҕэйэр эрэ буоллаххына оонньуохтааххын. Оттон итэҕэйбэт буоллаххына, бүлүүһэ “кэпсээбэт”. Манныгынан билгэлэнэн бэрт ыар санааҕа ылларбыт, онтон сибээстээн ыалдьыбыт-сүппүт, куһаҕаҥҥа да тиийбит, эбэтэр үөрбүт-көппүт, өоөгөйдөөбүт да дьон баар үһү.

Сэргэни миинии

Бүргэһи атаҕар шпора курдук кэтэн баран, киһи түүн дьиэттэн кэннинэн хааман тахсар уонна сэргэҕэ кэлэн көхсүнэн сыстан, илиитинэн күүһан туран кэнэҕэс кинини туох күүтэрин туһунан: “Тойон моймор сэргэ! Кэриэс тылгын кэпсээ, аман өскүн амалый!” – диэн көрдөһөр уонна атаҕынан тирэнэн сэргэни миинэр. Оччоҕо сэрэг дьигиһийэн, хамсаан киирэн барар. Киһи илиититтэн төлө мөхсө сылдьар сордоҥу туппут курдук буолар. Кини ити кэмҥэ илиитин ыытыа суохтаах, тирэнэн туруохтаах. Оччоҕо сэргэ кэпсээнини саҕалыыр. Кыайан тутуһан турбатах киһи тугу да истибэт.

Ойбону иһиллээһин

Дьон хас да буолан түүн ойбоҥҥо тиийэллэр уонна суорҕанынан бүрүнэн саҥата суох сүллүкүннэр кэпсэтэллэрин истээри кэтэһэн олороллор. Кинилэр хаһыытыа, кэпсэтиэ суохтаахтар. Сүллүкүннэр ханнык эмэ киһини талан оройго охсо-охсо, үүммүт саҥа сылга киһи-сүөһү, ыал хайдах-туох буолуохтаахтарын этэллэр.

Окко саһан олорон сылгылар кэпсэтиилэрин иһиллээһин

Киһи рэдэттэн окко киирэн саһар. Түүн ол сир аттыгар икки аты аһата баайаллар. Кинилэр биир ийэттэн төрөөбүт атыырдар эбэтэр биирэ хаһаайын киэнэ, иккиһэ айан сылгыта буолуохтаахтар. Сылгылар бастаан кинилэр кэпсэтиилэрин истиэн сөптөөх киһини кырыыллар. Онтон киһилии кэпсэтэн бараллар, ол быыһыгар хаһаайыннарын, кинилэр чугастааҕыларын дьылҕатын билгэлииллэр. Саспыт киһи баарын биллэриэ суохтаах.

Бу оонньуулар тустарынан А.Е. Кулаковскай “Научнай үлэлэр” диэн кинигэтигэр сиһилии суруйан хаалларбыт. Холобур, бүргэһи сүүрдүүгэ өбүгэлэрбит хобордооҕу ылан, ол иһигэр араас суол-иис оҕорон араараллар. Хоту диэки от-мас суола, соҕуруулуу-илин – сылгы айыыта Дьөһөгөй Тойон, оттон арҕаа абааһы суола диэн ааттаах буолаллар.

Билигин да саха дьоно тохсунньу 13-19 күннэригэр бэйэлэрин, дьиэлэрин уоттарын харыстаан, ааннарын, түннүктэрин таһыгар тымтыгынан кириэс оҥорон уураллар, араас таҥха оонньууларын тэрийэн билгэлэнэллэр. Кириэс диэн күн бэлиэтэ. Онтон сүллүкүттэр, абааһылар куттаналлар эбит. Сылгы хараҕын, оҥоон ыланнар, дьиэ аанын үрдүгэр ыйыыллар.