Титов Василий Николаевич
(27.04.1941 – 01.10.1993)
Суруйааччы, прозаик, суруналыыс, СӨ суруйааччыларын союһун чилиэнэ, Россия суруналыыстарын союһун чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, прозаик, суруналыыс
Оо, аар тайҕам,
Улуу, киэҥ далайым –
Мин быыһанар далаһам,
Мин ичээм эмчитим,
Мин ичигэс алаһам,
Мин эстибэт эрэлим!
Василий Николаевич Титов 1941 с. муус устар 27 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Мэйик нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Василий Титов Далыр орто оскуолатын бүтэрэрин саҕана “Оскуола-производство-үрдүк үөрэх” диэн ыҥырыы оччотооҕу ыччаттары түмэ тардар кэмэ этэ. “Трудовой” учаастагар ыччат-комсомольскай биригээдэтин биригэдьиирэ буолбута. Мантан салгыы Ленин аатынан колхоз комсомольскай тэрилтэтин босхоломмут секретарынан талбыттара. Манна үлэлии сырыттаҕына комсомол Саха уобаластааҕы комитета айар дьоҕурдаах диэн “Эдэр коммунист” хаһыат отделын сэбиэдиссэйинэн анаабыта. Кини ылбаҕай тыллаах хоһоонноро, кэпсээннэрэ 1960 сылтан “Эдэр коммунист”, “Кыым” хаһыаттарга, “Хотугу сулус” сурунаалга бэчээттэммиттэрэ.
1965 с. комсомол Амма оройуонунааҕы комитетын 1-кы секретарынан талбыттара. Ыччаттары кытта үлэ эмиэ күөстүү оргуйбута. Аммаҕа сылдьан “Киһиэхэ төрөөбүт дойдута” диэн хомуурунньукка киирбит уочаркаларын суруйбута. Амматтан Хабаровскайдааҕы Үрдүкү партийнай оскуолаҕа үөрэнэн бүтэрбитэ. Үөрэҕин бүтэрэн “Эдэр коммунист”, Уус-Алдаҥҥа “Ленинскэй знамя” хаһыаттарга редакторы солбуйааччынан үлэлээбитэ. 1980 сс. Уус-Алдан “Ленинскэй тэрийээччи” диэн улуустааҕы хаһыат эрэдээктэрэ буолар.
“Эдэр коммунист” хаһыакка редакторы солбуйа сылдьан, журналист мындыр, уустук үлэтигэр уһуйуллубута, айар, суруйар үлэнэн салгыы үлүһүйбүтэ. “Сааскы тэлиилэр”, “Таптал сэргэтэ”, “Киһиэхэ төрөөбүт дойдута” суруллубуттара. “Хомурах туруйата” роман 1-кы кинигэтэ суруллубута.
1982-1986 сс. Дьокуускайга олохсуйан, тыа хаһаайыстыбатын министерствотыгар отдел начальнигынан, 1986-1988 сс. культура министерствотыгар искусство отделын старшай инспекторынан, кэлин “Алаас” хаһыат редакторынан үлэлээбитэ. Саха сирин суруйааччыларын съеһигэр “Аал луук” сурунаал редакторынан анаммыта.
1988 сылтан олоҕун тиһэх күннэригэр дылы экология комитетыгар пресс-киин начальнигынан үлэлээбитэ. Очерка, публицистика жанрыгар күүскэ үлэлээбитэ. Сахабыт сирин эгэлгэ кэрэтин, эҥин бэйэлээх баайын-дуолун баһылааччыларын кытта көрсөрө, кинилэр айымньылаах үлэлэрин, олохторун суруйан, дьон киэҥ билиитигэр таһаарбыта. Айылҕа харыстабылыгар элбэх ыстатыйалары суруйан хаалларбыта.
Бүтэһик “Далаһа уһугар туран санаа” диэн публицистическай ыстатыйата “Саха сирэ” хаһыат хас да нүөмэригэр бэчээттэммитэ. 2006 с. суруйааччы бииргэ үөрэммит үөлээннээҕэ СӨ норуодунай артыыһа Зоя Петровна Багынанова В. Титов төрөөбүтэ 65 сылыгар кини бэчээккэ тахса илик суруйууларыттан таҥан “Уоттаах чыычаахтар” уонна 2014 с. Далыр оскуолата тэриллибитэ 100 сылыгар сөп түбэһиннэрэн В. Титов айымньыларын түмэн, киниэхэ анаммыт ахтыы уонна анабыл хоһоон киирбит “Илгэни эргитээри этиҥнэр этэллэр” кинигэни бэчээттэтэн ааҕааччылары долгуппута, үөрдүбүтэ.
