Главная / Видео / “Философ, просветитель, профессор Виктор Данилович Михайлов” кинигэ биһирэмэ

“Философ, просветитель, профессор Виктор Данилович Михайлов” кинигэ биһирэмэ

Сэтинньи 29 күнүгэр күнүс 11 чаастан О.Д. Федорова аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи киин модельнай библиотекаҕа Саха Республикатын билимин үтүөлээх диэйэтэлэ, бөлүһүөк В.Д. Михайловка анаммыт «Философ, просветитель, профессор Виктор Данилович Михайлов» кинигэ биһирэмэ буолан ааста.
Бу күн биир дойдулаахтара, үөлээннээхтэрэ, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит доҕотторо киниэхэ үөрэммит устудьуоннара, чугас аймахтара Виктор Данилович туһунан истиҥник ахтан-санаан аастылар.
Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар улуус салалтатыттан социальнай боппуруоска баҺылыгы солбуйааччы А.М. Уларова, улуус депутаттарын сэбиэтин бэрэсэдээтэлэ Н.Н. Николаев.
Кинигэ сүрэхтэниитигэр кэлбит дьон Виктор Даниловиһы кытта хас биирдиилэрэ чугастык алтыҺан ааспыттарын, кинилэргэ үтүө, эйэҕэс сыҺыаннааҕын туһунан истиҥ ахтыылары оҥордулар.
Түмүккэ Виктор Данилович сөбүлээн ыллыыр “Я люблю тебя, жизнь” ырыатын өрө күүрүүлээхтик ыллаан тарҕастылар.
Виктор Данилович олоҕун, үлэтин сырдатар кинигэ быыстапката дьон сэҥээриитин ылла.