
Үөһээ Бүлүү улууһа киэҥ баай устуоруйалаах кырдьаҕас улууһунан биллэр
Бүлүү сахаларыттан дьаһааҕы хомуйарга симиэбийэлэр тутуллубуттара. Үөһээ Бүлүү симиэбийэтэ аан бастаан Бүлүү өрүһүн хаҥас өттүгэр Түүкээн үрэҕэ Бүлүүгэ түһэр биэрэгэр турбута (1934 с.). Үөһээ Бүлүү симиэбийэтэ үс Бүлүү – Үөһээ Бүлүү, Орто Бүлүү, Алын Бүлүү ( Усть Бүлүү) үлэтин-хамнаһын дьаһайар киин буолар.

1876 сыл — Үөһээ Бүлүүгэ маҥнайгы церковной-приходской оскуола арыллыбыта
Саха сирэ революция иннинэ ыраахтааҕылаах Россия саамай хараҥа муннугунан буолара, суруйар уонна ааҕар киһи аҕыйаҕа. Маҥнайгы оскуола Үөһээ Бүлүү улууһугар Куорамыкыга 1876 сыллаахха аһыллыбыта. Бу 12 үөрэнээччилээх биир кылаастаах оскуола этэ. Оскуолаҕа үөрэнэр оҕолорго оскуола дьиэтин иһигэр пансион аһыллыбыт уонна биирдии нэһилиэктэн биир оҕону ылан, пансиоҥҥа олордон, аһатан үөрэттэрэр эбиттэр.