2021 с. Василий Титов төрөөбүтэ 80 сылыгар муус устар 27 күнүгэр Мэйик нэһилиэгин култууратын киинигэр Василий Николаевич Титов үтүө аата иҥэриллибитэ. Бу сыл балаҕан ыйын 11 күнүгэр В. Титов бюһа кулууп тиэргэнигэр турбута (автор скульптор Чоччасов Н.Н.). Кини сүүрбэһис үйэ бастыҥ ырыаларыгар киирбит ырыа буолбут хоһооно “Кэрэҕиттэн бэлэхтээ” СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ М.Т. Данилова мелодията, СӨ народнай артыыһа Р. Я. Захарова ыллаабыта.
Үөһээ Бүлүү Балаҕаннаах нэһилиэгиттэн төрүттээх, Чурапчы улууһун “Саҥа олох” хаһыат кэрэспэндьиэнэ, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ С.А. Жендринскэй 2022 с. “Василий Титов – олох тыйыс тыыннаах кырдьыга” кинигэни бэчээттэппитэ.
Суруйааччы Василий Титов төрөөбүтэ 80 сылыгар
Суруйааччылар сойуустарын норуоттар икки ардыларынааҕы түмсүүтүн, СӨ суруйааччыларын уонна Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Василий Николаевич Титов 1941 с. муус устар 27 к. Үөһээ Бүлүүгэ Мэйик нэһилиэгэр төрөөбүт. 1993 с. алтынньы 1 к. Дьокуускайга сураҕа суох сүппүт.
Ааҕааччы умна быһыытыйан эрдэҕинэ, Саха Республикатын народнай артыыската Зоя Петровна Багынанова суруналыыс Майя Власьевалыын биир дойдулаахтарын «Уоттаах чыычаахтар» диэн бэчээттэммэтэх сэһэнинэн араадьыйа театрыгар уус-уран дьүһүйүүнү туруордулар. Хас да түһүмэхтээх буолан бэрт элбэх киһи иһиттэ. Баһылай Тиитэп диэн хомоҕой хоһоонньут, кэрэ кэпсээнньит, сиэдэрэй сэһэнньит олорон ааспытын тэһэ астарбыттыы ахтан-санаан ыллахтара. Мин эмиэ онтон ырааппатым. Көннөрү ааҕааччы, уус-уран айымньыны сөбүлээччи, кэрэхсээччи, сэҥээрээччи быһыытынан 80-нус, 90-нус сыллар кирбиилэригэр наһаа тахсыылаахтык, хонноҕо аһыллан, уутугар-хаарыгар киирэн суруйан-бичийэн иһэн суорума суолламмытын санаан, бэркэ туорхаһыйан, хараастан сылдьыбыттааҕым. Ол кэмҥэ Зоя Петровна Багынанова: «Эн Баһылай Тиитэби билэр этиҥ дуо, мин кини бэчээттэммэтэх үлэлэрин хомуйан кинигэ оҥорон таһаарарга кэпсэтэ сылдьабын, кыаллыах курдук, эйигиттэн аан тылла суруй диэн көрдөһөөрү гынабын», – диэтэ. Урукку өттүгэр уус-уран кинигэҕэ, аан тыл буолуохтааҕар, кыракый сыанабыл да бооччойбутум суох буолан саллыбытым. Кэтэмэҕэйдээн баран, сөбүлэһэн, холонон көрүөх буолан араҕыстыбыт. Саллаарыйа санаабыт иккис төрүөтүм диэн, Баһылай Тиитэби кытта чугастык бодоруспатаҕым этэ. Кини миигиттэн биэс сыл аҕа саастааҕа. Оҕо сааспытыгар кини тыаҕа, мин оройуон киинигэр этибит, оскуоланы кини Далырга, мин Куорамыкыга бүтэрбиппит. Онон ыкса билсэр, чугас доҕордоһор түгэн суоҕа. Оччотооҕуга айан-сырыы да мөлтөҕө. Арай сааскы каникул кэмигэр сэттэ кылаастаах оскуолалар оройуон киинигэр күрэхтэһэ, куоталаһа түмсэллэрэ. Ырыаҕа-тойукка, спорка, уус-уран оҥоһуктары көрдөрүүгэ. Үрдүкү кылааска үөрэнэ сылдьан комсомол көхтөөх чилиэнэ буолан, араас мунньахтарга кыттар чиэстэммитим. Дьэ, ол кэмнэртэн ыла, чуолаан 1960-1961 сыллардаахтан ыччат бас-көс туттар Баһылай Тиитэп диэн уола баарын истэр да, көрөр да буолбутум. Тоҕотун билбэтим, оччотооҕу оскуола оҕото бары кэриэтэ хоһоон суруйар этэ. Истиэнэ хаһыатын бэйиэттэрэ хас кылаас ахсын бааллара. Онон хоһоон суруйар киһи сонун буолбата, сөҕөр-махтайар санаа киирбэт этэ. Туох эрэ уратылаах, дьиктилээх курдук көрүллүбэтэ. Баһылай Тиитэп үөлээннээхтэрэ Гаврил Угаров, Николай Герасимов, Александр Архипов уонна да атыттар инники сылдьаллара. Баһылай аата «Оскуола – производство – үрдүк үөрэх» диэн хамсааһын саҕаланыаҕыттан дорҕоонноохтук иһиллэр буолбута. Уолдьах ити сылларга дьон-сэргэ сүргэтэ көтөҕүллэн сылдьар кэмэ этэ. 60-с сыллар кирбиилэригэр дойдуга уларытыы-тэлэритии бөҕө буолбута. Ол иһигэр үчүгэй да, куһаҕан да баара буолуо эрээри, оччотооҕу ыччат наар үчүгэй эрэ өттүн көрөрө-ылынара. Партия сөптөөх суолунан сирдээн иһэригэр мунаахсыйыы диэн суоҕа. Ити билиҥҥи кэм киэбинэн «сөп», «сөтөгөй» диэн куолулуубут. Оччотооҕуга партияҕа эрэнии-итэҕэйии муҥура суоҕа. Сырдык ыра, үтүө баҕа үрдүккэ, үчүгэйгэ кынаттыыра, күргүөмнээх үлэҕэ угуйара. Өрө күүрүүгэ төрүөт да элбэх этэ. Юрий Гагарин космоска көтүүтэ, ССКП саҥа программата, «сүүрбэ сылынан коммунизмҥа үктэниэхпит» диэн эрэмньи санаа. Били Софрон Данилов ырыа буолбут хоһоонугар этиллибитинии: «Бу күҥҥэ, бу кэмҥэ ама ким үөрбэккэ-көппөккө сылдьыаҕай?»
Валентина Гаганова бачыымынан коммунистар, комсомолецтар хаалыылаах учаастактарга тахсыталаабыттара. Баһылай Тиитэп, оскуоланы бүтэрээт, 1961 с. бөдөҥсүйбүт Ленин аатынан колхозка ыччат комсомольскай биригээдэтин салайааччытынан тахсар. Туругас-олоругас, сытыы-сыыдам, тыллаах-өстөөх уол комсомол үлэтигэр биллэн-көстөн барбыта. Исидор Барахов аатынан орто оскуола комсомольскай тэрилтэтиттэн Бүлүү оройуонун (икки Бүлүү оройуона холбоһон олороро) райкомун чилиэнэ буоллум. Ити 1962-1963 үөрэх сыла этэ. Күһүөрү сайын Бүлүү куоратыгар көһө сылдьар пленум буолла. Аан бастаан Баһылайы онно чугастан көрбүтүм, билсибитим, санаатын-баҕатын истибитим. Сүрдээх да уолаттар бааллара: Владимир Дорофеев, Фёдор Павлов, Алексей Павлов, Иван Иванов, Василий Руфов, Фёдор Ильинов, Пётр Тосукаев, Баһылай Тиитэп, Диас Сергеев, Александр Архипов, Пётр Михайлов… Кэлин бары кэриэтэ салайар үлэҕэ тахсыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Оччотооҕу комсомол дьоһуннаах оскуола буолбута. Баһылай Тиитэп харахха быраҕыллар уол этэ. Чөкө баҕайытык таҥна, тутта-хапта сылдьара. Сиртэн-буортан тэйэн, чэпчэки баҕайытык дугунан дьулурҕатык хаамар этэ. Баттаҕын наһаа тупсаҕайдык тараанара, өрүү хаалтыстаах буолара. «Киһи киһиттэн үөрэнэр» дииллэрэ сөп. Биир бэйэм, ити уолаттартан 5-7 сыл балыс киһи, кинилэртэн элбэххэ үөрэммитим. Пленумҥа бүтүннүү харах-кулгаах буолан олорорбут. Аатырбыт лектор Еремей Тимофеевич Герасимов партия райкомун секретара этэ. Ыччаты кини такайара. Ити үтүөкэннээх сыллар кэннилэриттэн, маҥнай армияҕа, онтон Ленинградка үөрэнэ сылдьан, Баһылай Тиитэп сураҕын эрэ истэрим. Наар илин эҥээр улуустарга үлэлии сылдьара иһиллэрэ. Мин армияҕа сулууспалаан, Ленинградка аҕыс сыл устата студент, аспирант буолан, онтон түөрт сыл кэриҥэ Горно-Алтайскайга пединститут преподавателэ буолан быралыйа сылдьан баран, 1981 с. Дьокуускайга көһөн кэллим. Кэлээт даҕаны сахалыы кинигэлэри утаппыттыы ааҕан барбытым. Онно «Сааскы тэлиилэр» диэн кэпсээн кинигэтин буллум. Автора Василий Титов диэн буолла. Аҕатын аатынан сирдэтинэн оҕо сааспыттан умсугуйа көрөр Баһылай Тиитэбим, Үөһээ Бүлүү Мэйигин киһитэ буоларын биллим. Кэпсээннэри ааҕаат да сөбүлээтим. Билэр дьоммуттан туоһулаһан, син ону-маны иһиттим-биллим. Аны туран, Баһылай Ньукулаайабыс соторутааҕыта куоракка көһөн киирбит уонна «Госплемобъединение» диэн тэрилтэ таһыгар Маҕанныыр аартыкка тутуллубут КПД дьиэҕэ мин таайбын Герасимов Николай Афанасьевичтааҕы кытта биир подъезка ыаллыы олорор буолан хаалла. Таайым, ветеринарнай быраас, ол «Госплемобъединениеҕа» үлэлиир этэ. Онно истибитим: Баһылай Тиитэп хас эмэ сыл Аммаҕа, Уус-Алдаҥҥа үлэлээбитин; кэлин хаһыат редакторын да быһыытынан, уочаркаһыт-суруналыыс да буолан, республика хаһыаттарыгар, «Хотугу сулус» сурунаалга элбэхтик бэчээттэнэн эрэрин; куоракка көһөн баран, культура министерствотыгар үлэлии-үлэлии айар үлэнэн утумнаахтык дьарыктанан эрэрин. «Сааскы тэлиилэр» Баһылай Тиитэп бастакы кинигэтэ эбит. Манна киирбит кэпсээннэри олус сөбүлээн аахпыт буоламмын, сорох-сорох түгэннэри күн бэҕэһээ курдук өйдүүбүн. «Олох уонна бааһына», «Алаас сибэккилэрэ» кэпсээннэргэ ойууланар быһыыны-майгыны, үлэни-хамнаһы, уолаттар уонна кыргыттар сыһыаннарын чахчы ис-иһиттэн өйдүүр-билэр киһи суруйбута өтө көстөрө. Соня уонна Ньукуус, Кирилэ уонна Лида сыһыаннара туох да эбиитэ-көҕүрэтиитэ, оҥоһуута-тупсарыыта суох хайдах баарынан көрдөрүллүбүтүн сөбүлээбитим. «Сырдык санаа утахтара» кэпсээн долгуппута, уйадыппыта да диэн билиниэх тустаахпын. Биир бэйэм саха прозатыгар туһунан суоллаах-иистээх суруйааччы баар буолбутуттан олус үөрбүтүм, астыммытым, биир дойдулааҕым буоларынан киэн туттубутум. Улахан талаан сибикитин сэрэйбитим. Утуу-субуу кэпсээн, сэһэн кинигэлэрэ, онтон роман курдук бөдөҥ айымньы күн сирин көрбүттэрэ. Бу манна биир бэлиэ түгэни этиэххэ сөп. Ол, Баһылай Тиитэп кэпсээннэрэ, сэһэннэрэ — «Сааскы тэлиилэр», «Таптал сэргэтэ», «Этиллибэтэх кырдьык» — орто уонна улахан саастаах оҕолорго диэн анабыллааҕа. Мин итини үрдүктүк сыаналыыбын. Оҕоҕо, ордук чуолаан чороччу улаатан эрэр оҕолорго, анаан суруйар сүрдээх уустук, улахан эппиэттээх. Өрдөөҕүтэ биир улуу суруйааччы: «Оҕолорго улахан дьоҥҥо суруйар курдук эрээри, өссө үчүгэйдик суруйуллуохтаах», – диэбитэ. Мин Баһылай Тиитэп суруйууларын ааҕа олорон итини санаан кэлэбин. Талаан диэн үлэ түмүгэ. Талаан сылайбакка-элэйбэккэ, күннэри-түүннэри үлэлиир эрэ буоллаххына арыллар. Баһылай Тиитэп талаана төһөнөн таһаарыылаахтык үлэлиир да, соччонон кустук өҥүнүү чаҕылыйан, дьэрэлийэн испитэ мэлдьэҕэ суох. Ону «Хомурах туруйата» диэн икки түһүмэхтээх романа да туоһулуур. Бу роман бастакы түһүмэҕэ 1989 с. бэчээттэммитэ. Миигин анабыла долгуппута: «Кэскилбэр, оҕобор Лираҕа, кэргэммэр, доҕорбор Ираҕа» диэн этэ. Арааһа, киһи өстөөҕөр да баҕарбат ыарахан дьылҕаланыаҕа таайан эбитэ дуу, олус хомоҕойдук, судургу гынан баран иһирэхтик этэн кэбиспит эбит, аны санаатахха. Ырыынакка киирии саҕаланан кинигэни бэчээттэтии уустугуран, үгүс суруйааччы айымньыларын остуол дьааһыгар анньа олорор кэмнэрэ кэлбитэ. Ол да үрдүнэн Баһылай Тиитэп утуу-субуу икки эттээх соҕус кинигэни таһаартарбыта. Бастакыта — «Хомурах туруйата» роман иккис түһүмэҕэ (1993 с.), иккиһэ — «Этиллибэтэх кырдьык» (1994 с.). Бу — кини күнү көрбүт тиһэх айымньылара. Ис хоһооннорунан, проблемаларынан, сэһэргиир ньымаларынан, кэпсиир дьоннорун уратыларын харахха быраҕыллар курдук ойуулуурунан, тылы имитэн-хомутан туһанарынан, тыл дэгэтин дириҥник өйдөөрөнэн сиппит-хоппут маастар суруйбут айымньылара этэ. Олоҕун тиһэх сылларыгар уочарка, публицистика жанрыгар хото үлэлээбит эбит. Сөп ээ. Норуот туруорсуутун аахайбат, кыһалҕатын өйдөөбөт, долгуйуутун аахсыбат буолуох туһа суоҕа. Баһылай Тиитэп түөһүн иһигэр комсомол эрчимнээх сүрэҕэ тэбэрэ. Уочаркаларыгар уутуйан үлэлээбит суруналыыһын идэтэ суруйар тиэмэтин иҥэн-тоҥон үөрэтэригэр, проблеманы сытыытык туруорарыгар, быһаарыллар суолун-ииһин ыйан-кэрдэн биэрэригэр ситэри, толору көстөр дии саныыбын. Хаһыатчыт кыраҕы хараҕын, эрдээх санаатын ханна гыныаҥый?
Уларыта тутуу мунаах-тэнээх сылларыгар публицистикаттан ураты тыл-өс көмөтүнэн хотоойутук дьайар айар үлэ атын көрүҥэ суоҕа. Хас биирдии айар куттаах киһи сүрэҕин бааһын, дууһатын ыарыытын, санаатын баттыгын дьонугар-сэргэтигэр тиэрдэр ньыманы тоҕооһун көрөн талар. Баһылай Тиитэп публицистика көмөтүнэн ийэ айылҕатын көмүскэлигэр кыаҕа тиийэринэн үлэлээбитэ. Бүлүү эбэ сүнньүн олохтоохторун долгуппут «Кратон» диэн аатынан биллибит сир аннынааҕы ядернай дэлби тэптэриилэр тустарынан киһини эрэ барытын долгутар суруйууларын республика хаһыаттарыгар таһаартарбыта. Бу үлэлэригэр сурах хоту буолбакка, «үһү» диэнинэн муҥурдаммакка, миэстэтигэр сылдьан уу хараҕынан көрөн, эт кулгааҕынан истэн, баар быһыыны-майгыны ырыппыта кэрэхсэбиллээх. Эмиэ суруналыыс үтүө үөруйэҕэ диэлийэр. Баһылай Тиитэп айар үлэ умсулҕаныгар куустарбытын, тыл илбиһин иҥэриммитин туоһутунан литература сонунтан сонун жанрдарыгар холонон көрүүтэ буолбута. Холобур, новелла курдук аҕыйах тылынан дириҥ иэйиини этэри эрэйэр уустук көрүҥҥэ үлэлээбит эбит. Аны туран, драма суруйбута билиннэ. Буолаары буолан, түҥ былыргы олохтон ылыллыбыт матырыйаалы туһаммыт. Билигин санаатахха, Баһылай Тиитэп сатаабатах-кыайбатах жанра тылынан суруйууга суох эбит. Бу түгэн саха литературата хайдах курдук ыарахан сүтүктэммитин илэ-чахчы кэрэһилиир диэн быһаччы этэр кыаҕы биэрэр. Суруйааччы тугун-ханныгын айымньылара көрдөрөр.
В. Д. МИХАЙЛОВ,
СГУ профессора, философскай наука доктора.
“Кыым” хаһыат, 2021 сыл, муус устар 8 күнэ, 18-с сирэй.
Библиография
Кинигэлэрэ:
Сааскы тэлиилэр: [кэпсээннэр, очеркалар]. – Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1978. – 88 с.
Таптал сэргэтэ: [кэпсээннэр]. – Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1987. – 127 с.
Хомурах туруйата : [улахан уонна орто саастаах оҕолорга : роман]. – Якутскай :Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1989. – 203 с.
Киһиэхэ төрөөбүт дойдута… – Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1988. – 96 с.
Хомурах туруйата: [роман].- Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1989-1993; 2 ч. – 204 с.; 2 ч. – 160 с.
Этиллибэтэх кырдьык: [сэһэннэр]. – Дьокуускай: Бичик, 1994. – 2000 с.
Уоттаах чыычаахтар : [сэһэн, кэпсээннэр,ахтыылар] / Баһылай Тиитэп ; [хомуйан оҥордо,бэчээккэ бэлэмнээтэ З. П. Багынанова ; худож. Д.П. Дмитриева]. – Дьокуускай : Бичик, 2006. – 285 с.
Илгэни эргитээри этиҥнэр этэллэр: талыллыбыт айымньылар / Баһылай Тиитэп; [хомуйан бэчээккэ бэлэмнээтэ З.П. Багынанова, худож. Д.П. Дмитриева]. – Дьокуускай: “Дани Алмас”, 2014. – 420 с.
В. Н. Титов туһунан:
Василий Титов – олох тыйыс тыыннаах кырдьыга ; [хомуйан оҥордо, бэчээккэ бэлэмнээтэ С. А. Жендринскэй, худож. С.Д. Семенова]. – Чурапчы : “Саҥа олох” эрэдээксийэ, 2022. – 100с
Хаартыскалар

Егоров Николай Леонтьевичтыын

Петр Николаевич Тобуруокап, Николай Гаврилович Золотарев-Якутскай, Василий Николаевич Титов. 1993 сыл

Саха норуодунай суруйааччылара Николай Якутскайы уонна Петр Тобуруокабы кытта көрсүһүүгэ. 1993 сыл

Ааҕааччылардыын көрсүһүү. Николай Афанасьевич Герасимов-Айталын, Гавриил Спиридонович Угаров, В. Н. Титов

Василий Николаевич Титов үтүө аатын үйэтитии
2021 с. Василий Титов төрөөбүтэ 80 сылыгар муус устар 27 күнүгэр Мэйик нэһилиэгин култууратын киинигэр Василий Николаевич Титов үтүө аата иҥэриллибитэ. Бу сыл балаҕан ыйын 11 күнүгэр В. Титов бюһа кулууп тиэргэнигэр турбута (автор скульптор Чоччасов Н.Н.).